Уларыйыы элбэх буолуо
Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэр балайда ыытыллан эрэллэр. Регионнарыгар коронавирустан хааччахха хаайтарбыттар лаппа мөлтөөтөхтөрө диэн сэрэйиллэр. Күрэхтэһиитэ, көҕүлээччитэ, эрийсээччитэ суох спортсмен хайдах да эрчиллэн урукку чөлүн тута сылдьара уустук. Эгэ, эбиллиэ баара дуо?
Сүүрүүгэ тэҥҥэ сырсааччыта суох соҕотох сылдьартан хайдах өр тэһийиэххиний? Оттон хапсыһыылаах көрүҥнэргэ спарринг-партнера суох күлүгү, чуучуланы кытта киирсэртэн туһа кыра. Ким эрэ көрөөччүгэ мэһэйдэтэн кыаҕын ситэ туһаммат, сорох ыалдьааччыларын хаһыыларыттан ордук эрчимирэр. Онон билиҥҥи күрэхтэһиилэр уруккулартан олох атыттар. Хара сордоох коронавируспут сарсын хайдах буолуо эмиэ биллибэт. Күрэхтэһиилэр болдьохторо да уларыйыан, олох да буолумуохтарын эмиэ сөп. Ону ол диэбэккэ, спортсменнар күрэхтэһиилэргэ дьылҕа быһаарарын кэтэспэккэ эрчиллэллэр. Күрэхтэһиигэ төһө да ыҥырдаллар, дьон сэрэнэр. Эһиил Олимпиада хайаан да ыытылларыгар эрэллэрин сүтэрбэттэр. Ол иннинэ ыарыыга ким сутуллуон баҕарыай? Ол иһин регионнарга араас хааччахтан эрчиллиилэр, күрэхтэһиилэр таһымнара тэҥэ суох. Итинниккэ ким ордук айымньылаахтык тобулан сатаан эрчиллибит – ол кыайыа. Күрэхтэһиилэргэ урукку лидердэри, чемпионнары, призердары, кинилэри араас биричиинэнэн, сааһырбыттарынан, ситэ эрчиллибэтэхтэринэн, атын табыллан бэлэмнэммиттэр, эдэрдэр ситэн-хотон албан ааттарын былдьааччылар. Быйыл сорохтор сэрэнэ кыттыбаттарынан, дьарыктара тэҥэ суоҕунан ол хаһааҥҥытааҕар да элбэх буолуо. Үгүс саҥа ааттар күөрэйиэхтэрэ.
Күрэхтэһии ханна буоларыттан, ол сиргэ Росмеднадзор ирдэбилэ тус-туһунан. Онон барааччылар ханна ирдэбил хайдаҕын эрдэттэн билэн, доруобуйаларын туругун туоһулуур сөптөөх докумуоннары кэмигэр толорторон, илдьэ сылдьалларын умнуо суохтаахтар.
Наталья Леонтьева – Арассыыйа боруонса призёра
Арассыыйа бэргэннэргэ күрэхтэһиилэрин кэннэ быһыйдарга эмиэ Саха сирин аата дуораһыйда. Смоленскайга 10000 миэтэрэ уһуҥҥа Арассыыйа чемпионата уонна сүүрүүгэ (U23) бастыыр иһин күрэхтэһии ыытылынна. Манна Наталья Леонтьева дьахталларга биэтэккэ үһүс кэлэн боруонса мэтээли кэттэ.
– Сезону хаһан да Арассыыйа чемпионатыттан саҕалаабатаҕым, онон хайдах эрэ өйдөммөт турукпар киирэн хааллым. Ааспыт сыллааҕы стартан уон иһигэр баарбын. Оччолорго график быһыытынан уонна мэһэйи туоруурга эрэ кыһалларым. Бу сырыыга бары тута уһун кэрчиккэ сүүрэргэ бэлэмнэммиттэр. Ити мээнэҕэ буолбатах эбит! Төһө да ардахтаах, тымныы күнүн иһин, үһүс миэстэҕэ таҕыстым, онтон наһаа үөрдүм, – диэн суруйар Наталья бэйэтин Инстаграмыгар.
Наталья Леонтьева Сунтаар улууһуттан төрүттээх. Уһун дистанцияларга сүүрүүгэ кыттар. Аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастара. Кини эдэрдэргэ хайаҕа сүүрүүгэ Арассыыйа уонна аан дойду Кубогын кыайыылааҕа. Улахан дьоҥҥо Арассыыйа чемпионатыгар боруонса призёр, дойду сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ. Итини таһынан Наталья – уһуну сүүрүүгэ устудьуоннарга Арассыыйа чемпионката, Арассыыйа чемпионатын боруонса призёра.
15 мөлүйүөн былдьаһыгар
Бокса федерацията күрэхтэһиилэргэ кыттааччытын элбэтэргэ араас ньыманы туттан эрэр. Бирииһин сыанатын үрдэттэ. Хамаанданан ирдииргэ ордук болҕомто уурда. Итиннэ салалта ыҥырыытыгар кэлбэтэххинэ, туоратыахтара турдаҕа.
Атырдьах ыйын Боксаҕа Арассыыйа кубогар сүүрбэттэн тахса хамаанда ыҥырылынна. Бириис фондатыгар 15 мөлүйүөн солкуобайы уктулар. Күрэхтэһии атырдьах ыйын 30-балаҕан ыйын 4 күннэригэр Удмуртия киин куората Ижевскэйгэ ыытыллара биллэрилиннэ. Уларыйыы тахсыбатаҕына, кэлэр өрөбүлгэ боксердары доруобуйаларын туругун, докумуоннарын көрүү, ыйааһыннарын кэмнээһин, сэрэбиэйдэһии, сарсыҥҥытыттан киэһэ аайы матчтар буолуохтара. Кубок балаһыанньатынан, матчтарга уон ыйааһынтан ордук элбэх очукуоламмыт кыайыылааҕынан ааҕыллар.
Бу күрэскэ саха боксаҕа оскуолатын алта иитиллээччитэ кыттар быраабы ылбыта.
Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокуруктан Николай Григорьев (52 кг) Михаил Варламов ( 57 кг), Киин Федеральнай уокуруктан Европа чемпиона, аан дойду призера Василий Егоров (52 кг), СоҕурууҥҥуФедеральнай уокуруктан Михаил Прокопьев (49 кг) уонна соторутааҕыта Москва куорат чемпионатыгар бастаабыт Борис Сидоров (49 кг) ити түһүлгэҕэ иккис буолбут Назар Андреев (75 кг) – иккиэн дойду киин куоратын аатыттан киирсиэхтэрэ. Боксердарбытын бэлэмнииргэ Дьокуускайтан Арассыыйа уонна СӨ үтүөлээх тренерэ Артур Пахомов уонна соторутааҕыта СӨ Ил Дарханын Айсен Николаев Ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх тренерэ үрдүк аатын ылбыт Владимир Павлов үлэлии сылдьаллар.
Бастаабыт хамаанда – 7, иккис хамаанда үһүс миэстэлээхтэргэ – 5, 3 мөл. солкуобайынан наҕараадаланыахтара.
Бастыҥнарга ураты болҕомто
Бу дьаҥ-дьаһах кэмигэр бастыҥ спортсменнарбыт ханна, хайдах сылдьалларын ыйытааччы элбэх. Тустууктарбыт Арыйаан Тютрин, Петр Константинов, бырааттыы Алексей, Петр Копыловтар уонна да атын бөҕөстөрбүт сабыылаах түмсүүгэ, Аллараа Бэстээхтээҕи спортивнай базаҕа от ыйын саҥатыттан саҕалаан эрчиллэ сылдьаллар. Кинилэр Арассыыйа көҥүл тустууга чемпионатыгар бэлэмнэнэллэр. Ити түһүлгэ муус устарга Улан-Удэҕэ буолуохтааҕа бастаан Москваҕа, онтон алтынньыга Владикавказка көспүтэ. Көрөөччүлээх дуу, көрөөччүтэ суох дуу буолара өссө быһаарылла илик. Олох да быйыл ыытыллыбат диэн турдахтарына да көҥүллэрэ. Итиннэ дойду хамаандатыгар ким хаһыс нүөмэр буолара быһаарыллыахтаах. Бастаабыттар быйыл Олимпиада ыытыллыбатынан, буолуо суохтаах аан дойду чемпионата Сербияҕа ахсынньыга балааннаммытынан, онно барар путевканы ылыахтаах.
Аан дойдутааҕы тустуу ассоциацията бары түһүлгэлэрин алтынньы бүтүөр диэри тохтоппута. Сэтинньитээҕи, ахсынньытааҕы былаанын ыарыы туруга ханна хайдаҕыттан өссө хаттаан көрүөхтээх. Эдэр тустууктар Арассыыйатааҕы түһүлгэлэрэ Москва чугаһыгар Нарофоминскай куоракка алтынньы 8-14 күннэригэр ыытыллар. Онно бастаабыттар Казаҥҥа балаҕан ыйын бүтүүтүгэр саҕаланар КГТ (СНГ) спортивнай оонньууларыгар уонна сэтинньигэ Финляндияҕа аан дойду 23 диэри саастаах бөҕөстөргө чемпионатыгар барар суолларын аһыахтарын сөп.
Аан дойду тустууга Кубогын хаһаайына Виктор Рассадин аҕа кыннын сүбэтинэн туспа былаанынан үлэлиир. Ыараханы, тимирдэри, штанганы көтөҕөлөөн күүһүн сайыннарарга улахан болҕомто уурар. Арассыыйа чемпионаттарыгар урут 57, 61 кг призердаабыт, 65 кг аан дойду кубогар кыайталаабыт буоллаҕына, аны 70 кг холонор санаалаах. Новосибирскайга тиийэн гректии-римнии тустууга икки төгүллээх олимпийскай чемпион Роман Власовтыын эрчилиннэ. Бу аатырбыт тустуук баара-суоҕа 12 эрэ тыһыынча ахсааннаах түүрдүү шорс омуктан бастакы улахан сулус сахалардыын аймахтаһа сатыыр. Көмөлөһөргө бэлэм.
Легионердарбыт, Беларусь чиэһин көмүскээччилэр, Европа призердара Владислав Андреев, Ньургун Скрябин уонна итинник түһүлгэ кыттыылааҕа Андрей Бекренев Минскэй аттынааҕы “Стайки” олимпийскай спортбазаҕа сылдьыбыттара ыраатта. Ити дойдуга бэрэсидьиэннэрин быыбарын кэннэ политическай быһыы-майгы уларыйда. Онон эмиэ туох, хайдах буолаллара биллибэт. Амматтан төрүттээх бөҕөстөрбүт Кыргызтантан Азия чемпиона Айаал Лазарев Дьокуускайга, Македонияттан Европа призера Владимир Егоров”Манньыаттаахха” Саха өрөспүүбүлүкэтин хамаандатын кытта эрчиллэллэр. “Манньыаттаах” спортивнай базатыгар тустууктары кытта кикбоксердар, оҕунан ытааччылар, боксердар, гректии-римнии тустааччылар эрчиллиини бардылар.
Дзюдоисткалар Ньургуйаана Никифорова Сочи, оттон Аина Моисеева Екатеринбург Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандаларын түмсүүлэригэр сылдьаллар. Билиҥҥи кэмҥэ бастыҥ боксербут Василий Егоров Москва уобалаһын Серпухов куоратыгар Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын үөрэтэр-эрчийэр түмсүүтүттэн Ижевскэйгэ Арассыыйа Кубогар киирсэ тиийиэ.
Паралимпиецтар Владимир Балынец (пауэрлифтинг), Степанида Артахинова уонна Николай Новгородов (оҕунан ытыы), Алена Дмитриева (олорон эрэ волейбол) Арассыыйа хамаандатын кытта Алексин куоракка эрчиллэ сылдьаллар.
Сүүрүүгэ аан дойдутааҕы таһымнаах маастарбыт, Арассыыйа марафоҥҥа чемпиона Сардаана Трофимова Кисловодскайга сборга барбыта. Кини Москва куоракка балаҕан ыйын 20 күнүгэр буолуохтаах марафоҥҥа кыттыахтаах. Манна Сардаана олимпийскай квалификацияны толорорго дьулуһар.
Ити ааттаммыт биллиилээх спортсменнарбыт соҕуруу эрчиллиилэрин сүрүннээн от ыйыттан саҕалаабыттара. Дьокуускайга Ил Дархаммыт ыйааҕынан киин куоракка тренажернай саалалар уонна фитнес-кулууптар итиэннэ аһаҕас салгыҥҥа – стадиоҥҥа дьарыктар ыытыллаллара көҥүллэммитэ. Балаһыанньа хайдаҕыттан көрөн, атын да спортивнай эбийиэктэр үлэлэрин саҕалыылларыгар бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Биирдиилээн энтузиаст-тренердэр көҕүлээһиннэринэн киин куоракка уонна улуустарга дьоҕус бөлөххө мустан, спортсменнар дьарыктарын тохтоппоттор.
Дуобатчыттар көмпүүтэринэн урут да эрчиллэллэрэ, интэриниэтинэн аан дойду араас муннуктарыгар баар күүстээх оонньооччулардыын киирсэллэрэ. Бу хаайтарыыга өссө онлайнынан күрэхтэһэллэрэ бары таһымҥа өссө элбээтэ. Сахалыы остуол оонньооччулара онлайн күрэхтэһиилэрин кыттааччытын эйгэтэ эмиэ кэҥээн эрэр.