Уокуруктааҕы дьаһалтаҕа Корея делегацията сырытта
Сэтинньи 17 күнүгэр Уокуруктааҕы дьаһалта баһылыгын солбуйааччы, аппараат салайааччыта Руслан Тимофеев Корея Өрөспүүбүлүкэтиттэн кэлбит Чханвон куорат делегациятын кытта көрүстэ. Делегация састаабыгар профессор Но Тхэ Чхоль, «Клауд» Арт-киин бэрэсидьиэнэ Сон Ён Бом, куорат худуоһунньуктарын Ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Пак Ми Ён бааллар. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Көрсүһүүгэ тас сибээскэ уонна СӨ норуоттарын дьыалаларыгар Министиэристибэ салаатын кылаабынай исписэлииһэ Дьулус Павлов, култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга Управление начаалынньыга Индира Ли, Уокуруктааҕы дьаһалта тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар салаатын начаалынньыга Миролюба Киренская кытыннылар.
Руслан Тимофеев бэлиэтээбитинэн, Дьокуускай Чханвон куораты кытта доҕордоһуута өссө 1996 сыллаахха бииргэ үлэлээһин туһунан Сөбүлэһии түһэрсиллибититтэн саҕаламмыт. Кэнники, 2000 сыллаахха, куораттар икки ардыларыгар бырааттыы сыһыан олохтуур туһунан Дуогабар баттаммыт.
«Бэлиэтээн этиэххэ наада, 2021 сылга коронавирус инфекциятын кытта охсуһууга Чханвон куорат биһиэхэ улахан көмөнү оҥорбута – медицинскэй мааска улахан баартыйатын ыыппыта, ол Дьокуускай куорат олохтоохторугар түҥэтиллибитэ», – диэбит Руслан Тимофеев.
Көрсүһүүгэ бырааттыы сибээстэр чэрчилэринэн, Дьокуускай уонна Чханвон официальнай делегациялара кыттыгас тэрээһиннэргэ кытталлара, тиһиктээхтик делегациялары атастаһаллара этилиннэ.
Куорат баһылыгын солбуйааччы Руслан Тимофеев Корея делегациятын эһиилги үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ ыҥырда.
«Эһиил биһиги Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын уонна Дьокуускай куорат 390 сылын бэлиэтиибит. Өйдөбүнньүк дааталар чэрчилэринэн кэккэ тэрээһиннэри уонна кыттыгас бырайыактары былаанныыбыт, итиннэ кыттарга бары бырааттыы куораттарбытын ыҥырабыт. Эһигини олор ортолоругар үөрэ көрсүөхпүт», – диэн эппит Руслан Тимофеев.
Бэйэтин өттүттэн Корея делегацията ураты болҕомтону култуура эйгэтигэр бииргэ үлэлээһиҥҥэ уурарын эттэ. Ол курдук, Чханвон куорат худуоһунньуктарын Ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Пак Ми Ён худуоһунньуктар икки ардыларыгар уопут атастаһыытын тэрийии туһунан этии киллэрдэ уонна Дьокуускай олохтоохторун бэйэтин онлайн-быыстапкатыгар ыҥырда. Быыстапка сэтинньи 18 күнүттэн ахсынньы ый бүтүөр диэри «Сэргэлээх уоттара» Култуура киинигэр туруоҕа.
Билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускай сэттэ тас омук куораттарын кытта бырааттыы сыһыаннаах – Фэрбанкс (Аляска штат, АХШ), Мураяма (Япония), Йеллоунайф (Канада), Чханвон (Корея Өрөспүүбүлүкэтэ), Хэйхэ (Кытай), Харбин (Кытай) уонна Былыргы Олимпия (Греция). Бырааттыы сибээстэри үйэтитэр сыаллаах Уокуруктааҕы дьаһалта таһыгар өйдөбүнньүк стела туруоруллубута.