28.11.2023 | 17:00

«Уһуйааччы уонна үөрэнээччи быстыспат ситимэ» быыстапка сэҥээрээччилэри күүтэр

«Уһуйааччы уонна үөрэнээччи быстыспат ситимэ» быыстапка сэҥээрээччилэри күүтэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр, ахсынньы 6-18 күннэригэр «Уһуйааччы уонна үөрэнээччи быстыспат ситимэ» диэн Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Дария Семеновна Козлова уонна кини үөрэнээччилэрин быыстапката үлэлиэҕэ. 

Быыстапкаҕа Дария Козлова иистэнньэҥнэри уһуйар «Кырадаһын абылаҥа» түмсүүтүн үлэлэрэ туруохтара: дьиэҕэ-уокка киэргэл быһыытынан туттуллар паннолар, көбүөрдэр, сабыылар, күннэтэ кэтиллэр таҥас-сап, суумкалар, хаппардар, саха дьахтара мааныга кэтэр аныгылыы истииллээх кытыылаах сонун кэмпилиэгэ, тымныыттан харыстыыр хаттык таҥастар, киэргэл быһыытынан эркиҥҥэ ыйанар чаппараахтар уо.д.а.

Маны сэргэ, кырадаһынтан кыбытан-аттаран тигии ньымаларын кытта билиһиннэрэр, сүбэ-ама биэрэр, саҥаны айар-тутар санааҕа кынаттыыр, көҕүлүүр маастар-кылаастар буолуохтара.

Күнэ-дьыла: ахсынньы 6-18 күннэригэр

Буолар сирэ: Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ, Киров уул., 31, 3-с этээс.

Билсэр нүөмэргит: 35-38-84

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...