02.05.2020 | 10:56

УЧУУТАЛТАН – ФЕРМЕРГЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Данил кыра эрдэҕиттэн олус эппиэтинэстээх, киэҥ толкуйдаах оҕо буолан, туруоруммут сыалын ситиһэн тэйэринэн биллэрэ.

Чурапчыга, саха омук түөлбэлээн олорор дойдутугар, тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктаналлар. Хортуоппуйу үүннэриинэн умсугуйан туран дьарыктанар Данил Павлов ситиһиитэ холобур буолуон сөп. Ыраата барбакка, уһуну-киэҥи кэпсээбэккэ, кинилиин сэһэргэһиини ааҕыҥ.

Данил Павлов социальнай эппиэтинэстээх предприниматель буоларын быһыытынан, кыһалҕалаахтарга көмөлөһөрүн олус хайҕыы иһиттим. Билигин аан дойду үрдүнэн суостаах инфекция суоһуур куттала үөскүөҕүттэн, улуус соҕотох аҕаларыгар улаханнык көмөлөспүтүн истибиккит эрэ, суоҕа эрэ. Кини аныгы олоххо көмөлөсүһүү, өйөнсүү диэни сөргүтээччинэн эмиэ биллэр.

Эдэр фермер 2015 сылтан хортуоппуйу үүннэриинэн дьарыктанар. Ааспыт сылтан производствотын кэҥэтэн, моркуоп, сүбүөкүлэ культивизациялааһынын саҕалаабыт. Хаһаайыстыба 35 гектардаах: 3 га сир – моркуопка, 1 га – сүбүөкүлэҕэ. Эдэр фермер быраҕыллыбыт бааһынаны сөргүтүү боппуруоһун элбэхтик көтөҕөн, ол кэнниттэн барытын бэйэтин илиититигэр ылан, төрөөбүт дойдутугар үлэнэн дьарыктанарга быһаарыммыта. Бастакы сылга хортуоппуйу, хаппыыстаны, сүбүөкүлэни үүннэрэн саҕалаабытым диир.

ДАНИЛ ДАНИЛОВИЧ ИДЭТИН УЛАРЫТАР

Оскуолаҕа дириэктэринэн бэрт ситиһиилээхтик үлэлии сылдьан, хортуоппуйу үүннэриигэ бааһынай хаһаайыстыба тэриммит фермер Данил Данилович Павловы төрөөбүт улууһугар дьон үксэ билэр уонна холобур оҥостор. Тааттаҕа күтүөт буолан тиийэн учууталтан саҕалаан, дириэктэри солбуйууга тиийэ үүммүт. Өссө Мындаҕаайыга агро-оскуоланы салайбыт буолан, фермер буолар быһаарыныыта олус соһуччу буолбатах эбит диэххэ сөп.

Биһиги сирбит — олус быйаҥ, үтүө дойду. Урут, сопхуос эрдэххэ, оҕуруот аһын ыһыы, олордуу киэҥ далааһыны ылара. Онтон уларыта тутуу саҕаланан, хаһаайыстыбалар ыһылланнар, барыта тохтоон хаалбыта. Элбэх сыл устата сири кытта үлэ тохтоон турар кэмнээҕэ. Агро-оскуоланы салайар киһиэхэ олус долгутуулааҕа. Оҕуруот аһын суолтатын, сибиэһэй бэйэ бородуукусуйата дьоҥҥо, ыччаппытыгар хайдах курдук наадалааҕын эппинэн-хааммынан билбитим. Ол иһин, оскуолаттан барыам иннинэ, фермер уолаттары кытта билсибитим. Сэргэ Бэстэн сылдьар Александр Фомины кытта кэпсэтэн, сүбэлэһэн баран, фермер буоларга быһаарыммытым. Фоминнар хаһаайыстыбаларын көрөн, ымпыгын-чымпыгын билсэн, киниэхэ махталым улахан, — диир Данил Данилович.

Фермер бартыбыаллаах дириэктэр дуоһунаһыттан бэйэтин баҕа өттүнэн производствоҕа барбытын олус туруору быһаарыныы курдук санаабат. Аҕата Данил Харитонович сопхуос биир тутаах үлэһитэ. Суоппардаан, хачыгаардаан, сүөһү көрөн, биэнсийэҕэ тахсыар диэри солбуллубат сылгыһытынан үлэлээбитэ. Онон Данил тиэхиньикэҕэ, тыа сирин ыарахан үлэтигэр оҕо эрдэҕиттэн эриллэн улааппыт. Төрөппүттэрэ уолларын: «Киһи сатыырын киһи сатыахтаах», - диэн үөрэппиттэр.

Оҕуруот аһа – хортуоппуй, хаппыыста, сүбүөкүлэ, моркуоп – хаһан даҕаны дьоҥҥо барытыгар тиийбэт, ол иһин үксэ кэлии ас буолара. Дьиҥэр, бэйэбитигэр үүннэрэр, нэһилиэнньэни сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыйар кыахтаах буоллахпыт дии. Онон, идэбин уларытан, саҥа сүүрээни киллэрэн, фермерскэй хаһаайыстыба тэриммитим. Сыыһа быһаарыныы дии санаабаппын, төттөрүтүн, сөбүлүүр идэбэр таба тайанным”, — диэн этэр.

ПРОИЗВОДСТВОҔА ТИИЙБИТ ТӨРҮӨТЭ

Данил Павлов хаһаайыстыбата 2015 сыллаахха регистрацияламмыта, 2016 сылга кыһын-саас бэлэмнэнэн баран, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин граныгар киирсибитэ. Бастакы сылларыгар Өлүөхүмэ Саҥыйахтааҕыттан сиэмэ хортуоппуй аҕалан, 7 гектар сиргэ ыспыт. Ааспыт сылы ылан көрдөххө, 30 га хортуоппуй, 2 га моркуоп уонна 1 га аҥаара сүбүөкүлэ олордубут. Былырыын сириттэн 326 га хортуоппуй, 18 туонна моркуоп, 3 туонна сүбүөкүлэ ылбыт. Сүбүөкүлэ былырыын сиэмэтигэр табыллыбакка, үүнүүтэ арыый намыһах буолбут.

ТЫА ХАҺААЙЫСТЫБАТА ИННИКИЛЭЭХ ДУО?

Мин көрүүбэр, толкуйдаан хамсаннахха уонна үөһэттэн өйөбүл кэлэ турдаҕына, дьиҥинэн, инниклээх бөҕө буоллаҕа дии. Үлэбин-хамнаспын сайыннараары, соҕуруу араас быыстапкаларга, үлэ тэрээһиннэригэр ситиһиилээхтик кыттабын. Сорох сыл биирдэ кыттабын, сорох сыл – иккитэ. Онтукам эмиэ сүрдээҕин көмөлөһөр. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата, аһыыр аспыт буоллаҕа, саамай сүрүн ирдэбилбит диэтэхпинэ, сыыспаппын. Дьон аһыырын тухары тыа хаһаайыстыба син биир баар буолуоҕа.

ТИЭХИНЬИКЭНЭН ХААЧЧЫЛЛЫЫ

Тыа хаһаайыстыбата – дьиэ кэргэн дьарыга диэххэ сөп. Кэргэним, оҕолорум, бырааттарым-балыстарым, түөлбэм ыччата – ким тугу сатыырынан, ким туохха дьоҕурдааҕынан бары үлэлииллэр, ким да көрөн турбат. Бастакы икки сылга үүнүүнү илиинэн копалканан хомуйарбыт. Онно олохтоох нэһилиэнньэни, тэрилтэлэри, оскуола оҕолорун таһааран үлэлэтэр этибит. Ол гынан баран илии үлэтэ сүрдээх элбэх сыраны-сылбаны, тэрээһини эрэйэр диэммит, хамбаайын ылыммытым, – диир.

Эппитим курдук, министиэристибэттэн Грант ылан, культиватор, хамбаайын ылбыт. Ону таһынан, “Технополис” диэн тэрилтэттэн хортуоппуйу хаалыыр 1 туонналаах кууллары атыыласпыт. Онон, үлэҕэ саҥаны, сонуну киллэрэн иһэр.

ҮҮНҮҮНҮ БАТАРЫЫ

Чурапчы алаас сиргэ турар буолан, хортуоппуй үчүгэйдик үүммэт эбит. Инньэ гынан нэһилиэнньэ сиир хортуоппуйун атыылаһан эрэ аһыыр. Данил бэйэтэ оҕо уһуйааннарын, оскуолалары кытта дуогабар түһэрсэн, оҕолору сибиэһэй, бэйэ бородууксуйатынан хааччыйар. Остолобуойдары, кафелары кытта эмиэ үлэлэһэр.

ХАҺААНАР СИР

Биллэн турар, анал харайар сир суох буоллаҕына, оҕуруот аһа буорту буолар. Ол инниттэн эдэр киһи бэйэтэ сүүрэн-көтөн хортуоппуй хаһаанар 500 туонна иэннээх, бары оборудованиенан толору хааччыллыылаах хранилищены туппут. Бастаан 12 мөл. солк. иэскэ киирэн туран баҕатын олоххо киллэрбит. Бу туһунан маннык этэр: “Бэйэбит тутар биригээдэ булан, акылаатын түһэрэн, туох баар гравийын, уотун-хааһын барытын бэйэбит уйунаммыт, хранилище көҥдөйүн оҥорон туран киллэрдим. Уопсайынан, олордуунан дьарыктанар киһиэхэ саамай кыһалҕата – хаһааныы. Үлэлээбит үбүҥ бөххө тахсара, ороскуокка тэбэрэ соччото суох. Онон иэскэ киирэн туран оҥоттордум. Билигин бу эбийиэк кэннэ үлэлииргэ сүрдээх табыгастаах буолла уонна, саамай сүрүнэ, кыах биэрдэ. Ааспыт сыл Ил Дархан кэлбитигэр кыһалҕабын этэммин, көмө харчы ылллыбыт. Онон судаарыстыбаҕа махталбыт муҥура суох.”

ҮТҮӨ МАЙГЫ – КӨТӨР КЫНАТ

Данил аһымал аахсыйалары ыытар, спонсордыыр үтүө үгэстээх. Быйыл 28 соҕотох аҕаҕа хортуоппуйу кытта моркуоп түҥэппит. Иллэрээ сыл бэйэтэ үүннэрбин хаппыыстатын нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан, элбэх оҕолоох ыалларга түҥэппит. Фермер олохтоох дьаһалтаҕа бэйэтэ киирэн, кимиэхэ көмө наадатын сураһара хайҕаллаах дьыала.

ҮЛЭ МИЭСТЭТЭ

Данил Павлов үлэтин өссө биир үчүгэй өрүтэ – үс үлэ миэстэтин таһаарбыта. Кини хаһаайыстыбата түөрт дьиэ кэргэни аһатан-таҥыннаран олорор. Ону таһынан, күһүн-саас дьону, биир дойдулаахтарын быстах кэмҥэ дуогабарынан үлэлэтэр. Онон тыа сирин экономикатыгар кылаата баһаам.

ОҔО ТУҺУГАР ОЛОРОБУТ

Нэһилиэктэргэ сайдыы кэлэн, кииннэммит ититиигэ холбоннубут. Урукку курдук сүөһү-ас көрүүтэ суох, дэриэбинэҕэ да сайдыы кэлэр. Ол инниттэн, оҕолору үлэҕэ-хамнаска иитээри, ырааҕы көрөн, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар киһи хара үлэни биллэҕинэ эрэ бу олоххо ситиһиилэниэ, инникилээх буолуо диэҥҥэ итэҕэйэбин. Ону мин бэйэм билбит киһи буоламмын, оҕолорбун үлэни үлэлииргэ, кыайыгас, толоругас буоларга иитэбин.

Кэргэним идэтинэн учуутал эрээри, оскуолаҕа миэстэ суоҕуттан уһуйааҥҥа үлэлиир. Үс оҕолоохпут, улахан кыыспыт 7-с кылаас, уолбут – 6-с, кырабыт 3-с кылаас үөрэнээччитэ. Үөрэхтэригэр бары туйгуннар. Уолбуттан бэйэтин көмүскэнэргэ, эппит тылын булгуччу толорорун, “сатаабаппын”, “билбэппин” диэн толлон турбат буоларга үөрэтэбин, ирдиибин. Тиэхиньикэ буоллун, тутуу буоллун – барытын билэр төһүү көмөлөһөөччүм.

Ити курдук тыа дьонугар биир күн этэҥҥэ элэс гынна. Үлэ үөһүгэр сылдьар эдэр киһи инникитэ таһаарыылаах буоллун. Данил Данилович сыралаах үлэтэ, элбэх түбүгү эрэйэр сатабыла үрдүктүк сыаналаннын, дьон-сэргэ сэҥээриитин ыллын диэн баҕа санаабын этэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....