Уһуйааччы-учуутал күрэҕэ сылын аайы ыытыллыаҕа
100 тыһыынча солкуобай суумалаах өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын бириэмийэтин уһулуччу таһаарыылаах үлэлэрин иһин хас биирдии оройуонтан 36 бастыҥ уһуйааччы-учуутал ылыаҕа. Кинилэри улуустар уонна куорат уокуруктарын олохтоохторо талыахтара. Күрэх бырайыагын кулун тутар 16 күнүгэр регион бырабыыталыстыбатын мунньаҕар көрдүлэр.
«Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана бырабыыталыстыбаҕа, уопсастыбаннай билиниигэ олоҕуран, бастыҥ уһуйааччы-учууталга бириэмийэни анааһын туһунан балаһыанньаны бигэргэтэргэ сорудахтаата. Бары оройуоннарга уонна куорат уокуруктарыгар куонкурус ыытыллыаҕа. Бүгүн Үөрэҕирии министиэристибэтэ оҥорбут бырайыагын кытта билистибит. Итиннэ олоҕуран, куонкурус сылын аайы атырдьах ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри ыытыллыаҕа, бириэмийэни туттарыы Учуутал күнүгэр түбэһиэҕэ», – диэтэ премьер-миниистир Андрей Тарасенко.
Куонкуруска оскуола иннинээҕи, алын сүһүөх, сүрүн, орто уопсай, эбии уонна орто профессиональнай үөрэхтээһин педагогтара кытталлар.
Педагогтары сыаналыырга уһуйааччы быһыытынан үлэлэрэ, методикалар ааптардара буолаллара, сайдыы тус барыгарааматын туһаналлара, педагогтары сайыннарыыга сөптөөх усулуобуйаны тэрийиилэрэ учуоттанар.