19.03.2020 | 11:08

Удьуор талааннаах дьиэ кэргэн

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Талаан удьуордуур диэн мээнэҕэ эппэттэр. Худуоһунньук, муосчут, РФ худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, РФ үтүөлээх худуоһунньуга Егор Петрович Саввин дьиэ кэргэнэ – удьуор талааннаах ыал.

– Егор Петрович, үтүө күнүнэн! Бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэр эрэ.

- Чурапчыга, саҥа үүнэр сылы уруйдуу, Агафья Егоровна уонна Петр Прокопьевич Саввиннар дьиэ кэргэннэригэр 1959 сыл бүтүүтүгэр, ахсынньы ый 30 күнүгэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Өлүөхүмэ Токотуттан төрүттээх эһэм аатынан Дьөгүөр диэн ааттаабыттара. Ийэбинэн урууларым Дарамаевтар диэн биллэр удьуор уус дьон. Аҕам Бүөтүр сэрии кыттыылааҕа, үйэтин тухары суот-учуот үлэтигэр райпоҕа үлэлээтэр даҕаны, маска мындыр уус этэ. Алта оҕолоох тыа сэмэй ыала, сахалыы сиэринэн оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска сыһыаран, такайан ииппиттэрэ. Уолаттар аҕабытын батыһа сылдьаммыт бултка уһуйуллубуппут, от-мас үлэтигэр эмиэ төһүү күүс буолар этибит. Оччолорго оонньуур кэмчи кэмигэр мастан кыһан, эрбээн бэстилиэттэри, саабылалары, аптамааттары бэйэбит оҥосторбут олохпутугар туһалаабыта. Маһы, эрбиини, быһыччаны кытары эллэһэрбит онтон саҕаламмыта.

- Оччоҕуна оскуолаттан талааныҥ өссө чочулуннаҕа.

- Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар Николай Иннокентьевич Новгородов салайар мастан чочуйар куруһуогар дьарыктаммытым. Кини үөрэтэр оҕолорун оҥоһуктарын наар быыстапкаларга кытыннарара. 1976 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа прикладной отделениеҕа туттарсан киирбитим. Бу сылларга үөрэнэрим быыһыгар спордунан дьарыктанан, бокса, хайыһар көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэргэ кыттарым. Училищены 1980 сыллаахха үөрэнэн бүтэрэн баран, быраактыкаламмыт сирбэр “Сардаана» сувенирнай фабрика токарнай-косторезнай сыаҕар үлэлии киирбитим. Ол кэмҥэ “Сардаана» фабрика П. Осипенко

уулуссатыгар саҥа тутуллубут икки этээстээх таас дьиэҕэ көспүт кэмэ этэ. Токарнай сыах сэргэстэһэ эргэ мас дьиэҕэ баара. Оччолорго дириэктэринэн Р.И. Захаров үлэлиирэ. Кини ол кэмҥэ ыараханнык ыалдьа да сырыттар, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри тэрилтэтин салайан олорбута. Кини кэнниттэн дириэктэринэн охотовед идэлээх В.А. Томтосов ананан кэлбитэ. Токарнай-косторезнай сыахха оччолорго маастарынан М.П. Феоктистова үлэлиирэ. Сыахха чороон, кытыйа чочуйар, лаахтыыр, гравировкалыыр учаастактар бааллара.

- Эдэр саас эрчимнээх кэмэ, таптал сырдык иэйиитэ умнуллубат түгэн буоллаҕа. Кэргэҥҥин кытта биир тэрилтэҕэ үлэлээбит эбиккит дии.

- Ити сыл сэтинньи ыйга Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, Забайкалье байыаннай чааһыгар сулууспалыы барбытым. 1982 сыллаахха ытык иэспин төлөөн, дойдубар Чурапчыга тиийэн ахтылҕаммын таһааран баран, өр буолбакка Дьокуускайга кэлэн үлэлээн испит тэрилтэбэр үлэбин саҕалаабытым. 1983 сыл сайыныгар профсоюз путевкатынан фабрика эдэр ыччата Өлүөнэ очуостарыгар теплоходунан сынньана барбыппыт. Кэргэним Валентина сувенирнай сыахха үлэлиирэ. Эрдэттэн билсибит буоламмыт, бу айаҥҥа өссө чугаһаспыппыт. Сыл курдук тургутуһууну ааһан баран, ыал буоларга быһаарынан, Мэҥэнэн, Чурапчынан сылдьан, 1984 сыллаахха муус устар 21 күнүгэр саахсаламмыппыт. Ол күн «Сардаанабытыгар» кэлэ сылдьыбыппыт, субуотунньук күнэ этэ. Дириэктэрбит И.П. Спиридонов кабинетыгар сүрдээх истиҥник көрсөн, эҕэрдэлээн улаханнык долгуппута, үөрдүбүтэ. Бу умнуллубат күн бэйэ омугун сиэринэн сахалыы таҥныбыппытын кэллиэгэлэрбит сонургуу көрбүттэрэ. Икки оҕолоохпут, уолбут Сарыал, кыыспыт Саргылаана. Иккиэн ыаллар, сиэн элбэх.

- Айар үлэҕин сырдат эрэ.

- Кылаабынай худуоһунньуктарынан үлэлээбит С.Д. Нестерев, В.М. Васильев уонна кинилэр кэннилэриттэн үлэлээбит Е.И. Заболоцкая айар дьоҕурдаахпын бэлиэтии көрөн, бэйэлэригэр тардыбыттара. Сонун образецтары таһынан, хатыламмат ураты оҥоһуктары уонна сакаастары оҥорорбут. Бу кэмнэргэ сөҕүмэр сыаналаах үлэлэри, сиэдэрэй көстүүлээх шкатулкалары, саахыматтары, мамонт аһыытын толору рельефтэри, уустук композициялары оҥортообутум. Муус оҥоһуктар күрэстэригэр кыттарбуолуохпуттан, Москва, Санкт-Петербург куораттарынан, Алясканан, Финляндиянан элбэхтик сылдьыспытым. Бу көрүҥ сонун, умсугутуулаах курдук буолбута. Саҥа сирдэри көрүү, улахан маастардары, скульптордары кытары көрсүһүү угуйа турара. Кэлин саҥа үөрэҕи бүтэрбит эдэр үлэһиттэргэ наставник быһыытынан сылдьан элбэх ыччаты үөрэппитим. 1990 сылтан саҕалаан «Сардаана» фабрика кыттар республиканскай, региональнай уонна тас дойдуларга кытары ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥкаларга, Австрияҕа, Францияҕа, Японияҕа, Германияҕа тиийэ бэйэм оҥоһуктарбынан кыттаммын кэккэ ситиһиилэрдээхпин.

- Билигин тугунан дьарыктанаҕын?

- 2004 сыллаахтан тэрилтэбиттэн уурайан, предприниматель быһыытынан үлэлии, айа-тута сылдьабын. Бу сыллар тухары муус оҥоһуктарга биир хамаандаҕа үлэлэспит, алтыспыт дьоннорбун, билигин биһиги кэккэбитигэр суох скульптор идэлээх Э. Пахомовы, худуоһунньук-дизайнер В. Игнатьевы олус истиҥник саныыбын. Кинилэртэн элбэххэ үөрэммитим. Билигин айымньылаахтык үлэлии сылдьар муосчут, муус оҥоһуктар норуоттар икки ардыларынааҕы күрэстэрин хас да төгүллээх кыайыылааҕын, норуодунай худуоһунньук Ф.И. Марковтыын, худуоһунньук Дь. Бойтуновтуун, скульптор М. Слепцовтуун, дэгиттэр талааннаах уус, урбаанньыт В. Атласовтыын, эдэр, эрчимнээх, элбэх күрэс кыайыылааҕа А. Андреевтыын, бииргэ үлэлэһэр В. Таманныровтыын, А. Игнатьевтыын, Ю. Ксенофонтовтыын саҥаттан саҥа бырайыактары, тутуулары оҥоробут.

- Оҕолоргут эһигини удьуордаабыттар эбит дии.

- Билигин Сунтаарга Вильям Яковлев бырайыагынан Алгыс түһүлгэтин оҥоро сылдьабыт. 2010 сылтан уолбун Сарыалы кытары «Зима начинается с Якутии» бырайыакка кыттыһан, 202 микрооройуоҥҥа, Борисовкаҕа муустан оҥоһуктары, хатыыскалыыр сирдэри, сыырдары оҥоробут. Уолбут Сарыал косторез идэлээх. Оҕо сылдьан Л.А. Ким аатынан художественнай лицейгэ Т.С. Таманнырова кылааһыгар үөрэммитэ. 2002 сыллаахха 14 №-дээх орто оскуоланы бүтэрэн баран, П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училище прикладной отделениетыгар туттарсан киирбитэ. Скульптор идэлээх В.В. Бочкаревка, косторез В.Н. Амыдаевка үөрэммитэ. Үөрэнэ сылдьан

«Дельфийские игры» устудьуоннар, ыччаттар бэстибээллэригэр быыстапкаҕа кыттыбыта. 2006 сыллаахха училищены бүтэрэн баран «Драгоценности Якутии», «Золото Якутии» тэрилтэлэргэ үлэлии сылдьыбыта. Быыстапкаларга, муус оҥоһуктар күрэхтэригэр кыттан кэккэ ситиһиилэрдээх. Онон уолбунан киэн туттабын. Ону таһынан маһынан эмиэ уһанар. Кэргэннээх, үс оҕолоох. Кыыспыт Саргылаана идэтинэн ювелир. 2010 сыллаахха художественнай училище прикладной отделениетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Ювелир идэтигэр Н.А. Васильев уһуйбута. Үөрэҕин бүтэрэн баран «Харысхал» чааһынай тэрилтэтигэр уонна «Симэх» фирмаҕа ювелир-дизайнерынан үлэлээбитэ. Билигин кэргэнин дойдутугар Мииринэй Арыылааҕар кыра оҕотун көрөн олорор, үс оҕолоохтор.

Биһиги, төрөппүттэр, баҕа санаабыт, оҕолорбут талан ылбыт идэлэринэн салгыы айымньылаахтык үлэлиэхтэрин, бу олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булунан бигэ туруктаныахтарын, удьуор утума быстыбакка салҕанан иһиэн баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....