14.06.2020 | 14:10

“Уларыйыы сайына” ыҥырар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Юные Якутяне” СӨ Оҕо эбии үөрэхтээһинин киинэ сайыҥҥы IT-симиэнэ арылларын туһунан иһитиннэрэр. Аныгы олоххо саамай ирдэнэр үөрүйэхтэри бу сайын устата баһылыаххытын сөп.

Онлайн-симиэнэ бырагыраамата Инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология министиэристибэтин өйөбүлүнэн барар.

Бэс ыйын 15-28 күннэригэр – “Уларыйыы сайына” 1-кы симиэнэ.

Кытталлар: 12-17 саастаахтар.

IT-кластер маннык хайысханан үлэлиир:

1 трек – ГИС  IT

3 куурус:

— Агрокосмос АгроНТИ. Геомиксер;

— ГИС: QGIS сүрүнэ, Веб-ГИС сүрүнэ, геоданнайдар моделлара, Сир зондированиетын сүрүнэ;

— Умсулҕаннаах геоматика.

Кытталлар: 6-10 кылаастар.

2 Трек — AcademyProIT

IT-технология диджитал-маркетинг, дизайн уонна оҥорон таһаарыы салааларын 10 кууруһа. «Моя профессия – IT» күрэхтэргэ бэлэмнэнии:

— Компьютернай графика — графическай дизайна сүрүнэ + Adobe Photoshop / Adobe Illustrator / Adobe InDesign / Figma / Бренд-дизайн / Веб-дизайн;

— Программирование —HTML&CSS сүрүнэ / JavaScript / PHP&MySQL;

— Маркетинг — Интэриниэккэ аныгы Digital-инструменнар (Instagram, Google, Яндекс).

Куурустары барытын IT специалистар ыыталлар.

Кытталлар: 8-10 кылаастар.

3 Трек — IT Summer Camp 2020 (бэс ыйын 29 – от ыйын 12 күннэригэр)

Улуустар уонна куораттар IT-кыттааччыларын анал кампустара. 5-7 киһи буолан анал бырагырааманан үлэлииллэр. Хамыыһыйа иннигэр бырайыак көмүскүүллэр. Бастыҥнар ХИФУ бизнес инкубаторын уонна “Юные Якутяне” бырайыактыыр офис резиденнэрэ буолаллар.

Кытталлар: 7-10 кылаастар.

“Уларыйыы сайыныгар” суруйтарарга:

https://forms.gle/mE6xqoVLajBUJS4UA

Почтаҕа сайаапкаҕытын ыытаҕыт keskildzsol@gmail.com

эбэтэр WhatsApp: (09:00—18:00): 8967 929-06-36, 8961 868-30-16.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....