28.12.2023 | 14:00

Учуутал уонна уһуйааччы сыла түмүктэннэ

Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар Дьокуускай куоракка Учуутал уонна уһуйааччы сылын түмүктүүр тэрээһин буолан ааста.
Учуутал уонна уһуйааччы сыла түмүктэннэ
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

Киирээти кытта тыыннаах оркестр музыката, дыбарыас бастакы этээһигэр педагогтар тустарынан арт-галерея, “Наставники в лицах” уонна сыл устата буолбут тэрээһиннэр, “Мин учууталым” оҕолор уһуйдарын быыстапката турбуттар.

Үөрүүлээх тэрээһини П.Н. уонна Н.Е.Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын үлэһиттэрин хора арыйда.

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев учууталларга сыл устата оҥорбут үлэлэригэр махталын биллэрдэ, бу сыл үтүөтүк, үрдүк ситиһиилэрдээх түмүктэммитин бэлиэтээтэ.

 

Быйыл Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар Дьокуускайга “Үөрэхтээһин эйгэтигэр бочуоттаах настаабынньык” диэн түөскэ иилиллэр бэлиэ бигэргэннэ.

Бастыҥ көрдөрүүлээх учууталларга истипиэндьийэ олохтонно.

Түөрт оскуолаҕа естественнэй наука хайысхатынан сайдалларыгар грант ананна.

 

Баһылык “Дьокуускай куоракка килбиэннээх үлэ” бэлиэни 103 нүөмэрдээх “Родничок” оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Татьяна Михайловна Владимироваҕа туттарда. Маны тэҥэ, “Үөрэхтээһин эйгэтигэр бочуоттаах настаабынньык” бэлиэнэн педагогтары наҕараадалаата.

 

Учууталлары Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева эҕэрдэлээтэ. Үөрэхтээһин миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова, Дьокуускай куорат дууматын Үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа бастайааннай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Айаан Васильев, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Бэрэсидьиэнэ Евгения Михайлова бочуоттаах ыалдьыт буоллулар. Кинилэр киин куорат педагогтарын сыл түмүгүнэн көрдөрүүлэрин үрдүктүк сыаналаатылар. Бэтэрээннэр, уһуйааччылар өҥөлөрө Дьокуускайга үөрэхтээһин эйгэтэ сайдарыгар сүҥкэн суолталааҕын бэлиэтээтилэр. Киин куорат оҕону, ыччаты үөрэтэр-такайар эйгэтигэр үлэлэригэр бэриниилээх дьон үгүс, ону тэҥэ оҕону иитиигэ уопсастыбанньыктар, үөрэҕирии лидердэрэ элбэх кылааты киллэрэллэр.

“Дьокуускай учууталлара Сахабыт сирин учууталларын духуобунай сайдыыга, айымньылаах үлэҕэ кынаттыыр дьон буолаллар”,–  диэн бэлиэтээтэ Антонина Григорьева.

Үөрэхтээһин миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова Киин куорат Үөрэххэ управлениетын салайааччыта Мария Петрованы, бука бары учууталлары, иитээччилэри, эбии үөрэхтээһин уһуйааччыларын өссө биир өрө күүрүүлээх, интэриэһинэй, таһаарыылаах сыл ааспытынан эҕэрдэлээтэ. Быйыл киин куоракка педагогтарга анаммыт олус туһалаах тэрээһиннэр буолан ааспыттарын санатта. Дьокуускай учууталлара чахчы инники күөҥҥэ сылдьалларын, кэллиэгэлэригэр сирдьит буолар кыахтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Куорат Үөрэхтээһиҥҥэ управлениетын салайааччыта Мария Петрова эҕэрдэ тылыгар бу сыл олус түргэнник элэстэнэн ааспытын, хас биирдии учууталга билигин настаабынньыктааҕын, ол дьон өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэхтээһин көрдөрүүтүн өрө тардар сүдү кыахтаахтарын этэн туран, Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар дьолу-соргуну, бары үтүөнү баҕаран туран, араас биэдэмистибэлэр наҕараадаларын туттартаата.

Педагог уонна настаабынньык сылын түмүктэрин оҥорор сүрүн тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста, ситиһиилээх дьону чиэстээһинтэн учууталлар сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.

Үөрүүлээх тэрээһин бэлиэтэ Пеликан көтөр түмүккэ кынатынан далбаатаабыта инникигэ эрэли үөскэттэ, саҥа саҕахтар арыллалларыгар учууталлар, уһуйааччылар бэлэмнэрин туоһулаата.

 

Өрөспүүбүлүкэҕэ Учуутал сылын көрдөрүүлэрэ

Саха сиригэр Учуутал уонна уһуйааччы сылын түмүктэрин ахсынньы саҥатыгар  А.С. Пушкин аатынан тыйаатырга  буолбут улахан тэрээһиҥҥэ таһаарбыттара.

Учуутал уонна уһуйааччы сылын сүрүн идеята – учуутал киһи олоҕор суолтатын, дойду бүттүүн сайдыытыгар түстүүр оруолун үрдэтии буолбута.

 

Саха сиригэр 190-тан тахса педагогическай династия баар.

 

Учуутал уонна уһуйааччы сылын саҕаланыытыгар бүттүүн саха норуотун үөрүүтэ – уһулуччулаах учуутал Виктор Филиппович Потаповка Арассыыйа норуодунай учууталын ытык аатын иҥэрии буолбута. Кини Уйбаан Шамаев дириэктэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт физикаҕа учуутала.

 

Быйыл 6,8 тыһыыча учууталы хабан, уһуйааччыны кытта үлэлэһии бигэ ситимэ олохтоммут. Бу үлэҕэ 2,5 тыһыынча 35 сааһыгар диэри саастаах педагог кыттыспыт, 1,2 тыһыынча 3 сылтан кыра ыстаастаах учууталлар кыттыспыттар.

 

Өрөспүүбүлүкэбитигэр Ил Дархан граннара олохтоннулар. 100 тыһ. солк. суумалаах граннары 36 бастыҥ учуутал-уһуйааччы ылла. Бириэмийэнэн хас биирдии улуус, куорат хабылынна.

 

Эмиэ 100 тыһ. солк. кээмэйдээх бириэмийэни 100 бастыҥ педагог ылар чиэскэ тигистэ.

СӨ Бырабыыталыстыбата эдэр педагогтары өйүүр миэрэлэри ылан, биирдиилээн учууталларга бырайыастарын ороскуота төннөрүллэр буолла.

Үөрэх министиэристибэтин иһинэн “Бочуоттаах настаабынньык” бэлиэ олохтонно. Маны таһынан граннар, бириэмийэлэр, улуустар таһымнарыгар учууталларга уонна уһуйааччыларга туттарыллар бэлиэлэр бигэргэннилэр.

 

35 улуус педагогическай династиялар тустарынан кинигэлэрин таһаардылар.

 

«Учитель, перед именем твоим…» диэн ааттаах хронико-документальнай киинэ таҕыста. Киинэҕэ Үөһээ Бүлүү улууһун гимназиятын төрүттэниитин уонна үс улуу учууталларын – Михаил Алексеев, Василий Долгунов, Виктор Потапов туһунан кэпсэнэр.

Үүнэн эрэр ыччаты учуутал идэтигэр ыҥырар сыаллаах 32 улууска  72 психолого-педагогическай кылаастар арыллан үлэлээн эрэллэр.

Бүтүн Арассыыйатааҕы “Арассыыйа бастыҥ учуутала – 2023“ күрэххэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээх гимназиятын физикаҕа учуутала Иван Дьяконов лаурает аатын сүктэ.

“Төрөөбүт тыл бастыҥ учуутала” Арассыыйатааҕы күрэх лауреатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын саха тылыгар уонна литератураҕа учуутала Кэскилээнэ Лукина буолла.

 

“Бастыҥ дириэктэр – 2023” Арассыыйа таһымнаах күрэх финалиһынын Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕин орто оскуолатын дириэктэрэ Ольга Колмакова таҕыста.

 

 «Флагманы образования» Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ  Нерюнгри 1-кы нүөмэрдээх гимназиятын учууталлара Ирина Гончарова уонна Юлия Самсонова, Анаабыр улууһун Үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Любовь  Елисеева ситиһиилээхтик кытыннылар.

 

Сыл устата араас хайысхалаах форумнар, научнай-практическай конференциялар, идэлээхтэр күрэхтэрэ, бэстибээллэр, марафоннар, идэни үрдэтинии куурустара, стажировкалар уо.д.а. буолан аастылар.

 

Саамай улахан тэрээһин – Педагогическай декада 30 тыһыынчаттан тахса учууталы хабан үлэлээтэ.

Муниципальнай тэриллиилэргэ барыта холбоон 1,4 тыһыынча тэрээһин ыытыллыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....