12.08.2022 | 16:00

Уокурук аайы элбэх буолуон наада

Репортаж
Уокурук аайы элбэх буолуон наада
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Сыл бүтүөр диэри куораппытыгар 75 тупсарыллыбыт тиэргэн, ол иһигэр: 40 – «Мин тиэргэним» өрөспүүбүлүкэтээҕи, 35 – «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырайыактарынан, «Аныгы куорат эйгэтин тэрийии» муниципальнай бырагырааманан 12 воркаут-балаһаакка үлэҕэ киирээри турар.

Онон куораппыт төһө даҕаны биир улахан тутуу балаһааккатын курдук буоллар, олохтоохтор үөрэллэр эрэ. Онно дьиэ, манна суол тутулла турара, онно спортивнай балаһаакка, манна култуурунай тэрээһиннэри ыытар сквер тэриллэрэ – сайдыы, тупсуу бэлиэтэ.
Аҥаардас быйыл, 2022 сылга, Дьокуускайга 12 саҥа воркаут-балаһаакка үлэҕэ киирээри турар. Ол иһигэр Марха, Кангалаас уонна куорат Киин уокуругун олохтоохторо номнуо бастакы балаһааккалары тутан-хабан, кыахтарын холонон, эттэрин-хааннарын эрчийэн ырааттылар. 

Владислава Киин уокурук олохтооҕо. Үлэтин чааһын кэннэ сүүрүүнэн дьарыктанар, таарыйа Набережнайга туруоруллубут саҥа тренажердарга этин-хаанын эрчийэн ааһар үгэстэммит.

– Биллэн турар, биһиги, куорат олохтоохторо, маннык балаһааккалар баар буолалларыттан олус үөрэбит. Тус бэйэм күҥҥэ иккитэ сүүрэбин, онно булгуччу бу балаһааккаҕа таарыйан ааһар идэлэнним. Ол аайы куруук уочарат. Ити аата нэһилиэнньэ сөбүлээбит, туһалааҕынан аахпыт диэн буоллаҕа. Онон куорат салалтата маннык эбийиэктэри сир аайы тутан, киһиэхэ барытыгар тиксэр гына элбэтэн иһиэн наада. Оччоҕо нэһилиэнньэ спортка, чөл олоххо тардыһыыта күүһүрүө, эт-сиин өттүнэн чэгиэн да буолуо этэ. Бу балаһаакка, дьиҥэр, сүүрэргэ табыгаһа суох да буоллар, тобуккар, тоҥолоххор наколенниктаах буоллаххына, сүүрүөххэ сөп.

Ханнык баҕар саҥаны, сонуну, биллэн турар, бастакынан ыччаттар «айааһыыллар». Ньиргиччи дьарыктана сылдьар уолаттарга чугаһаан, санааларын иһиттим.

– Куораппытыгар элбэх киһи сатыы сылдьарын сөбүлүүр. Биһиги эмиэ бу ааһан иһэн саҥа тренажердары боруобалаан көрөргө сананныбыт. Олус бэртээхэй бырайыагы толкуйдаабыттар диэн биһирээтибит. Дьокуускайбыт сыл аайы бу курдук атын куораттартан хаалсыбакка тупсан, сайдан иһэринэн киэн туттабыт. Куорат киинигэр аны чопчу ыччакка аналлаах тренажердары туруоралларын баҕарабыт.

— Манна бастакыбын кэллим, массыынанан ааһан иһэн ымсыыра көртүм ыраатта. Лермонтов аатынан уулуссаҕа эмиэ маннык хабааннаах балаһаакка баар. Мин санаабар, ордук аҕам саастаах дьоҥҥо табыгастаах быһыылаах. Эбээлэрбит, эһээлэрбит кыһыннары-сайыннары дьарыктаналларыгар бэртээхэй буолсу,– диэн санаатын үллэһиннэ Нарыйа кыыс.

 

Стелла доҕотторун кытта кэлбит. Куйаас күннэр бүтэннэр, куорат устун күүлэйдииргэ бэртээхэй буолбут дэһэллэр.

Воркауттары куоракка эрэ буолбакка, улуустарга эмиэ тутуохтарын наада. Кыһыннары-сайыннары үлэлиир воркауттар биһиэхэ, чахчы, ахсааннаахтар.

Александр эмиэ дөрүн-дөрүн кэлэн дьарыктанар эбит:

Дьон ааһан иһэн дьарыктарыгар олус табыгастаах тренажердар ууруллубуттарын көрөн астынным. Кэлэ-бара турникка тардынан ааһар даҕаны туһата баһаам буоллаҕа. Маннык эбийиэктэри элбэҕи тутуохтарын наада, кылаабынайа – харыстабыллаахтык сыһыаннаһыаххайыҥ.

Воркаут – анал спортивнай балаһааккаҕа физкултууранан (гимнастика, фитнес о.д.а.) дьарыктанар субкултуура. Сэбиэскэй кэмҥэ эмиэ уулуссаларга эти-сиини чэбдигирдэр турниктар, буруустар дэлэйэ сылдьыбыттара.

Дьокуускай куоракка бу субкултуура былырыыҥҥыттан сөргүтүллэн эрэр. Олохтоох дьаһалта ааспыт сылга киин куоракка эмиэ 15 устуука воркаут-балаһаакканы туруорбута: 

- Автодорожнай, 40/10;

- Курнатовскай, 3/5; 

- 202 мкр, 5-6 корп.;

- Каландаришвили, 23/1;

- Кальвица, 11/1;

- Билибин, 17/1;

- Дзержинскэй,45/1, 45/2;

- Лермонтов, 58;

- Хатас, Дорожнай, 8/1;

- Пригороднай, Совхознай, 27;

- Кангалаас, 26 Партсъезд,3;

- Марха, О.Кошевой, 96;

- Тулагы, Трактовая;

- Маҕан, Алымов;

- Табаҕа, Каландаришвили, 1а.

Маны сэргэ Табаҕаҕа Комсомольская, 2 уулуссаҕа баскетболлуур балаһаакка оҥоһуллубута.

Воркаут туһунан кылгастык

Воркаут – салгыҥҥа дьарыктанарга табыгастаах көрүҥ. Сааһыттан тутулуга суох кимиэхэ баҕар барсар, улахан уустуга суох.

Буор босхо. Дьарыктанарга сөптөөх атах таҥаһа уонна табыгастаах спортивнай көстүүм эрэ наада, бэрчээкки кэтиэххэ сөп.

Бириэмэҕин уонна төһө уһуннук дьарыктанаргын бэйэҥ  быһаарынаҕын.

Саҥа доҕоттору уонна биир санаалаах дьону кытта билсиэххэ сөп.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....