13.02.2022 | 15:00

Учуобунньук буруйдаах үһү дуо?

Учуобунньук буруйдаах үһү дуо?
Ааптар: Татьяна Саввинова
Бөлөххө киир

Саха тылыгар дьиэҕэ үлэни бүтүн дьиэ кэргэнинэн, аймаҕынан оҥоробут, ол кыаллыбатаҕына, бассаап көмөлөһөр. “Оҕо үөрэтэ, кыһалла сатаан баран, саха тылын абааһы көрөрүгэр тиийэр. Сорох төрөппүттэр оҕолорун нуучча оскуолатыгар көһөрөргө күһэллэллэр”. Маннык ис хоһоонноох кэпсэтии үгүс. Онуоха төрөппүттэр халы-мааргытык оҥоһуллубут учуобунньуктары буруйдууллар.

Соторутааҕыта саха норуодунай суруйааччыта, суруналыыс Наталья Михалёва-Сайа бэйэтин блогар санаатын суруйбутун, дьону-сэргэни санаа атастаһыытыгар ыҥырбытын сэргии аахпытым. Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах нүөмэргэ бу тиэмэни таарыйар тоҕоостоох.

Бу иннинэ Наталья Владимировна ааҕааччыларын көмөҕө ыҥырбыт этэ. Сайа суруйар:

– Холобур, маннык таабырын таайыытыгар көмөлөһө сатаатым: "Биһиги үс доҕордоохпут: биирдэрэ аһатар, иккиһэ иһэрдэр, үсүһэ дьиэни маныыр". "Толкуйдаа. Тобул" диэн сорудахтаах. Учуобунньук сирэйигэр баар атын суруйуулартан сирдэттэххэ, оҕолор дьиэ кыылларын үөрэтэ сылдьаллар. Онон, бу таабырын эмиэ дьиэ кыылларыгар сыһыаннаах буолуохтаах. Дьиэни манааччы мөккүөрэ суох биллэр. Икки инники этиигэ хоруйдуур уустук.

1. АҺАТАР. Этин сиирбит туһунан эбит буоллаҕына, сылгы да, ынах сүөһү да, ону ааһан сибиинньэ, куурусса эмиэ сөп түбэһиэх курдуктар. Ыт даҕаны бултаан аһатыан сөп эбээт.

2. ИҺЭРДЭР. Утахпытын ханнарарбыт туһунан буоллаҕына, ынах үүтүн, биэ үүтүн да кымыс гынан иһиэхпитин сөп. Коза үүтүн эмиэ иһэбит.

"Доҕорбутун" аһыыр уонна иһэр омук буоларбыт оҕо кулгааҕар, өйүгэр хайдах тиийиэ эбитэ буолла? Аны "иһэрдэр" диэн сөпкө этиллибит дуо? Инстаграмҥа сорох дьонум, баҕар, дьиэ кыылыгар сыһыана суох, холобур, өрүс буолуон сөп диэн көрдүлэр. Өрүс да буоллаҕына, "өрүс иһэрдэр" диирбит сөптөөх дуо? Эбэтэр "ынах иһэрдэр" диирбит? Оттон сорохтор "тимири иһэрдии" диэн эмиэ баарын туһунан бэлиэтээтилэр.

Оннооҕор улахан киһи кыайбат

Сайа курдук ийэ тыл этигэнинэн, эриэккэһинэн этэ-тыына, суруйа-бичийэ, саҥара-иҥэрэ сылдьар киһи көмө көрдөөбүт буоллаҕына, куорат оҕото ыарырҕатара чуолкай.

Суруйааччы кыһалҕаны уот харахха ойуулуур:

«Соруйан «төрөөбүт тылларын таптаабатыннар!" диэбит курдук учуобунньук...” “Оҕоҕо биэрбит сорудахтарын саха тылын учууталларыгар, суруйааччыларга да көмөлөһүннэрэн кыайбатым..." "Бу кимнээх оҥорор учуобунньуктарай?!"

Маннык курдук ис хоһоонноох саҥа-иҥэ иһиллибитэ ыраатта. Ол эрээри улахан муҥунан (куорат сиргэ) сахалыы кылаастары, оскуолалары булларбыт оҕолорбут ол “кэм сахалыы билэбин” дии саныыр улахан киһи да мунаарар учуобунньуктарынан үөрэммиттэрин курдук үөрэнэ сылдьаллар...”

ОҔО ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЫТТАН ТЭЙДЭ ДИЭН БАРЫ ДОЛГУЙАБЫТ. Биллэн турар, быһыы-майгы сытыырхайбытыгар саба халыйан кэлбит балысхан сайдыы төрүөт буолла. Онуоха бу кимнээх эрэ оҕоҕо төрөөбүт тылын ыарырҕатан таптаабат, сөбүлээбэт оҥорор халы-мааргы учуобунньуктара көмө буолаллар”.

Саатар эрэ ааҕымаҥ диэн дуо?

Кэпсэтиигэ үгүс киһи кыттыбыт. Саха тылын дьиэҕэ үлэтин толоро сатаан “муҥнаммыт” уонна сылайбыт ийэ, аҕа, эбээ, эһээ элбэх эбит. Сорохтор урукку уонна билиҥҥи кэм кинигэлэрин тэҥнээбиттэр. Биир ааҕааччы санаатын үллэстибит: “Билиҥҥи кинигэлэртэн киһи дьиктиргиирэ элбэх. Уруккулары тоҕо сирэллэрин өйдөөбөппүн. Ис киирбэх, быраабылаларга сөрү-сөп эрчиллиилэрдээхтэр, иитэр, үөрэтэр суолталара олус улахан эбээт”. Маныаха биир ааҕааччы эбии тэптэрэн биэрбит: “Литература учуобунньуктарын көрөргүт буоллар... Саатар эрэ ааҕыма диэбит курдуктар”.

Кырдьыга даҕаны, төрөөбүт литература учуобунньуктарыгар киирбит айымньылар “эргэрбиттэрин”, аныгы кэм оҕолорун интэриэһин тардыбаттарын туһунан ааҕыы туһунан төгүрүк остуолларга, араас тэрээһиннэргэ этэллэр-тыыналлар, бу боппуруоһу көтөҕөн, хаһыакка дөрүн-дөрүн суруйабыт. Аны туран, сорох учуобунньукка киирбит айымньылар оҕо сааһыгар сөп түбэспэттэрин үгүс учуутал бэлиэтиир.

Сайа биир ааҕааччыта: “Була сатыы-сатыы саҥаны айа сатыылларыттан итинник тахсар. Урукку учуобунньуктар туох да куһаҕана суох этилэр. Төһөлөөх учуонай, академик үөрэнэн тахсыбыта буолуой ол былыргы учебниктарынан, хата, дьэ, билигин аҕыйыыра буолуо», – диэн санаалаах.    

Биир ааҕааччы оҕо саха тылын ыарырҕатар буолбутугар учуонайдары күтүрээбит:

“Учуонайдарбыт диссертация сурунаары, учуонай истиэпэннэрин үрдэтээри, саҥаттан саҥа хайысха талан уларыта сатыыр көрүҥнэрэ быһыылаах... Уларыйан, ыараан иһэр. Оҕо ылыммат, үрдүнэн-аннынан үөрэтэр курдук”.

Манна даҕатан эттэххэ, учуобунньуктары “халы-мааргы” диэн аҥаардастыы хотор дөбөҥ курдук. Быһа сэрэйдэххэ, ханнык баҕарар үөрэх кинигэтэ үгүс бэрэбиэркэни ааһан бигэргэтиллэр буолуохтаах. Арай итэҕэһин-быһаҕаһын көннөрөн, ситэрэн-хоторон, тупсаран биэрдэххэ хайдаҕый? Маныаха Сайа биир ааҕааччытын этиитин холобурдуохха: “Саха тылын, литературатын учебниктарын анал көрөр бөлөх тэриллэн, хаттаан үчүгэйдик көрөн, дьүүллэһэн, бигэргэппиттэрин кэннэ бэчээккэ таһаартарар уолдьаспыт”.  Бука, ону кытта сөбүлэһэр төрөппүт, учуутал үгүс буолуо.

«Бэйэҕит сатаан үөрэппэккит»

Норуот билиниитин ылбыт суруйааччы, суруналыыс аһаҕас кэпсэтиитигэр учууталлар эмиэ этиммиттэр. Онтон аҕыйаҕы холобурдуохха:

“Халы-мааргытык оҥоһуллубут учуобунньуктар диэн этэ-тыына сатаабыппыт, сорох сорохтор "бэйэҕит сатаан үөрэппэккит" диэн айахха аспыттара. Онон бүппүппүт. Истэр тухары учуутал барыта сирэр, этинии саҕана биллэр биричиинэнэн көп түгэх түһэллэр, ким мин курдук "дааргы" буолуон баҕарыай”.

Эбэтэр:

“Сөпкө суруллубут. Учууталлар этэбит ээ, истибэттэр ааптардар. Бэйэҕит сатаан үөрэппэккит диэбиттэрэ... 8-9 кыл. учуобунньугун көрүө этигит...”

Үөрэх кинигэтин оҥорооччу туспа, үөрэтээччи – туспа. Ону ылынааччы, иҥэринээччи – үөрэнээччи. Бу ситимнэһиигэ сорох ардыгар аараттан кыттыһааччы (эрэйи көрөөччү – Аапт.) – төрөппүт. Ааптардар уонна учууталлар  “мөккүөрдэригэр” орооспот ордук. Итиэннэ сирэй-харах анньыһар, күүркэтэр наадата суох. Арай эйэ-дэмнээхтик, биир сүбэнэн үлэлиирбит буоллар, маннык “мөккүөр” тахсыа суоҕа эбитэ ини. Туох дии саныыгыт?

***

Билиҥҥи балысхан сайдыылаах олоххо, ийэ тыл тыыннаах хаалара уустук кэмигэр, саха тылын, төрөөбүт литератураны үөрэтэр учуобунньук тула санаа атастаһыыта ити курдук.

Оҕо төрөөбүт тылыттан тэйэн эрэрэ, төрөппүт сахалыы тыллаах кылаастан оҕотун “куоттарара” – сытыы кыһалҕа. Маннык буоллаҕына, сотору кэминэн төрөөбүт тылы, литератураны үөрэтэр, ийэ тылын билэр киһи хаалара-хаалбата биллибэт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....