«Умнас» – Хатас хайысханан эбэни туоруур суол аһылынна
Дьокуускай уонна Мэҥэ Хаҥалас оройуонун территорияларыгар «Умнас» – Хатас массыына суолунан Өлүөнэ эбэни туорааһын 3 туоннаҕа диэри тырааныспарга көҥүллэммит. Бу туһунан СӨ массыына суолларыгар Управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ахсынньы 6 күнүгэр СӨ массыына суолларыгар Управлениетын уонна дьоҕус суудуналарга судаарыстыбаннай инспекциятын бэрэстэбиитэллэрэ састааптаах хамыыһыйа эбийиэги тутта. 20 км тахса массыына мууһунан суолугар икки сүрүн уонна саппаас балаһалардаах. Куттал суох буолуутун нуормаларын тутуһар курдук икки кытылга төгүрүк суукканан ыйааһынныыр уонна видеонан кэтээн көрүү пууннара тэриллибиттэр.
Эбэни туорааһыҥҥа суоппардар бары информационнай бэлиэлэр ирдэбиллэрин тутуһуохтаахтар.
3 туоннаттан үөһэ ыйааһыннаах тырааныспар сырыыта түһүмэҕинэн арыллар, муус халыҥыырыттан көрөн.
Өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга Министиэристибэтин графигынан, 20 туоннаҕа диэри тырааныспар ахсынньы 20 күнүгэр, 30 туоннаҕа диэри – ахсынньы 28 күнүгэр, 40 туоннаҕа диэри – олунньу 6 күнүгэр Өлүөнэ эбэни туорууллара көҥүллэнэр.