22.01.2021 | 07:51

«УДАЛЕНКА» ҮЛЭ – ОЛОХ ИРДЭБИЛЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

*

Тэйиччиттэн олорон үлэ аан дойдуга пандемия туруоҕуттан олохтоохтук киирдэ уонна өссө эбии атын идэлэри эмиэ үөскэттэ. Бүгүн дьиэттэн олорон үлэ саҥа көрүҥэ төһө көдьүүстээҕин быһаарыахпыт уонна ааҕааччыларбыт ыйытыктарыгар хоруйдуохпут.

Быйылгыттан Роспотребнадзор бары тэрилтэлэргэ үлэлиир дьон ахсаанын аччатыҥ, тоҕуоруһа мусталларын хонтуруоллааҥ диэн дьаһал таһаарбыта. Командировкалары быстах кэмҥэ сарбыйарга сүбэлээбитэ.

Инньэ гынан, 65-тэн үөһэ саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон саҥа халыыпка киирэн үлэлии олороллор. Холобур, үрдүк үөрэх кыһаларын преподавателлэрэ лиэксийэлэрин ситим нөҥүө ыыталлар, суруналыыстар, IT-үлэһиттэр эмиэ биир оннук.

ТУҺАЛААХ КӨМӨЛӨҺӨӨЧЧҮЛЭР

Мантан аллара үлэ саҥа көрүҥүн тэрийэргэ сүбэлиэхпит уонна туһалаах бырагыраамалары, сыһыарыылары сырдатыахпыт.

Trello - стикердэр көмөлөрүнэн күннүк былаанынан үлэлиир. Ол эбэтэр инники былаан, ааһан эрэр үлэ уонна толоруллар соруктары киһи бэйэтэ хонтуруоллуур. Сыһыарыыга хаартыскалары хамсатаҕын уонна дьиҥнээх бириэмэ эрэсиимигэр үлэ хаамыытын кэтиигин.

Google Drive – файллары резервнэй куоппуйалааһыҥҥа уонна кинилэри кытта ханнык баҕарар тэрилинэн үлэлииргэ куттала суох харайыы сыһыарыыта. Олус наадалаах уонна туһалаах. Google ханнык баҕарар сыһыарыытын кытта быыстала суох үлэлиир кыахтаах. Бастаан 15 гб миэстэ босхо бэриллэр.

Screen O Matic – скринкасатары оҥорор тэрил. Судургутук эттэххэ, экраны видеоҕа устар сыһыарыы. Өскөтүн, үлэһиттэргин үөрэтээри гыннаххына, бары киирэр кыахтара суох түгэнигэр, бу сыһыарыы көмөтүнэн видеоҕа устаҕыт уонна сыылкатын кинилэргэ ыытаҕыт.

Croco Time – дьиэттэн олорон үлэлиир исписэлиистэри хонтуруоллуур. Үлэһит үлэтин саҕалаабытын, ханнык сайтары, бырагыраамалары туһанарын, кимниин төлөпүөннэспитин, күҥҥэ төһө бириэмэтин ханнык эйгэҕэ бараабытын кытта билэллэр. Маныаха тэрилтэ көмпүүтэрдэрэ биир синхронизациялаах буолуохтаахтар.

Битрикс 24 – үгүс тэрилтэлэр туһаналлар, ордук улахан хампаанньаларга аналлаах. Бу сервискэ үлэ бары түһүмэҕин туһунан толору информацияны ылыаххытын сөп. Ону сэргэ үлэһиттэри хонтуруоллуур уонна соруктары түҥэтэр. Араас таһымнаах дьүүллэһиилэри, кэпсэтиилэри ыытыахха сөп.

Салгыы хас биирдии үлэһити уонна үлэ биэрээччини таарыйар боппуруостары наардаатым:

ҮЛЭ МИЭСТЭТЭ ЭППИЭТТИИР ДУО?

Бастатан туран, хаачыстыбалаах уонна түргэн интэриниэт ирдэнэр. Камера, наушник, микрофон – барыта баар буолуохтаах. Өскөтүн үлэлиир көмпүүтэриҥ мөлтөх туруктаах буоллаҕына, тэрилтэҥ эйигин көмпүүтэринэн хааччыйыахтаах. Офис үлэһиттэригэр олоппос, остуол, үчүгэй сырдык монитор баар эбит буоллаҕына, дьиэҕэ мантан биирэ да суох буолуон сөп.

КЫАРАҔАС КЫБАРТЫЫРАЛААХПЫН

Киһи барыта киэҥ-куоҥ дьиэҕэ олорбот. Өскөтүн дьиэм кыараҕас диир буоллаххына, аһыыр остуолга эбэтэр түннүк анныгар олорон үлэ бырассыаһын тэрийиэххэ сөп эбит. Остуолгун истиэнэ диэки эргиттэххинэ уонна холодильниктан тэйиччи соҕус олордоххуна киһи үлэлиир кыахтанар.

Николай Собакин, офис үлэһитэ:

Дьэ, ити баар! Киһи илиитэ-атаҕа холодильникка тардыһа турар. Ол эрээри үлэбэр дөрүн-дөрүн тиийэн отчуот туттарабын, тэйиччиттэн үлэ бырассыаһын сөбүлээтим. Мантан антах саҥа халыыбынан олорорбут буолуо. Сотору-сотору үлэбитигэр «вспышка» тахсар, бэйэм иккиһин ыарыйдым. Дьэ, куттал!

ДЬИЭБЭР КЫҺАЛҔА ЭЛБЭХ, БАРЫТЫН ХАЙДАХ СИТИҺЭБИН?

Маннык хабааннаах этиини хас биирдии киһи дьиэлээх-уоттаах, оҕолордоох кэллиэгэтиттэн истэрэ саарбаҕа суох. Кырдьык, киһи дьиэҕэ олордо эрэ, күннээҕи түбүгү барытын саба тутар аакка түһэр. Аны туран, оҕолорбут эмиэ дьиэттэн олорон үөрэнэр буоланнар, төрөппүт барахсан учуутал уонна уһуйааччы оруолун эмиэ сүгэр. Оччоҕо бү үлэһит хайдах буолар?

Сайыына Сергеева, баан үлэһитэ:

Мин икки оҕом – оскуола үөрэнээччилэрэ. Бэйэм дьиэттэн олорон үлэлиибин, усулобуйам толору эппиэттиир. Баан ыытар араас бородууксуйаларын бырайыактыыр, хонтуруоллуур эбээһинэстээхпин, дьиэҕэ үлэлииргэ миэхэ табыгастаах. Оттон төрөппүт быһыытынан күн ахсын математика, нуучча тылын, география, бэл, физкультура учууталын оруолун кытта толоробун. Маннык олорбуппут ыраатта, этэҥҥэ биир сыл буолан эрэр.  Хайыахпытый, кыһалҕаттан учуутал да буолар буоллаҕым, саҥа үйэ ирдэбилэ дэһэллэр. Баҕарбатаҕым да  иһин, кыайбатаҕым да иһин, оҕом үөрэҕи толору ыларыгар эппиэтинэһи бэйэм эрэ сүгэбин. Хата, үлэм үксүн Москва офистарын кытта дьүөрэлээх буолан, үлэм чааһа хойут саҕаланар.

ҮЛЭҺИТТЭРБИН ХАЙДАХ ХОНТУРУОЛЛУУБУН?

Үлэһиттэргитин тэйиччиттэн олорон үлэлииргэ эһиги үөрэтиэхтээххит. Холобур, сарсыардааҥҥы көрсүһүүлэри Zoom, Microsoft Office 365, Google G Suite, Skype for business, о.д.а. сервистэринэн ыытыахха сөп.

Бу платформалар үлэһиттэр бары үлэҕэ-хамнаска бэлэмнээхтэрин бэрэбиэркэлииргэ табыгастаахтар. Араас мессенджер нөҥүө үлэ бырассыаһын куруук билсэ, кэпсэтэ олоруҥ. Отделга элбэх исписэлиис үлэлиир түгэнигэр, кинилэри кытта дуогабарда олохтооҥ.

Инна Степанова, судаарыстыбаннай тэрилтэ үлэһитэ:

Хас сарсыарда ахсын Zoom сыһыарыы нөҥүө үлэһиттэрбин кытта көрсөбүн. Telegram уонна Whatsapp ситимнэригэр чаттаахпыт, үлэ хаамыыта тохтообокко барар. Тэйиччиттэн даҕаны киһи үлэлиир усулуобуйата баар. Дьиэтээҕи кыһалҕа ханна барыай, үлэ тэрээһинин олохтуу сатыыбын. Оҕо уһуйаана үлэлиир буолан, кыыһым күн ахсын барар, уолум билигин дьиэттэн олорон үөрэнэр, син кыанар буолан манаан олорбоппун. Халлаан сылыйдаҕына, оскуолатыгар барыа этэ.

КЭЛЛИЭГЭЛЭРБИН КЫТТА СИБЭЭҺИ ХАЙДАХ ТУТАБЫН?

Суруйса, сибээстэһэ олороргут ирдэнэр. Кэпсэтиини  ыйытыыттан саҕалааҥ: «Хайдах үлэлии олороҕун?» Видео-сибээһи хамаҕатык тутта сатааҥ. Уопсай ситиһиилэр тустарынан хайаан да кэпсэтиҥ, сөбүгэр хайҕааҥ.

СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУУ

Пандемия хаһан бүтэрин ким даҕаны билбэт. Сорох учуонай үйэ-саас тухары диир, сорох күн сарсын бүтүө диир. Ол эрээри сайдыы аата сайдыы. Олох маннык таһымҥа тахсыбытын бары ылыныах эрэ тустаахпыт. Ол эрээри, үгүс дьон дьиэҕэ олорон тэйиччиттэн үлэлииллэрин сөбүлээтилэр. Ама, тэрилтэ исписэлииһэ, аныгы үйэ киһитэ информационнай-коммуникационнай технологиялары туһанарын ыарырҕатар үһү дуо?

ҮҺҮС ДОЛГУН ИҺЭР...

Эпидемиологтар быһааралларынан, Арассыыйаҕа быйыл саас үһүс долгун буолара чинчилээх. Маҥнайгы уонна иккис тургутуулартан быдан күүстээхтик, ыараханнык киириэ диэн сабаҕалааһын баар. Бу туһунан Арассыыйа счетнай палаататын баһылыга Алексей Кудрин Гайдаровскай форумҥа кэпсээтэ.

Кини Европаҕа үһүс долгун саҕаламмытын уонна уопут көрдөрөрүнэн, кэлин биһиэхэ эмиэ кэлэрин бэлиэтээтэ. Ол иһин вакцина айбыттар дии-дии, най барыа суохтаахпыт. Бары ирдэбили тутуһуохтаахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....