03.07.2020 | 10:41

УЛУУ КЫАЙЫЫ ПАРААДА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Коронавирус бүтүн аан дойдуну барытын аймаата. Ол курдук быйылгы күүтүүлээх Улуу Кыайыы 75 сылын бэлиэтиир байыаннай параат бэс ыйын 24 күнүгэр буолан ааста.

КЫҺЫЛ БОЛУОССАККА

Дойдубут тэбэр сүрэҕэр, Москва Кыһыл болуоссатыгар Кыайыы 75 сылыгар аналлаах параат 1 чаас 15 мүнүүтэ устата барда. Манна 14 тыһыынчаттан тахса байыаннай сулууспалааччы,  200-тэн тахса байыаннай тиэхиньикэ, ону таһынан 75 сөмөлүөт уонна бөртөлүөт кыттыыны ылла.

Арассыыйа баһылыга Владимир Путин параат саҕаланыан иннинэ омук сирдэриттэн кэлбит кэллиэгэлэрин Кремльгэ көрсөн кэпсэппит, бу туһунан “Газета.ру” сайт иһитиннэрэр.  Путин болуоссакка бэтэрээннэри  кытта сэһэргэспит, сорохтор судаарыстыба бэрэсидьиэнин кытта балачча уһуннук кэпсэппиттэр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Арассыыйа оборонатын миниистирэ Сергей Шойгу кыттыыны ылла. Киин трибунаҕа дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, Москва баһылыга Сергей Собянин, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ, ол иһигэр Беларусь, Казахстан, Киргизия, Молдова, Сербия, Таджикистан уонна Узбекистан баһылыктара бааллара.

Саамай кэтэһиилээх тэрээһиҥҥэ Арассыыйа  байыаннай сулууспалаахтарын таһынан, атын судаарыстыбалар байыаннайдара эмиэ кытыннылар — Азербайджан, Армения, Беларусь, Индия, Казахстан, Киргизия, Кытай, Молдова, Монголия, Сербия, Таджикистан, Туркменистан уонна Узбекистан аармыйалара.

Кыайыы параадын түмүктүүр чааһыгар Кыһыл болуоссакка 75 байыаннай сөмөлүөт  уонна бөртөлүөт үөһэнэн көтөн ааста. Бүтэһик бөлөх састаабыгар алта Су-25 штурмовик баара, кинилэр үрдүк мэҥэ халлааҥҥа Арассыыйа былааҕын кырааскалааан, көрбүт дьону сэргэхситтилэр.

САҤА ТИЭХИНЬИКЭЛЭРИ СҮРЭХТЭЭТИЛЭР

Параат хас биирдии түгэнэ дьон өйүгэр-санаатыгар ураты өйдөбүллэри хаалларда. Быйыл Кыһыл болуоссакка аан бастаан 24 саҥа тиэхиньикэ таҕыста. Көрөөччүлэр аан бастаан  «Армата» уонна «Курганец-25» диэн ааттаах пехоталары,  саҥа бойобуой модуллардаах «Кинжал» уонна «Эпоха» диэн зенитнэй,  ракетнай систиэмэлэри көрдүлэр. Маны таһынан саҥа тааҥкалары сүрэхтээтилэр. Барыта 234 аныгы уонна историческай тиэхиньикэ туһанылынна.

Бары билэргит курдук, дойду араас муннугар ыам ыйын 9 күнүгэр халлааҥҥа сөмөлүөттэр уонна бөртөлүөттэр көтөн ааспыттара. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бу испииһиккэ киирбитэ эрээри, халлаан туран биэрбэтэҕэ.

«Кыайыы 75 сылынан барыгытын эҕэрдэлиибин. Аҕа дойду Улуу сэриитэ бүтүн планетаҕа сүҥкэн суолталааҕынан биллэр. Духуобунас, сиэр-майгы өттүнэн үрдүк чыпчаалынан хаалар», -диэтэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ.

ДЬОКУУСКАЙГА САҤА ПААМАТЫННЬЫК

Улуу Кыайыы 75 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн  киин куораппытыгар бэлиэ түгэн «Туймаада саллаата» мемориальнай комплекска ыытылынна. Манна  Саха сирин снайперын уобараһын пааматынньыгын үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Пааматынньык улахан да улахан кээмэйдээх, ыраахтан харахха быраҕыллар. Эбийиэги Каслинскай аатырар собуотугар оҥорторбуттар.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Ил Дархана  Айсен Николаев, Дьокуускай куорат баһылыга Сардаана Авксентьева, СӨ Ис дьыалаҕа миниистирэ Владимир Прокопенко, Арассыыйаҕа куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын управлениетын начальнига Алексей Пахомов, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов, Ис дьыала управлениетын начальнига Николай Кульбертинов уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Вильям Иванов кытыннылар.

Тэрээһин маҥнай утаа сэриигэ хааннарын тохпут, сырдык олоххо турууласпыт дьоруойдары кэриэстиир ахтыы мүнүүтэттэн саҕаланна.

«Пааматынньык Саха сирин снайпердарын уобарастарын, кинилэр төрөөбүт дойдуларыгар ытыктабылларын, тапталларын бэлиэтиир. Биһиги туспутугар охсуспут, кыргыспыт саллааттарга ананар. Лоп курдук 75 сыл анараа өттүгэр – 1945 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Москва Кыһыл болуоссатыгар Сэбиэскэй Союз Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыытын бэлиэтиир параат буолбута. Бу пааматынньык  бэлиэ күҥҥэ арыллыбытын дириҥник долгуйан туран бэлиэтиибин. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыаҕыттан Саха сирин буойуннара бэргэн ытааччыларынан биллибиттэрэ», –  диэтэ Айсен Николаев.

Дьокуускай куорат баһылыга Сардаана Авксентьева куорат олохтоохторун аатыттан пааматынньык ааптардарыгар махталын эттэ. Манна даҕатан эттэххэ, сүдү скульптура үлэҕэ түргэнник киирэригэр бэйэлэрин кылааттарын «Хранители» устудьуоннар тутар этэрээттэрэ  киллэрбиттэрин бэлиэтиир оруннаах.

«Арассыыйа историятыгар бэлиэ күн үүннэ. Дьокуускай куоракка биһиги саллааттарбытыгар аналлаах өссө биир пааматынньык аһылынна. «Туймаада саллаата» мемориальнай комплекс – куорат олохтоохторугар сүрдээх улахан суолталаах эбийиэк.  Манна Саха сирин норуотун дьоруойдарын – 20 тыһыынчаттан тахса  киһи аата киирбитэ элбэҕи туоһулуур,” –  диэтэ Сардаана Авксентьева.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Вильям Иванов: «Хас биирдии пааматынньык ханнык баҕарар киһи өйүгэр-санаатыгар, дууһатыгар хаалар дириҥ суолталаах.  Биһиги, аҕа көлүөнэ дьоно, саллааттарбыт хорсун быһыыларын уонна кинилэр ааттара өр сылларга ааттана туруохтаахтарын эдэр дьоҥҥо тиэрдиэхтээхпит”.

Мин санаабар, скульптура бэйэтэ уһулуччулаах снайпер Федор Попов уобараһын тилиннэрбит курдук. Пааматынньыгы Дьокуускай куорат олохтоохторо, ыалдьыттара илэ харахтарынан көрөн сыаналыахтара. Пандемия бүттэҕинэ, бу сэдэх эбийиэккэ дьон-сэргэ тоҕуоруһуо.

ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮГЭ СОНУН КӨСТҮҮ

Манна Улуу Кыайыы параадын күнэ сүрдээх уратытык уонна сонуннук ааспытын өрөспүүбүлүкэ дьоно барыта сэргээтэ. Үөһээ Бүлүү 12 нэһилиэгиттэн улуус киинигэр 75 аттаах киһи турунна. Кинилэр бары тэбис-тэҥҥэ тураннар, 75 сыыппараны ойуулаан таһаардылар. Историяҕа сигэнэн кэпсээтэххэ, 1941 сыл сайыныгар Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо маннык төрөөбүт буордарыттан сэриигэ аттаммыттара биллэр.

Аттаах дьон бары ох курдук оҥостон, оччотооҕу таҥаһы-сабы кэппиттэр, аттарын сууйан-сотон киэргэппиттэр.  Нэһилиэк, улуус дьоно бары өрө көтөҕүллүүлээхтик Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылын үрдүк таһымнаахтык көрүстүлэр диэн  улуустааҕы пресс-сулууспа иһитиннэрэр.

Маннык быһыыны-майгыны атын улуустар эмиэ көрдөрөллөрө, хорсун саллааттарын чиэстииллэрэ буоллар диэн баҕа санаабытын этэбит.

Галина Иванова, Үөһээ Бүлүү олохтооҕо:

Биһиги улууспутугар сүрдээх ураты уонна сонун көстүү буолла. Бары олохтоохтор ааттарыттан улууспут салалтатыгар, кыттыбыт дьоҥҥо барҕа махталбын уонна эҕэрдэбин этэбин. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт, дьоллоох, эйэлээх олохпутун түстээбит ытык дьоммутугар хайаан даҕаны сүгүрүйүөхтээхпит. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэтэрээннэр да ахсааннара аччаата. Онон аттыбытыгар баар дьоммутун  харыстыаҕыҥ, көмүскүөҕүҥ”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....