Улууска бараҕын? Икки нэдиэлэ харантыыҥҥа олор!
Ааспыт сууккаҕа коронавируһунан 105 киһи ыалдьыбыт, онтон 60-на – Дьокуускай куорат олохтооҕо.
Мантан сайын вирус Саха сирин улуустарыгар тарҕанар кутталлаах. Онон өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб улууска тахсар дьоҥҥо аймахтары сутуйбат, ыарыыны тарҕаппат туһуттан икки нэдиэлэлээх харантыыны тутуһалларыгар сүбэлээтэ. Ол туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина брифиҥҥэ эттэ.
Кини төрөппүттэргэ оҕолоргутун кэтээн көрүҥ диэн туһаайан эттэ. Билигин элбэх киһи оҕотун дистанционнай үөрэх кэмигэр оройуоҥҥа ыытара кистэл буолбатах. Оҕо доруобуйатын туругун кэтээн көрүү билиҥҥи уустук балаһыанньаҕа инники күөҥҥэ туруохтаах.
Ыам ыйын 12 күнүнээҕи туругунан коронавирус тарҕаныыта ордук Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Амма улуустарыгар элбээбит. Билигин бу оройуоннарга суһал штабтар вирус салгыы тарҕамматын туһугар тустаах үлэни ыыталлар.
Ольга Балабкина этэринэн, хоту улуустарга, быраастарга уонна бары сулууспаларга эрдэттэн сэрэхтээх буолуу наада. Маны сэргэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун коронавируһу утары быһыыны ыларга ыҥырда. Вакцина өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар элбэҕин бэлиэтээтэ.