Улуу айымньыга кылааппыт
2009 сыл сэтинньи 25 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үтүө сурах тилийэ сүүрбүтэ – Олоҥхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин үйэттэн үйэҕэ бэриллэр күндү баайынан билиниллэн, аан дойду шедеврдэрин ахсааныгар киирбитэ. Онтон ыла бу күҥҥэ аналлаах араас таһымнаах, хайысхалаах үлэ өрөспүүбүлүкэбит бары муннугар тигинэччи ыытыллар.
Быйыл Олоҥхо күнүгэр анаммыт тэрээһин А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолан ааста. Хатас норуодунай тыйаатыра С.А. Зверев – Кыыл Уола «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхотунан таҕыста.
Бу иннигэр айымньы Хатастааҕы «Тускул” КК сүрэхтэммитэ, "Арчы Дьиэтэ" духуобунай култуура киинигэр (кылгатыллыбыт варианынан) көрдөрүллүбүтэ. Онон улахан сценаҕа сүүһүнэн киһилээх састаабынан аан маҥнайгы тахсыы буолан, долгуйуу баара. Ол эрээри хатастар маннык хорсун хардыыларга куруук өйүүр-өйдүүр дьонноохтор. Бу сырыыга Дьокуускай куораттааҕы култуура управлениета (сал. Ли И.П.), Олоҥхо тыйаатыра (сал. Турантаева М.В.), Дьокуускай куораттааҕы норуот айымньытын киинэ (сал. Пестряков П.П.) тиэхиньикэнэн хааччыйыылара, Ефремов П.С («Туймаада» Агрохолдинг АУО), Пинигин А.С. («Прогресс» ХЭТ) спорсонскай көмөлөрө тирэх буолла.
Эмиэ куруук биһигини өйүүр, нэһилиэкпит олоҕун, дьонун-сэргэтин үлэтин-хамнаһын тиһигин быспакка сырдатар тапталлаах «Киин куорат» хаһыаппыт нөҥүө бу улахан тэрээһин туһунан дьон санаатын таһаарабыт:
Мария Турантаева: «Хатастар түмсүүлээхтэрин, дьиҥ сахалыы тыыннаахтарын көрдөрдүлэр. Режиссер сүрдээх үчүгэй таба тайаныылардаах, ураты көрүүлэрдээх. Хас биирдии толорооччу өйгө-санааҕа хаалардыы оонньообута харахха быраҕыллар. Ойуун уобараһа олус бэркэ арылынна, бухатыыр ата – испэктээк биир өрөгөй түгэнэ. Абааһылартан саамай уодьуганнаахтара, куһаҕаны күөттээччилэрэ, көрдөххө күлүгүттэн да куттаныах курдук эрээри этэр тылын курдук үстүүрүкэ төбөлөөх эриэн үөнчэй Муус Субуйдаан буолан таҕыста. Бу эмиэ биир чаҕылхай оруол буолла. Испэктээк өссө биир ситиһиитинэн тыыннаах доҕуһуолу ааттыахха наада”.
Төгүл Зверев: “Аҕам суруйан хаалларбыт айымньыта 65 сыл буолан баран киин куорат биир саамай улахан сценатыттан норуот күүһүнэн хомуллан тахсыбытынан аймах-билэ дьонум, олоҥхону сэргиир дьон аатыттан дириҥ махталбын тиэрдэбин. Маҥнайгы холонууга аҕам бухатыыр оруолун толоруохтаах эбит. Бу айымньы сахалыы тыыннаах, сахатын тута сылдьар хатастар болҕомтолоругар киирбититтэн үөрэбин. Кистээбэккэ эттэххэ, бастаан соһуйа истибитим… Онтон бу бүгүн олох тутан олорон көрөн-истэн, кыах, таһым баар диэн үөрдүм».
Вера Старкова: «Быйылгы Олоҥхо декадатын уратыта, кэрэхсэбиллээҕэ – Саха тылын учууталларын 2-с сийиэһин кытта сэргэстэһиннэрэ барбыта буолла. Ол курдук, төрөөбүт тылы үөрэтиигэ, үйэтитиигэ, баһылааһыҥҥа олоҥхо суолтата улахан. Хатастар бу сийиэскэ көхтөөхтүк кытынныбыт. “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйаана Дьокуускай куорат сахалыы тыыннаах уһуйааннарын ортотугар “Олоҥхо түһүлгэтэ” диэн күрэҕи ыытта. Аны «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн” туһунан ырытар-кэпсиир буоллахха, өр сылларга барбыт үлэ чыпчаала буолан, хайдах эрэ долгутуулаах этэ. Испэктээк анал бырайыак чэрчитинэн туран, үп-харчы да көрүллэн, тыйаатырга турбут хайа да айымньытааҕар элбэх көстүүм тигилиннэ, атрибут оҥоһулунна, декорация ыйанна. Тус бэйэм олоҥхо туһугар диэн үлэлээн-хамсаан кэлбит буоламмын, астына-дуоһуйа кытынным. Инникитин нэһилиэк дьоно-сэргэтэ олоҥхо эйгэтэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо баар буоллаҕына, оскуола саастаах оҕоҕо сыаллаах-соруктаах хамсаныылар, саҥа саҕалааһыннар, сонун көрүүлэр киирэллэрин ситиһиигэ үлэлиэн наада диэн санаалаахпын».
Саргылана Григорьева, Оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыта, Хатас норуодунай тыйаатырын артыыһа: “Олоҥхо диэн, мин санаабар, күүһү-уоҕу ылыныы, сомоҕолоһуу, түмсүү, санааны сааһыланыы. Бу далааһыннаах тэрээһиҥҥэ оруолларга ордук-хото эдэр көлүөнэ баара, ама, кими үөрдүө, олоҥхобут инникитэ дьэҥкэ, чуолкай буоларын итэҕэтиэ суоҕай?! Испэктээкпит түмүк көстүүтүгэр Хатас дьоно-сэргэтэ бары бииргэ турарбытыттан сахабытынан киэн туттуу тыына, төрүт дьоммут тыл-өс күүһүн таба тайанан туһаныыларын салгына кэлбитэ. Бараммат-хороммот барҕа баайбыт – олоҥхобут түгэҕэ көстүбэт, улаҕата биллибэт киэлитигэр дьэ дьиҥнээхтии чиҥник үктэнэн киирдибит диэн санаа кууспута. Бу кэскиллээх үлэҕэ кыттыгастаах буоларбытыттан бары да киэн тутуннубут.
Артыыстары талыы, оруолга туруоруу – режиссер Евдокия Ефимовна таба тайаныыта, туһугар эмиэ туспа талаан. Өскөтүн сүрүн оруолларга олоҥхо мыыраайылаах Бүлүү бөлөх улуустарга – Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүт-үөскээбит Стас Федоров, Күөрэгэй, Саргылана Григорьева талыллыбыт буоллахтарына, Зоя Бережнева, Станислав Прокопьев Хатаска улаатаннар, түөлбэ тыллары саҥарыыга, ылыныыга кэккэ ыарахаттары көрсүбүттэр гынан баран, баҕа санаа, эрэл-итэҕэл, этэргэ дылы, “дьыаланы оҥорбут”.
Хуухээ Балдорж, муусукаан, учуутал: «Муусукаҕа уһуйааччы буоларым быһыытынан, саха култууратын, төрүт култууратын билэр, үөрэтэр ытык иэһим буоллаҕа. Элбэх араас таһымнаах тэрээһиҥҥэ төрүт дорҕоон доҕуһуолугар оонньоон кэлбит буолан, испэктээккэ оонньуур уратылааҕын билэбин. Испэктээккэ аан бастаан 2021 сыллаахха А.Е. Кулаковскай “Куорат кыргыттара” диэн айымньытыгар доҕуһуоллаабыппыт. Онно артыыстар тыыннаах дорҕоон баара биһиэхэ наһаа көмөлөһөр диэн махтаммыттара. Онтон олоҥхоҕо оонньуур дьону доҕуһуоллуом диэн санаабар да суоҕа. Онон эппиттэригэр долгуйа да, үөрэ да санаабытым. Тоҕо диэтэххэ сайдыы-үүнүү, урут билбэтэҕи билэр олохпут хайа да кэмигэр олус наада. Үгэс курдук, хас да киһи “ити эн сахалыы билбэккин уонна наадалаах, тоҕоостоох түгэннэри хайдах өйдөөҥҥүн итинник сытыырхатан, өрө көтүтэн эбэтэр налытан биэрэҕин?” диэн ыйытта. Оонньуу хаамыытыттан, быһыыттан-майгыттан көрөн сытыырхатан, өрө көтүтэн эбэтэр уоскутан-налытан, дириҥэтэн биэрэрбитин көрөөччү ытыһын тыаһынан бэлиэтиирэ, нууччалыы эттэххэ, кырдьык, “дорогого стоит”. Манна даҕатан эттэххэ, кэргэним Лариса Егоровна бу олоҥхоҕо үҥкүү туруорсан, көннөрсөн, силигин ситэрсэн, эмиэ күн солото суох сырытта. Онон улуу айымньы долгунугар дьиэ кэргэнинэн киирдибит, улууттан, үйэлээхтэн үтүөнү, үрдүгү сомсон, улахан үлэҕэ кылааппыт баарыттан сэмэйдик үөрэбит».
Николай Андросов, муусукаан, ырыа айааччы, учуутал: «2022 сыл миэхэ үгүс элбэх үтүө түгэни бэлэхтээтэ. Онтон биирдэстэрэ – бу олоҥхоҕо муусукаан, тыыннаах доҕуһуол быһыытынан кыттыым. Бу күһүн ырыа айааччы быһыытынан айар суолум 30 сылын бэлиэтээбит буоллахпына, олоҥхоҕо кыттыы култуураҕа, муусукаҕа аан маҥнай кэлбит эйгэбэр төнүннэрдэ диэн санаалаахпын. Ити биирэ. Иккиһэ, манна кыттаары, кырыымпа уйуһутар, дьүрүһүтэр, туойар, кылыһахтыыр эйгэтигэр киирдим. Кырыымпаҕа киириим үлэлиир оскуолам салайааччыта Николай Владимирович Слепцов көҕүлээһининэн, саҕалааһынынан былырыын буолбута. Оскуолаҕа анаан саха төрүт муусукатын үнүстүрүмүөннэрин оҥорторбута. Бу санаатахха, ол олоҥхо эйгэтигэр киириим аартыга эбит. Кырыымпа – киһини умсугутар, ымсыырдар, ыҥырар туспа, дириҥ бөлөсүөпүйэ, улаҕата көстүбэт байҕал. Инньэ гынан билигин да үөрэнэрим, үөрэтэрим, ырытарым элбэх, аны оҕолору үөрэтэр санаалаахпын. Түгэнинэн туһанан Хатаспыт тэрилтэлэрин салайааччыларыгар барыларыгар махталбытын тиэрдиэм этэ. Бу түбүктээх, сыралаах үлэни сыаналаан, олоҥхоҕо бэлэмнэниигэ үлэбит кыраапыгын туруорууга, солбукка көҥүл биэрэн, айар-тутар суол арыллыытыгар улаханнык көмөлөстүлэр.
Сардаана Колосова, көстүмүөр: “Тускул” КК үлэлии киирбитим соһуччу, эмискэ буолбатах этэ. Оҕо эрдэхпиттэн элбэх оҕолоох ийэ буолан, оҕолорум улаатыахтарыгар да диэри ааспат-арахпат тапталым, умсугуйуум – үҥкүү. Араас хайысхалаах, киэҥ эйгэлээх кэлэктиипкэ үлэлиирбиттэн астынабын. Бу олоҥхоҕо элбэх көстүүм тигилиннэ, атрибут да оҥоһулунна. Оруоллаах артыыс даҕаны ахсаан өттүнэн быдан элбэх. Инньэ гынан кэккэ уустук түгэннэр бааллара. Уопуттаах артыыстар таҥастарын-саптарын, туттар тэриллэрин чөкө, бэйэлэригэр чугас, табыгастаах гына тутта сырыттылар. Онтон саҥа оонньооччулар, долгуйан да буолуо, үөрүйэҕэ да суох буолан, ыксаллаах түгэннэргэ сүтэриилээх, булумахтаһыылаах да буолан ыллыбыт. Ол гынан баран бары биир сыаллаах-соруктаах буоламмыт эйэ дэмнээхтик үлэлээн, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн, балаһыанньаттан тахсан, көрөөччүгэ тиэрдиигэ биир тыынынан таҕыстыбыт. Кэлэр да өттүгэр көстүүмҥэ, атрибутикаҕа сыһыан үчүгэй өттүгэр лаппа уларыйарыгар ис сүрэхпиттэн эрэнэбин».
Николай Протасов: “Дьокуускайдааҕы култуура училищетыгар үөрэнэр сылларбар учууталым Афанасий Семенович Федоров салалтатынан саха норуотун фольклоругар дириҥник киирбиппит. Бу сылларга хас да испэктээккэ ойуун уобараһын арыйарбар сүрдээх элбэх сүбэни, ыйыыны-кэрдиини ылбытым. Үөрэнэн бүтэн баран, бэйэни көрдөнүүгэ, «ордук миэнэ дуу” диэн дэгэрэҥ ырыанан дьарыктаммытым, дьарыктаабытым, ити хайысхаҕа күүскэ үлэлээбитим. Билигин Хатаска оскуолаҕа үлэлиибин. Үөрэммит идэм да быһыытынан, сүрэҕим, дууһам да этиитинэн, ханна тиийдим да, култуура дьиэтин үлэтин куруутун сэргиибин. Оруол биэрбиттэригэр сөбүлэнэн, үөрэммит сылларбар ылбыт билиибин-көрүүбүн өйдөөн-санаан, олоххо ылбыт уопуппун холбоон, кыһаллан-мүһэллэн оонньоотум. Ону көрөөччү бэлиэтии көрөн сэргээбит буоллаҕына, ол махтал учууталым Афанасий Семенович Федоровка ананар».
Дьэ ити курдук хатастар олоҥхо ыраастыыр, сааһылыыр, түмэр, сомоҕолуур, умсугутар күүһүн эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн, сайдыы саҥа таһымыгар чиҥник үктэннэхтэрэ буоллун!