Учуутал дуу, репетитор дуу?
Аҕыйах сыллааҕыта үөрэҕэр мөлтөх эрэ оҕо репетиторданарын курдук саныырбыт, бу оннооҕор кыбыстыылаах дьыала курдук ылынарбыт. Дистанционнай үөрэх киириэҕиттэн маннык өҥө чахчы наадалааҕа билиннэ.
Ол туһунан “Galileo” репетиторскай киин салайааччыта Мария Валерьевна Гольдерованы кытта кэпсэттибит.
– Уонча сыл анараа өттүгэр үрдүк үөрэххэ туттарсар оҕолор репетитор өҥөтүнэн туһаналлар, эбии дьарыктаналлар диэн буолар этэ. Эбэтэр оҕобут үөрэҕэр арыый чорбойо түстүн диэн баҕалаах төрөппүттэр суруйтараллара. Алын кылааска репетитор көмөтүгэр дьон соччо наадыйбат курдуга диэххэ сөп.
Билигин куорат оскуолаларыгар кылааска олус элбэх оҕо үөрэнэр. Учуутал баҕарбытын да иһин хас биирдиилэригэр болҕомто уурар кыаҕа суох. 30-тан тахса оҕо таһыма тус-туһунан: ким эрэ мөлтөх, ким эрэ инникилээн иһэр. Биллэн турар, учуутал үөрэнээччигэ барытыгар көмөлөһө, билиини биэрэ сатыыр. Сорох учууталлар уруок кэнниттэн хаалларан, эбии дьарыктыыллар. Ол эрээри ардыгар ол да көмөлөспөт буолар.
Гаджет үйэтин оҕото төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ олус өр олорор, аралдьыйара үгүс, дьиэҕэ үлэни толороругар бириэмэтэ аҕыйаан тахсар. Итиэннэ оҕо оҕо курдук сүрэҕэлдьииллэрэ баар суол.
Биһиги репетиторскай үлэнэн сэттэ сыл дьарыктанныбыт. Дьиҥэр, төрөппүттэр репетитор көмөтүгэр пандемия саҕаланыан быдан инниттэн наадыйар буолбуттара. Ол эрээри оҕолор дистанционнай үөрэххэ көспүттэригэр, биллэн турар, үгүс төрөппүт ууга-уокка түспүтэ, ыксаабыта, репетитор өҥөтүнэн туһанарга күһэллибитэ. Урукку өттүгэр үксүн үрдүкү кылаас оҕолорун дьарыктыыр буоллахтарына, билигин алын кылаастар эмиэ суруйтараллар.
Аны туран, кэнники кэмҥэ ВПР киириэҕиттэн репетитор көмөтүгэр наадыйыы күүһүрдэ. Төрөппүт “Оҕом кыайан туттарыа дуо?” диэн куттанара, дьиксинэрэ үксээтэ. Дьиҥэр, урут даҕаны маннык курдук хонтуруолунай үлэлэр бааллара. Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ оҕону биир кэлим эксээмэн тургутуктарыгар бэлэмниир, ситимниир буоллахтара.
– Төрөппүт ханнык түгэҥҥэ оҕоҕо репетитор чахчы наада диэн долгуйуохтааҕый? “Билиҥҥи бырагырааманы бэйэбит да ыарырҕатабыт, көмөлөһөр кыахпыт суох” дииллэрин үгүстүк истэбит.
– Хас биирдии төрөппүт оҕото үөрэхтээх киһи буолуон баҕарар. Чиҥ билии – оҕо салгыы үрдүк үөрэххэ киирэригэр, олоххо бэйэтин миэстэтин буларыгар сүрүн тирэх.
Киһи барыта үөрэҕи ылынар кыаҕа суох. Оҕо эргиччи чаҕылхай буолуохтаах диир сыыһа. Айылҕаттан тылга дьоҕурдаах, ол эрээри ахсааҥҥа мөлтөх, эбэтэр математикаҕа, техническэй наукаларга күүстээх, ол оннугар тылы ыарырҕатар оҕолор бааллар.
Оҕо алын сүһүөх кылааска биир кыра тиэмэни ситэ өйдөөбөтөх буоллаҕына, ол кэлин охсор, үрдүкү кылаастарга син биир өтөр диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол иһин кини тугу ыарырҕатарын эрдэттэн быһаарар ордук.
Сорох оҕо бэрт кыра көмөҕө наадыйар, оттон кимиэхэ эрэ мэлдьи көмөлөһүөххэ наада. Аны туран, бэйэтин кыаҕын намыһахтык сананар оҕо эмиэ баар. Эбии дьарыктанан бардаҕына, үчүгэй сыаналары ылар буоллаҕына, кини олус үөрэр. Онтон кынаттанан, “кыахтаах эбиппин” диэн сананар. Ол салгыы үөрэнэригэр туһалыыр.
Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ үксүн биир кэлим эксээмэн иннигэр бэлэмнэнэллэр, эбии дьарыктаналлар, бачча баалга туттарыахтаахпыт диэн сыал-сорук оҥостоллор. БКЭ сорудахтара ыарахаттар, оскуола эрэ бырагырааматынан муҥурдаммаккын, онон эбии көмө син биир наада курдук.
Төрөппүт репетитортан тугу ирдиирин эрдэттэн чуолкайдыахтаах. Холобур, оҕотун олимпиадник оҥоруон эбэтэр нуучча тылыгар өрө таһаара түһүөн баҕарар. Эбэтэр дьиэҕэ үлэни толороругар, “пробелын” суох оҥороругар көмөҕө наадыйар. Ол туһунан репетиторы кытта кэпсэтиэхтээх, сүбэлэһиэхтээх. Уопуттаах уһуйааччы оҕо таһымын тута быһаарар, төрөппүккэ сүбэ-ама биэрэр, бачча дьарык кэннэ маннык таһымҥа тахсыахпыт, оннук түмүгү ситиһиэхпит диэн этэр.
Кырдьык, сорох төрөппүт репетиторы аптаах палочка курдук саныыр. Тиһиктээх дьарыга, дьиэтигэр хонтуруола суох оҕо аҥаардас репетитор көмөтүнэн үчүгэй түмүгү көрдөрбөтө чахчы.
– Сорох учууталлар репетитор оҕону булкуйар диэн утараллара оруннаах дуо?
– Уопута суох эдэр репетитордар сыыһа быһаарыахтарын эмиэ сөп. Ону, биллэн турар, учууталлар сөбүлээбэттэр.
Аны туран, үйэлэрин тухары гимназияларга, лицейдэргэ учууталлаабыт репетитордар мөлтөх оҕону кытта сатаан үлэлээмиэхтэрин эбэтэр ылсымыахтарын эмиэ сөп.
Үлэ хаамыыта учуутал методикатыттан, сатабылыттан, ханнык технологиялары туһанарыттан сүҥкэн тутулуктаах.
Киһи эрэ барыта репетитор буолбат. Мин санаабар, ити айылҕаттан бэриллэр дьоҕур. Кини чопчу биир оҕону туспа дьарыктыыр, үөрэнээччи психологиятын учуоттаан, кыаҕын көрөн, үтүө түмүк туһугар үлэлиир. Биир өттүнэн ыллахха, репетитор оҕону эппиэтинэскэ, дьиссипилиинэҕэ үөрэтэр, үөрэххэ сыһыанын уларытар.
– Кэпсэтиэхпит иннинэ араас биллэриилэри көрдүм. Арааһа, саҥа үөрэҕи бүтэрбит учууталлар, оҕолору чэпчэки сыанаҕа дьарыктыыллар эбит. Үгүс төрөппүт сыана хайдах быһылларын билиэн баҕарар.
– Саҥа үлэлээн эрэр учууталлар, биллэн турар, төлөбүрдэрэ чэпчэки буолуон сөп. Уопуттаах өттө бэйэлэрин сыаналарын билэллэр, соччо халбаҥнаппаттар. Ону сэргэ анал киин иһинэн үлэлиир репетитор хамнаһыгар куортам сыаната, администратор үлэтэ о.д.а. ороскуот киирсэр. Оттон дьиэҕэр ыҥыран, биитэр бэйэҥ тиийэн дьарыктыыр буоллаххына, оннук ороскуот суох.
Билиҥҥи үйэҕэ дьон-сэргэ санаата, сыанабыла ханнык да рекламатааҕар күүскэ үлэлиир. Биһиэхэ төрөппүттэр үксүн бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн кэлэллэр.
– Үлэҕитигэр туохха болҕомтоҕутун уураҕытый?
– Оҕону кытта үлэлиир тэрилтэ үрдүк эппиэтинэһи сүгэр. Анал тэрилтэҕэ үлэлиир репетитордар бэрэбиэркэни ааһаллар, мэлдьи хонтуруол үрдүгэр сылдьаллар. Кинилэр ыстаастара, уопуттара, оҕону кытта үлэлиир сатабыллара сыаналанар.
Репетиторскай киин эйгэлиин да атын буолуохтаах, оҕону ураты турукка киллэриэхтээх. Туспа кабинеттаах, толору хааччыллыылаах, бары өттүнэн тупсаҕай буолара ирдэнэр, онуоха усулуобуйа барыта тэриллиэхтээх. Холобур, оҕо кэлэригэр-барарыгар, айанныырыгар мэһэйдэри көрсүө суохтаах. Ол иһин тырааныспар сырыытын, тохтобул ханна турарын кытта учуоттуубут.
Бары биир сүбэнэн үлэлииргэ, аныгы технологиялары туһанарга кыһаллабыт. Сорох оҕолор онлайн дьарыктаналлар, онуоха бары өттүнэн хааччыллан олоробут.
– Үгүс төрөппүт күнү быһа үлэлиир, оҕотун кытта дьарыктанар солото суох. Дьиэҕэ үлэни толоруу “сэриигэ” кубулуйда диэн хаһыакка суруйабыт. Оҕо дьиэҕэ үлэтин бэйэтэ толоруохтаах дуу, төрөппүт көмөлөһүөхтээх дуу?
– Баар кыһалҕа. Сорох төрөппүттэр оҕобут үчүгэйдик үөрэннин диэн, хара маҥнайгыттан көмөлөһөллөр эбэтэр оҥорон биэрэллэр. Ити олус охсуулаах. Оҕо сорудаҕы да өйдөөбөт буолан хаалар. Аны туран, сорох оҕолор күнү быһа дьиэлэригэр соҕотох олороллор. Туох да хонтуруола суох буолан, үксүн төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ ыллараллар. Ол иһин билигин “продленка” өҥөтүнэн туһанар дьон элбээтэ. Биһиги оҕо оннугар уруогун ааҕан биэрбэппит, биллэн турар, быһаарабыт, сыыстаҕына, көннөрөбүт, төһө оҥорорун хонтуруоллуубут.
Дистанционнай үөрэххэ төрөппүттэр бэйэбитин аһынабыт. Дьиҥэр, оҕолорбут олус улахан ноҕуруускаҕа сылдьаллар, олус сылайаллар, ону бэйэлэрэ өйдөөбөттөр. Төрөппүт киэһэ үлэтиттэн кэлэн баран оҕотун ыгара, мөҕөрө баар суол. Аны оскуолаҕа эмиэ туспа ирдэбил. Инньэ гынан, оҕо элбэх психологическай тургутугу ааһар, сороҕор үөрэхтэн хал буолар. Ол иһин “продленкаҕа” үөрэҕи уонна сынньалаҥы дьүөрэлиибит. Оҕо оонньуур, атыттары кытта алтыһар бириэмэлээх буолуохтаах диэн санаанан салайтарабыт.
– Мария Валерьевна, кэпсээниҥ иһин махтанабын, үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын.
Оҕоҥ репетиторга наадыйар дуо?
Нюргуяна Захарова, төрөппүт:
– Мин оҕом 7-с кылааска үөрэнэр. Быйыл, дьэ, оскуолаҕа үөрэнэн эрэллэр. Онон күһүн алгебраҕа, геометрияҕа репетитор наймылаһарга күһэллибиппит. Билэр учууталбытыгар, чааһынай репетиторга суруйтарбыппыт. Чааһа – 500 солк. Кылгас кэмҥэ сылдьан баран, харчы кырыымчык буолан, тохтоотубут. Син тубуста эрээри, ситэ дьарыктамматаҕа биллэр. Дьиҥэр, репетитор туһалаах буолан баран, учууталтан элбэх тутулуктаах.
Биһиги иккиэн үлэлиибит. Дьиэбитигэр сылайан кэлэн баран оҕону үөрэтэ олорор сэниэ да суох. Өрөбүллэргэ көмөлөһүөхпүтүн сөп эрээри, бэйэбит да ити предмети ыарырҕатабыт.
Инна Михайловна, төрөппүт:
– Мин оҕом алын кылааска мэлдьи “туйгун” сыанаҕа үөрэммитэ. Билигин “үспүт” үксээтэ, “түөрт” сыана баҕалаах буолла. Үөрэх дистанционнай көрүҥҥэ көһүөҕүттэн өйдөөбөтө улам элбээбитэ. Аны үөрэххэ сыһыан биллэ уларыйда. Оҕолор аһыы олорон, оннооҕор сирэйдэрин сууммакка да зуумҥа киирэллэрэ кистэл буолбатах. Бу күһүҥҥүттэн син сааһыланан испиттэрэ да, соторутааҕыта биир оҕо ковидтаан, кылааһынан онлайн үөрэнэргэ күһэлиннилэр. Орто хамнастаах ыал репетиторга харчы кутар кыахпыт суох. Билиҥҥэттэн репетиторданнаҕына, ханна тиийэр, үрдүкү кылааска хайдах буолар, БКЭ-ни хайдах туттарар?
Оҕо үөрэҕи оскуолаҕа ылыахтаах, киниэхэ учуутал сөптөөх билиини биэриэхтээх дии саныыбын. Тоҕо харчы төлөөн туран оҕобутун эбии дьарыкка сырытыннарыахтаахпытый?