02.11.2021 | 16:00

«Улахан этнографическай диктант -2021»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Народов много – страна одна!» – итинник ыҥырыы тыллаах «Улахан этнографическай диктант» Арассыыйа үрдүнэн сэтинньи 3-7 күннэригэр алтыс төгүлүн онлайн пуорманан www.miretno.ru сайтка норуот сомоҕолоһуутун Күнүгэр ананан ыытыллыаҕа. 
«Улахан этнографическай диктант» тэрийээччилэрэ – омуктар дьыалаларыгар Федеральнай агентство уонна Удмуртскай Өрөспүүбүлүкэ национальнай политикаҕа Министиэристибэтэ.
Диктант нэһилиэнньэ этнографическай билиитин таһымын эрэ сыаналыыр буолбакка, уопсастыбаннас омуктар икки ардыларыгар эйэ уонна сөбүлэҥ боппуруостарыгар болҕомтотун уурар сыаллаах. 
Диктант кыттааччыларынан бары баҕалаах дьон – Арассыыйа уонна кыраныысса таһынааҕы дойдулар олохтоохторо буолаллар. Оробуочай тыллар – нуучча, английскай уонна испанскай. 
Сорудахтар 2021 сыл сэтинньи 3 күнүгэр Москва бириэмэтинэн 00.01 чааска Улахан этнографическай диктант www.miretno.ru официальнай сайтыгар баар буолуохтара. 
Диктант сорудахтара 30 ыйытыктаах, онтон уона – региональнай. 
Диктант 45 мүнүүтэ иһигэр оҥоһуллуохтаах, муҥутуур түмүк – 100 баал. Диктант бүтээтин кытта сөптөөх эппиэттэри тута билиэххэ уонна түмүктэрдээх сертификаты хачайдаан ылыахха сөп. 
Аахсыйа туһунан сиһилии информация www.miretno.ru сайтка баар.
Социальнай ситимнэргэ официальнай бөлөхтөр: 
ВКонтакте - https://vk.com/miretno  
Инстаграм - https://www.instagram.com/etnodictant/ 
Фейсбук - https://www.facebook.com/miretno

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...