Улуу атах оонньооччутун кытта алтыспытым — олоҕум биир үрдэлэ
Ааспыт үйэ 60-70-с сылларыгар Саха сиригэр сахалыы атах оонньуутугар уларыта тутууну киллэрбит, улахан хамсааһыны таһаарбыт Николай Александрович Санников бэс ыйын 20 күнүгэр лоп курдук үбүлүөйдээх 75 сааһын томточчу туолла.
Ити сылларга үгүс саха ыччата атах оонньуутунан үлүһүйэн дьарыктанан эрэр кэмэ этэ. Оройуон-оройуон аайы күүстээх кылыыһыттар, ыстаҥаһыттар, куобахчыттар бааллара иһиллэрэ. “Үс Бүтэй Бүлүү” эргин Афанасий Саввинов, Андрей Донской, Аркадий Емельянов, Уус Алдаҥҥа Петр Местников, Иннокентий Сивцев, Өлүөхүмэҕэ Михаил Габышев, Мэҥэҕэ Максим Куприянов, Иван Шахурдин уо.д.а. ааттара дуораһыйара. Бары маастардар. Атах оонньуутунан дьарыктанар буоламмын, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар тахсар суруйуулары сэҥээрэр этим. 40-42 м эргин түһэллэрэ. Ханна эрэ кый ыраах баар уһулуччу дьон курдук саныырым. Төрөөбүт-үөскээбит Чурапчыбар буолуталыыр сайыҥҥы спартакиадаларга, ыһыахтарга Одьулуунтан Алексей Собакин, Дириҥтэн Петр Посельскай, Хатылыттан Валентин Гоголев “күннүүллэрэ”. Сантиметрынан куоһарсаллара. Кинилэр курдук буолбут киһи диэн бүччүм санаа баара. Оскуолам, оройуонум оҕолорун кытта хатыһабын. 34-35 м курдугу түһүтэлиибин.
Арай биирдэ, 1966 сыл бэс ыйын эргэтигэр, “Социалистическая Якутия” хаһыат төрдүс балаһатыгар ыстатыйа тахсыбыт – “Дьокуускайга “Спартак” стадионугар түмүктэммит Саха АССР V Спартакиадатыгар Ньурба оскуолатын үрдүкү кылааһын үөрэнээччитэ Коля Санников 43 м 48 см кылыйан, өрөспүүбүлүкэ рекордун тупсарда!” Ыстаҥаҕа уонна үс көрүҥ түмүгүнэн эмиэ рекордары олохтообут. Куобахха Үөһээ Бүлүүттэн Никифор Ивановка 1 см баһыйтаран, иккис миэстэлэммит. Өрөспүүбүлүкэ рекордарын иккилии, үстүү, түөртүү миэтэрэ куоһартаабыт! “Туох айылаах талааннаах ыччата үөскээбитэй!”, “Дьэ, буолар да эбит!”- диэн дьон-сэргэ сөхпүтэ-махтайбыта.
Николай Санников кимэ-туга кэнники сыыйа биллэн испитэ. Ньурба оскуолатыгар үөрэнэр нууччалыы сырдык хааннаах, будьурхай баттахтаах уол эбит. Физкультура учуутала, өрөспүүбүлүкэ атах оонньуутугар рекордсмена Афанасий Саввиновка эрчиллибит. Ахсыс кылааска сылдьан ол рекордсмен-тренерэ Афанасий Саввинов кылыыга рекордун көрүдүөр мас муостатыгар аһары түспүт. Айылҕаттан талааннаах уол үөскээбит диэн кэпсээн-ипсээн туолбута. “Санников” диэн араспаанньа төбөбөр арахпаттыы хатаммыта. Санниковтан ордук күүстээх спортсмен суох да курдуга. Аны Николай Санниковы кытта араа-бараа түсүһэр Иван Горохов диэн Дьааҥы уолун аата иһиллибитэ. Эмиэ нууччалыы хааннаах бааһынай.
1968 с. бэс ыйыгар Дьокуускай куорат пааркатын стадионугар буолбут Манчаары Баһылай I Спартакиадатыгар Чурапчыттан Миитээ Кузьмин, Мындаҕаайыттан Виктор Васильев буоламмыт тиийбиппит. Онно Николай Санниковы аан бастаан көрөр дьолломмуппут. Михаил Габышев диэн Өлүөхүмэ бааһынайыныын биһи аттыбытынан ааһан иһэн сахалыы кэпсэтэллэрин истэммит сүрдээҕин үөрбүппүт. “Бэйэбит дьоммут эбит, ол иһин сахалыы ыстаналлар эбит!”- дэһии буолта.
Кырдьык, хаһыакка суруйалларын курдук, Николай Санников абытай ыраах ыстаныталаабыта. Кини ойорун көрөөрү, элбэх киһи мустубута. Икки ардылара 3,5 м тэлгэтиллибит туостары букатын ырааҕынан куоһарталаабыта. Кылыыга 44 м 14 см, ыстаҥаҕа 43 м 40 см, куобахха 37 м 58 см кыырайталаан, үс көрүҥ түмүгүнэн 125 м 12 см көрдөрүүлээх Манчаары абсолютнай чөмпүйүөнэ буолбута. Кылбаа маҥан формалаах, былчыҥ бөҕө, көстөр да дьүһүнүнэн кыраһыабайа сүрдээх. Михаил Габышев, Петр Посельскай, Иннокентий Сивцев кылыыга, ыстаҥаҕа, Сунтаартан Егор Корнилов, Горнайтан Афанасий Захаров миэстэлэспиттэрэ.
Ити сыл орто оскуоланы бүтэрэммин университет устудьуона буолбутум. Аны туран, “Сэргэлээххэ” баар 12-с корпус 87 хоһугар атах оонньооччулар Николай Санниковы, Иван Гороховы, Амматтан Слава Окороковы уонна миигин бииргэ олортулар. Итинтэн ыла XX-с үйэ аатырар атаҕын оонньооччута Николай Санников салалтатынан биэс сыл бииргэ дьарыктаммытым. Николай Александрович миигин маастар оҥорбута, ону ааһан, Манчаарыга, Саха сирин спартакиадаларыгар хаста да миэстэлэспитим. Кэлэ-бара элбэх уол дьарыктаммыта. Улахан маастардар буолуталаабыт СГУ сүүмэрдэммит хамаандатын волейболистара Афанасий Аммосов, Виктор Мельчинов, Андрей Гаврильев, педучилищеттан Николай Адамов, Владимир Алексеев курдук өрөспүүбүлүкэ күүстээх маастардара сылдьыбыттара. Мелодист Виталий Андросов, Василий Васильев-Харысхал, Егор Павлов, Дмитрий Иванов курдук сүүрүк-быһый, муосчут, мас тардыһааччы Роман Пинигин уо.д.а. бааллара. Николай Александрович майгыта элэккэй, сайаҕас буолан, сүбэтэ-амата элбэх буолара.
Николай Санников атах оонньуутугар олус бэриниилээҕэ. Дьиҥнээх фанат. Хас да бэлиэтэммит тэтэрээттээх, дневнигин эҥкилэ суох толорор. Сыллааҕы былаанын эрдэ оҥостон, онон сирдэтинэн дьарыктанар. Аны хоспутугар мелодист-ырыаһыт Аркадий Алексеев баянын тимэхтэригэр тарбахтарынан сүүрэлэтэн тыаһатан, саҥа айбыт ырыатын ыллаан иһитиннэрэрэ. Сталин аатынан Москватааҕы физкультура уонна спорт институтун бүтэрбит буолан, чэпчэки атлетика тренерэ идэлээх эбит этэ. Санниковтаах Гороховка сүүрэр-ыстанар техникаларыгар сүбэ-ама биэрэрэ.
Николай Санников дэлэй, көрүдьүөс кэпсээннээх-ипсээннээх буолан, 2-3 чаастаах дьарыгы билбэккэ да хааларбыт. Чочур Мырааҥҥа диэри кросстуубут. Хаалаары гыннахха, төттөрү кэлэн сэргэстэһэ сүүрээччи. Оннук үтүө санаалаах, аһыныгас дууһалаах. Кими баҕарар кытта уопсай тылы дөбөҥнүк булар. Оскуолаҕа боксанан, тустуунан дьарыктанан, ити бойобуой көрүҥнэргэ өйдөбүллээх, албастарын-ньымаларын билэр.
Элбэх 100 м, 50 м уһуннаах ыстаныылары, 200 м, 400 м түргэн сүүрүүлэри, бэйэ-бэйэни сүксэн бэһис этээскэ өрө-таҥнары түһүүлэри-тахсыылары, чохчоҥнооһуннары, штанганан хачайданары оҥортороро. Үгүспүт, тулуйбакка, толору оҥорбот этибит. Бэйэтэ күҥҥэ 2-3 дьарыктанара. Баанньыкка паарданыыга төһө кыалларынан уһуннук олорорбут. Мыыла хаатын хаппаҕынан көлөһүммүтүн кыһыахтыыбыт, бырастыынанан бүрүнэбит. Ол аата хос ыйааһыммытын үүрэбит, кытаанах, илистиилээх дьарыктар кэннилэриттэн эппитин-сииммитин чөлүгэр түһэрэбит. Режими, бэрээдэги тутуһарбыт. Бырааһынньыктарга шампанскай да испэт этибит. Күүс-уох өттүнэн айылҕа хатаҕалаабыт, эт-сиин өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах, тутуу үөрэҕэр үөрэнэр Иван Горохов чертежтары оҥороро, үгүс дьарыгы көтүтэрэ. Күүскэ дьарыктаммыта буоллар, ыраатыа хааллаҕа.
Николай Александрович таптыыр кыыһыныын, омук тылыгар үөрэнэр Иратыныын “Сэргэлээх” мас остолобуойугар оҥорбут сыбаайбаларыгар сылдьыбыппыт. Ньурбаттан уонна Өлүөхүмэттэн кэлбит ийэлэрэ-аҕалара бааллара. Ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх-битиилээх бэрт сэргэх сыбаайба буолан ааспыта.
Дьарыкпыт ньымаларын тренербит үстэ төхтүрүйэн ойууга Мельбурннааҕы (1956) уонна Римнээҕи (1960) Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс уонна боруонса призера, ССРС үтүөлээх тренерэ Витольд Креертэн сүһэрэ. Суруйсаллара, сорудахтар кэлэллэрин толороро. ССРС сүүмэрдэммит хамаандатын кытта Сочига тиийэн эрчиллэн кэлэрэ. Ол билиитин-көрүүтүн биһиэхэ тиэрдэрэ. Соҕуруу дойду улахан маастардара уон биир ойуулардаах кылыыны, ыстаҥаны, куобаҕы улаханнык сэҥээрэллэр эбит этэ. Николай Санниковы сөҕөллөрө, хайгыыллара. Бэйэлэрэ утуу-субуу түһэллэрэ. Үстэ төхтүрүйэн ойооччулар кылыыны – “скачки”, ыстаҥаны – “шаги” диэн ааттаан, анал упражнениелардаахтара. Стадиону биир гына 3,5 миэтэрэлиинэн лабырҕаччы ойон, атахтарын былчыҥнарын, иҥиирдэрин сайыннараллара. 40-с сылларга ССРС чемпионата уоннуу ойууларга ыытылла сылдьыбыта. Онон улахан спортсменнар, олимпиецтар кылыы, ыстаҥа көрүҥнэрин билэллэр. Штангистар куобахха үчүгэйдэринэн аатыраллар. Американецтар, бразилецтар, итальянецтар стадиону туора-маары кылыйан, ыстаҥалаан ойуталыыллара көрөргө дьикти үчүгэй буолааччы!
60-70 сылларга улахан күрэхтэһиилэр сэдэхтик буолаллара. Кыһынын хам-түм факультеттар, корпустар күрэхтэһиилэрэ буолуталыыллара. Манчаары Спартакиадалара икки сылга биирдэ, Саха сирин норуоттарын Спартакиадалара түөрт сылга биирдэ ыытыллаллара. Онон аҕыйахта күрэхтэһэрбит. Национальнай спорт сайдыытын көҕүлээбит Валерий Пантелеймонович Кочнев Уһук Илин уонна Сибиир норуоттарын күрэхтэһиилэрин тэрийэ сылдьыбытыгар Бурятия, Тува, Хакасия өрөспүүбүлүкэлэрэ кэлэн күрэхтэһэллэрэ улахан сэҥээриини ылбыта. Чэпчэки атлетика ыстаныыларын көрүҥнэригэр маастардар кэлитэлииллэрэ, Чучалин, Майоров, Баклыков курдуктар сахалыы атах оонньуутугар маастар нуорматын толортообуттара. Миэстэлэһэллэрэ. Итинник түмсүүлэрдээх күрэхтэһиилэргэ Николай Санников син биир инники күөҥҥэ сылдьара. Улан-Удэҕа 45 м 23 см кылыйан, Сахатын сиригэр турар бэйэтин рекордун тупсарбыта. Олег Парфенов диэн үстэ төхтүрүйэн ойуу маастара, ССРС, норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар призера кэлэн күрэхтэһэн, Санниковка хоттороро.
Атах оонньуута көҥүл тустуу, бокса көрүҥнэрин кытта тэҥҥэ дьүөрэлэспитэ. Суолтата үрдээбитэ. Үөрэхпин бүтэрэн дойдубар тыа сиригэр үлэлии барбыппар, Николай Александрович миэхэ суруйара, сорудахтары ыытара. Ол былааннарынан уонна “Учись прыгать” кинигэтинэн сирдэтинэммин, 25 м усталаах оскуола көрүдүөрүгэр кыһыннары дьарыктанаммын, Чурапчым оройуонугар сыллата бэйэм олохтуур рекортарбын тупсартааммын, анньыллан турар кыһыл былаахтары аһарыта түһэммин, биир дойдулаахтарым уруйдарын-айхалларын ылаттыырым, ама, туохха тэҥнэниэ буоллаҕай! Бастыҥ көрдөрүүлэрим кылыыга 43 м 42 см, ыстаҥаҕа 40 м 94 см, куобахха 35 м 35 см тиийтэлээбиттэрэ. Николай Санниковка дьарыктанаммын аҥаардас кылыыбар 3,5 м, ыстаҥабар 4 м кэриҥэ, куобахпар 3 м эбиллибитим. 1969 с. Саха АССР, 1970 с. РСФСР маастарын толорбутум. Манчаары Спартакиадаларын, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын, Уһук Илин уонна Сибиир норуоттарын призердара буолуталаабыппын дьолбунан ааҕынабын. Николай Санников итинник олохтон, үлэттэн, спортан дуоһуйууну ылбыт үөрэнээччитэ, иитиллээччитэ элбэх.
Билигин Николай Санников — “Саха-медтехника” генеральнай дириэктэрэ. Саха норуота, дьон-сэргэ чэгиэн буолалларын туһугар туох-баар билиитин-көрүүтүн, кыһамньытын ууран үлэлиир. Түгэнинэн туһанаммын, былыргы өбүгэлэрбит бэлэхтээн хаалларбыт саха атаҕын оонньуутугар саҥа кэрдиис кэми арыйбыт, үйэлэргэ өлбөөрбөт дьоһун суолу-ииһи хаалларбыт, кылыыга, ыстаҥаҕа, куобахха киһи сөҕөр үрдүк кирбиилэрин ылаттаабыт тренерим Николай Александрович Санниковка үбүлүөйдээх 75 сааһын томточчу туолбут өрөгөйдөөх күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин!
Николай Александрович, тапталлаах олоҕуҥ аргыһа Ирина Николаевналыын оҕолоргут, сиэннэргит, бүтүн сахаҕыт норуотун туһугар толору дьоллоохтук-соргулаахтык олоруҥ, чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ диэн алгыспын аныыбын!