Улахан уйуктаах тиэхиньикэ суол быраабылатын кэһэрэ салҕанар
Куорат баһылыга Евгений Григорьев бэс ыйын 24 күнүгэр Олохтоох дьаһалта үлэтин былаанныыр бэнидьиэнньиктээҕи уопсай мунньахха улахан уйуктаах массыыналар суол быраабылатын кэһиилэригэр болҕомтону күүһүрдэргэ ыҥырда.
Баһылык чуолаан улахан уйуктаах тиэхиньикэ суолу алдьатарыгар уонна тохтор таһаҕаһы сабыыта суох тиэйэригэр тохтоото. Ол курдук, аҥаардас ааспыт нэдиэлэҕэ улахан уйуктаах тиэхиньикэ өттүттэн суол быраабылатын кэһии 88 түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Маны таһынан 58 түгэҥҥэ суол саахала тахсыбыт, ол иһигэр 1 киһи суорума суолламмыт, 19 киһи араас кээмэйдээх эчийиини ылбыт.
Бу күн ГТРК ханаал «Куораты кытта быһа эпиир» аһаҕас биэриитигэр эмиэ баһылык Евгений Григорьев көрөөччүлэр болҕомтолорун ити кыһалҕаҕа хатаата.
Санатар буоллахха, ыам ыйын 2 күнүттэн улахан уйуктаах тимир көлөлөр куорат суолларынан айанныыллара бобуллубута. Ол туһунан ыам ыйын 27 күнүгэр буолан ааспыт быһа эпииргэ баһылык: «Хомойуох иһин, сорох суоппардар хааччахтааһыны өйдөөбөттөр. Нэһилиэнньэттэн, чуолаан Птицевод уул. олохтоохторуттан, үҥсүү үгүстүк киирэр. ГИБДД бу хайысхаҕа үлэни ситэ ыыппат диэн аһаҕастык этэргэ күһэллэбит», – диэн турар.
Ити курдук, улахан уйуктаах тиэхиньикэ өттүттэн суол быраабылатын кэһиини утары үлэ күүскэ ыытыллар.