31.08.2020 | 08:44

Умнаһыт элбиир, ыарыы уҕараабат...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Урукку сылларга умнаһыттар тустарынан суруйарбар, куораты биир гына кэрийэн, хаһыаппар интэриэһинэй матырыйаалы бэлэмниир этим. Арыт-ардыгар утары көрсөн олорон тыыннаах кэпсэтиинэн интервью ылар буоларым. Бу сырыыга сыстыганнаах дьаҥ ыарыыта туран, интэриниэт киэҥ эйгэтин хаһыстым. Умнаһыттар тустарынан дьон-сэргэ сүрдээҕин кэпсэтэрин сөхтүм. Сороҕор тыл тылларыгар киирсибэккэ, санаа хайдыһыыта да ханна барыай?

         Умнаһыттар тустарынан интэриниэт форумугар дьон санаата

-  Хайдах, тугунан көмөлөһөбүт диэн… Эксперимент курдук хомуйан ылан, доруобай, кыанар өттүн, хотуур туттаран оттото ыытыахха наада.  Эбэтэр лааҕыр курдук тэрийэн.  Көлөһүннэрин кытта салгыҥҥа дьаардара тахсан барыа этэ. Олох ыраах үрэх баһыгар быраҕыахха баара. Балыктаан, отонноон, сибиэһэй салгыҥҥа аһаан чэбдигириэ этилэр. Ол эрэн халлаан тымныйарын чугаһыгар куоракка кэлэн, син биир урукку кэптэрин төттөрү кэтэллэрэ биллэр. Өйдөрүн туппут дьону сорохторун күһэйдэххэ эрэ сатанар курдук дии.  Урут күһэлэҥ үлэ диэн баара - сэбиэскэйдии ЛТП. Онно 70-с сылларга элбэх уол сылдьыбыта.

*      *        *

- Хата, өссө биэнсийэҕэ тахсаллар (минимальнайга). Беларусь баһылыга “сүрэҕэ суохтарга” нолуок суруйбута дии. Сүрэҕэ суох баһаам. Маҥнай ийэ-аҕа моонньугар олорор, онтон кэргэнигэр, кини дьонугар. Биһиги кийииппит төрөөн баран 10-сыл олорбута. Оннук дьахтар да, эр киһи да элбэх. Биир дьахтар уола 23 саастаах. Күнүһү-түүнү быһа көмпүүтэргэ оонньуур. Үлэтэ,  үөрэҕэ суох. Ийэтэ 62 саастаах. Дьэ, маннык дьон кырдьар саастарыгар, олоххо тугу да ситиспэккэ, устунан ускул-тэскил барар дьылҕалаахтар.

*      *      *

- Гипноһунан арыгы эмтиир дьону ыҥырыахха наада. Күүстээх гипнотизердар Саха сиригэр да буолбатар, атын дойдуларга бааллар. Эбэтэр хоту сытар арыыларга балыктата ыытыахха сөп. Билэр ыалым күтүөтэ үлэлээбэт, кыыстарын хамнаһыгар олорор, кыыс эрин көмүскээн бөҕө буолар. Дьэ, дьикти. Ити аата таптал үһү дуо? Күһэйэн үлэлэтиэххэ наада, ЛТП курдуктары тэрийиэххэ. Умнаһыттар билигин наһаалаан эрэллэр. Тыаттан куоракка киирэн автовокзал таһыгар умналыыллар. Дьэ, кинилэр обургулар, дьон-сэргэ хайаан да харчы биэриэхтээҕин курдук тутталлар-хапталлар. Дьиҥнээх ыарахан олохтоох итилэргэ олох аҕыйах, үксүлэрэ көллүргээн, үлэлиэхтэрин сүрэҕэлдьээн сылдьаллар.

*       *       *

- Ол эһиги туоххутуй?  Дьону онно-манна оттото, ходуһаҕа ыытыахха диигит. Мээнэ-мээнэ санарбат баҕайыта. Күлбүккүт күнүнэн кэлээрэй... Демократия дойдутугар олоробут. Ким да кими да күүһүнэн үлэлэппэт диэн Конституцияҕа сурулла сылдьар. Дьэ, кутталлаах да дьоҥҥут. Тылгытынан оонньуургутун эрэ билэҕит. Улаханнык саҥарымаҥ. Умнаһыттар да ким эрэ төрөппүт оҕото, таптыыр кэргэнэ, ыал аҕата буолуохтара. Олох очуругар алҕас түбэһэн, итинник суолга сырыттахтара эбээт. Сарсын-өйүүн бэйэҕит кинилэр курдук буолуоххутун сөп.

*       *        *

- Былаас маннык умнаһыттыы сылдьар дьону көрүөхтээх уонна анал дьарыктанар уорганнар бу дьону оннуларын булларан биэрдиннэр. Син биир ити мэнээк сылдьар ыттар курдуктар. Уопсастыбаҕа кири-ыарыыны, араас түктэри быһыыны, куһаҕан быртах дьыаланы кинилэр оҥороллор. Онто да суох куораккыт дьаабы. Кэлии, хаамаайы дьон элбээтэ. Сарсыардаттан помуойа бөҕүн тиҥсирийбитинэн бараллар. Бары турунан,  бу мөкү көстүүнү суох гыныҥ ээ. Сымыйанан ол Америка артыыстарыгар статуэтка бэлэхтээн, үтүөмсүйэр туох туһалааҕый? Инникитэ суох эстэр дьон кыра ычалаах буолар.

*     *      *

- Ити хаамаайы дьон ортотугар төһө талааннаах дьон бэйэлэрин суолларын булуммакка сылдьаллара буолуой? Талаан омугуттан тутулуга суох ээ. Бэйэбит дьоммут устубут киинэлэрэ, киинэ индустриятыгар сүрдээҕин биллэн эрэр. Онон суолу тэлэччи аһар кэм кэллэ. Онон барытыгар кыраҕы соҕус олорор ордук. Аны туран, бомжтар маннык турукка сылдьан тугу да өйдөөбөттөр. Эгэ, туора дьон саҥатын истиэхтэрэ дуо? Бу дьон соҕотох буолбатахтар, аймахтаахтар. Дьонноро тоҕо ирдэспэттэрин сөҕөбүн. Ама, чугас дьоннорун оччо кэлэтэн, тэйитиллэн хаалбыт буоллахтара дуу... Мин саныахпар, аймахтарын тылын истиэ этилэр. Куоракка мээнэ сылдьааччылары дойдуларыгар утаартыахха наада. Кыһаммат буоллахтарына, миэрэҕэ тардан эҥин. Бэйэ-бэйэҕэ көмөлөстөххө, арааһа, туох эрэ хамсааһын тахсыан сөбө эбитэ буолуо.

*        *        *

- Аата, сүрүн... Итинник дьэллик барбыт дьону тоҕо былаас көрүөхтээҕий? Бу барыта оҕону кыра эрдэҕиттэн сөптөөх иитии суоҕуттан тахсар. Эһиги, куоракка олорор дьон, көмөлөһүҥ ээ. Хас биирдии улууска уонна нэһилиэккэ, куоракка буомустуу сылдьар дьоҥҥутун иһиттэххитинэ, үтүө дьыалаҕа тирэҕирэн, дойдутугар ыҥыран ылан, сөптөөх суолга сирдээҥ ээ. “Үтүө үтүөнэн төлөнөр” диэн өбүгэбит өс хоһоонугар да этиллэ сылдьар. “С глаз долой, из сердца вон” диэн бириинсиби тутуһаары гынаҕыт дуо? Мин икки табаарыһым билигин буомустуу сылдьар, автовокзал аттыгар баар, Горькай уулуссатыгар баар “малосемейка” дьиэлэр анныларыгар хоно сылдьаллар. Өрүс пордугар баар остолобуойга баран босхо эбиэттииллэр, маннык көҥүллүк сылдьар отой үчүгэй дииллэр. “Урут сэбиэскэй кэм саҕана курдук арыыга баран оттообоппут, полицияттан саһа сылдьабыт дииллэр”. Күн аайы арыгы сыттаах буолаллар. Хантан харчы булан иһэҕит диэтэххэ, “стреляйдаан” булабыт дииллэр. Дьахталлар, оҕолор аһынаннар, кыра да буоллар, күн аайы харчы бэрсэллэр дииллэр.

*       *       *

- Итинник мээнэ барбыт дьон көммөттөр. Арай бэйэтигэр тулуурдаах киһи көммүтэ буолуо. Көммөтөхтөр күнтэн-дьылтан тутулуга суох сөбүлээн сылдьаллар. Тугу да үлэлээбэт дьон, ордук эдэр ыччат элбээн эрэрэ киһини дьиксиннэрэр. Уопсастыбаннас бары көмөлөөн, олох кыһалҕатыгар ылларбыт дьону көнөр суолга киллэрэ сатыахха баар этэ. Саатар, тоҕо аныгы үйэҕэ, арыгыттан аккаастанар эми учуонайдар оҥорботтор? Итини ыарыы дииллэр да, үтүөрдэр эмп баар буолуохтаах буоллаҕа.

*       *      *

- Уопсастыбаттан туоратыллыбыт дьону, саатар арыгыларын бырахтарыахха наада. Кинилэр “деградация” суолугар сылдьаллар.  Испэт буоллахтарына өйдөрө-санаалара ырааһыран, бэйэлэрэ да көнөр суолга үктэниэ этилэр. Бүдүрүйбүт да көнөр ээ. Туох киһитэ итинник уулуссаҕа муор-туор сылдьарын сөбүлүөй. Итинник сылдьалларын сөбүлүүллэр дииллэр да... Сорох-сорохторго олохторун уобараһа буолбут быһыылаах. Ханнык баҕарар киһи үчүгэй олоххо тардыһар. Буор иһээччи эмиэ, ким эмит кэлэн илиитин уунуо диэн кэтэһэрэ буолуо.

*     *     *

- Буомус аатырар дьон үксэ аймахтааҕа буолуо. Сорохторо хаайыыттан тахсан, барар-кэлэр сирдэрэ суох буолан, итинник сылдьан эрдэхтэрэ. Оннук дьону ким үлэҕэ ылыай? Атыттара тыаттан үлэ көрдөһө киирэн баран, хаалбыт дьон буолуохтарын эмиэ сөп. Быыһыгар олоххо мунан хаалбыт, туохтан эрэ улаханнык оҕустарбыт дьон баар бөҕө буоллахтара. Бу дьоҥҥо көмөлөстөххө, көнүөхтэрин сөбө буолуо. Куорат диэн дьаабы сир, туох куһаҕан барыта онно үөскүүр, түмүллэр. Буомустары барыларын тутан ылан, күһэлэҥ үлэҕэ умса анньыахха наада. Бу дьонуҥ үгүстэрэ, ким эрэ кэлэн илиитин уунарын кэтэһэллэр. Онон күүстээх күһэйии эрэ көмөлөһөрө дуу. Бэйэлэрэ санааларын күүһэ эстибит дьон. Баҕар, күһэллэн, ыксаан биир эмит киһи көнүөн сөп.

*     *      *

 - Умнаһыт  дьону былаас көрөн бэрээдэктиирэ уолдьаста. Үксэ хаайыыттан тахсыбыт дьон дииллэр, эҥин араас ыарыылаахтара биллэр. Сорох куһаҕан ыарыы аҥаардас салгынынан да сыстыан сөп. Кинилэр да дьон буоллахтара, биир сиргэ мунньан олордуохха, үлэлэтиэххэ, хамнастыахха. Дьэ, онно бэрээдэги кэстэхтэринэ, сөптөөх миэрэ ылыахха. Киһи кыбыстыах, саатар  барыта сахалар ээ, бэйэбит дьоммут. Кытаанах илиигэ тутаттаан ылан, үлэлэтиэххэ. Саха норуота сайдарын туһугар хамнастарын ыарыһах оҕолорго көмө оҥоруохха. Эбэтэр дьиэбэр барабын, киһитийэбин диир түгэнигэр ыыттыннар ээ. Бомжтары көннөрөр үлэ курдук ааттаан тэрилтэни үлэлэттэххэ тоҕо сатамматый? Холобур, үлэ лааҕырдарын тэрийэн, барыларын онно хомуйан, эмтэнэрин эмтээн, үлэлиир кыахтааҕын үлэлэтэн. Дьэ, оччоҕо умнаһыт ахсаана аҕыйыа этэ. Бу дьон ханнык улуустан сылдьалларын чуолкайдаан, дьоҥҥутун хомуйтааҥ диэн баһылыктарыгар сүктэриэххэ. Холобур, эпиэкэлэр иһэр-аһыыр дьиэ кэргэнтэн оҕону былдьыылларыгар түргэннэрэ сүрдээх дии. Олохтоох былаас да дьаһаннын ээ. Былырыын быһыылааҕа, бассаапка оннук уолларын буланнар илдьэ барбыттар этэ. Чап-чараас таҥастаах, докумуона суох, хата, дойдутугар илдьибиттэр.

*        *        *

 - Үлэлиэхтэрин баҕалаахтар бааллара буолуо. Олору мунньан лааҕыр курдук тэрийэн үлэлэтиэххэ. Баҕар, биир эмэ киһи бэттэх кэлээрэй? Уус Алдаҥҥа  Яковлев диэн киһи баар этэ. Дьэ, ол буомустары биир сиргэ түмэн, олорор усулуобуйаларын киһилии олохтоон, сүөһү көрүүтүгэр үлэлэтэр этэ. Кэнники кини үлэтин туһунан иһиллибэт буолан хаалла. Итинник дьон уопуттарын тарҕатыахха, кинилэри өйүөххэ наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....