07.10.2020 | 17:38

Улуу дьон ааттарын былдьаһыннарбакка, ыарыылаах боппуруоһу быһаарыахха

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кэнники кэмҥэ хаһыаты да аахтахха, тэлэбиисэргэ көрдөххө, араадьыйанан иһиттэххэ, Дьокуускай куоракка баар Орджоникидзе аатынан болуоссаты Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтоспут, Саха автономиятын төрүттэспит, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит, уһулуччулаах политическай деятель П.А. Ойуунускай аатынан уларытан ааттыахха диэн кэпсэтии баар буола сылдьыбыта. Маныаха Саха сиринээҕи Хомуньуус партиятын лидердэрэ, хомуньуустар аһаҕастык утарар санааларын эппиттэрэ. Ол тоҕото өйдөнөргө дылы диэххэ сөп.

Саха сирин киин куоратын Өлүөнэҕэ бастаан кэлбит нуучча казактара, чуолаан П.Бекетов төрүттээбитэ диэн история кэрэһилиир. “Якутск” диэн нууччалыы ааттаабыттара, сүрэхтээбиттэрэ биллэр. Онон биһиги киин куораппыт нууччалар төрүттээбиттэрэ, күн бүгүҥҥэ диэри тутан, сайыннаран кэллилэр. Дьэ, онон нууччалыы ааттанан сүрэхтэммит куоракка ааспыт үйэлэртэн, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолуон да инниттэн Дьокуускай уулуссалара, болуоссаттара Саха сирин арыйсыбыт нуучча бастакы айанньыттарын, о.д.а. биллиилээх дьонун, ону ааһан өрөбөлүүссүйэ буолуон иннинэ Саха сиригэр сыылкаҕа кэлэн олорон ааспыт революционердар Е.Ярославскай, С. Орджоникидзе, Г. Петровскай уонна өрөбөлүүссүйэ сирдьитэ В.И. Ленин ааттара иҥэриллибиттэрэ.

Иккиһинэн, Саха сирэ Арассыыйаҕа баҕа өттүнэн холбоспута диэн историяҕа киирбитэ. Итинэн саха норуота атын омук дьонун кытары, биир ыал оҕолорун курдук, эйэлээхтик олоруу суолун тутуһарын өйдүөхтээхпит.

Уопсайынан, нэһилиэнньэ сорох араҥатын өйүн-санаатын бутуйуох кэриҥнээхтэр, нуучча уонна саха диэн өйдөбүлү утары туруораары гыналлар дуу, тугуй дуу? Манан сэдиптээн этэр буоллахха, кырдьыга, нэһилиэнньэ ааспыт үйэттэн үөрэнэн кэлбитин, дьон-өйүгэр санаатыгар иҥэн хаалбыты уларытан ааттыыр наһаа судургу дьыала буолбатах быһыылаах. Мөккүөрдээх, хайдыһыыны үөскэтиэн сөп курдук.

Урут М.Н. Сибиряков биир ыстатыйатыгар эппитин тылыттан тылыгар буолбакка, хайдах өйдөөбүппүнэн сүрүн ис хоһоонун тиэрдэ сатыам. Кини сорох дьон Саха сирин каартатын арыйсыбыт казак Поряков атамаан аатынан уулуссаны уларытыахха диэн туруорсалларын туһунан суруйбут этэ. “Поярков атамаан оччо саханы кыргыбыта, “сиэбитэ”, умаппыта диэн суруйаҕыт да, ол ааспыт үйэлэргэ сэрии буолан баран, хайаан өлөрсүүтэ, уоттааһына, “сиэһинэ” суох буолуой? Үрүҥ бээтинэлээх историяны көбүтэр, хасыһар соччото суох, сыыһа. История ити кэрчигэ нуучча уонна саха сыһыаныгар куһаҕан эрэ өйдөбүлү хаалларыан сөп. Онон ааспыты хасыһымыаҕыҥ”, – диэбитэ. Этэргэ дылы, уокка арыыны-сыаны кутан биэримиэххэ, күөдьүтүөмүөххэ диэн өйдөбүлгэ тэҥнээх.

Аны туран, П.А. Ойуунускайга кылгастык тохтуохпун баҕарабын. Хомойуох иһин, саха улуу уолун көмүс уҥуоҕа ханна кистэммитэ күн бүгүҥҥэ диэри биллэ илик.

Дьокуускай куоракка “Муус Хайа” диэн эрэстэрээн утары Белинскэй уулуссатыгар турбут мас дьиэлэр көтүрүллэн, улахан ырааһыйа тахсан турбута уонча сыл буолла бадахтаах. Ити Ойуунускай уулуссатын кытыыта. Орджоникидзе болуоссатыгар турар улуу киһибит пааматынньыгын көһөрөн аҕалан манна туруоруохха. Уонна бу сиргэ Ойуунускай аатынан болуоссаты оҥоруохха. Аҕыйах сыллааҕыта ити миэстэҕэ В.В. Никифоров-Күлүмнүүр болуоссатын тутуохха диэн уопсастыбаннас туруорсан көрбүтэ да, үрдүкү салалта өйөөбөтөҕө. Ол түмүгэр күн бүгүн кураанах турар. Биллиилээх дьон ааттарын былдьаһыннарбакка, дьоһуннаахтык, олохтоохтук быһаарыахтарын сөп этэ...

Мантан инньэ бу ыарыылаах боппуруос хайдах сөпкө быһаарылларын олох бэйэтэ көрдөрүө буоллаҕа.

Сэрии сылларын оҕото, үлэ бэтэрээнэ Иван Босиков 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....