29.10.2021 | 14:30

Уһун өрөбүллэргэ суһал штаб рейдэлэрин күүһүрдэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  «Об установлении на территории Российской Федерации нерабочих дней в октябре - ноябре 2021 г.» Ыйааҕар олоҕуран, алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри үлэлээбэт күннэринэн биллэрилиннилэр. Итинэн сибээстээн, Суһал штаб холбоһуктаах бөлөҕө коронавирус дьаҥын тарҕаппат сыаллаах уопсастыбаннай аһылыгы тэрийэр, култуурунай-сынньалаҥ эбийиэктэргэ, уопсастыбаннай тырааныспарга бэрэбиэркэлиир рейдэлэри күүһүрдүөхтэрэ. 
«Урут рейдэҕэ биир бөлөх тахсар эбит буоллаҕына, уһун өрөбүллэргэ бөлөхтөр ахсааннара 4-кэ тиийиэҕэ. Бэрэбиэркэлиир тэрээһиннэр төгүрүк суукканан ыытыллыахтара. Уопсастыбаннай аһылыгы тэрийэр, атыы-эргиэн, өҥөнү оҥорор эбийиэктэри бэрэбиэркэлиэхпит», – диэтэ Административнай  хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов. Кини эппитинэн, түүҥҥү саататар тэрилтэлэри бэрэбиэкэлиир рейдэлэргэ ИДьМ сотрудниктара кыттыахтара. 
Хааччахтааһыны кэһии түбэлтэлэригэр РФ КоАП 20.6.1 ыст. боротокуол оҥоһуллан суукка ыытыллар. Сууд 30 тыһ. солк. 300 тыһ. солк. диэри ыстарааптыан сөп. Хос кэһии түбэлтэтигэр ыстараап 500 тыһ. солк. 1 мөл. солк. диэри тиийэр. 
Санатар буоллахха, Атыы-эргиэн кииннэригэр аптекалар, ас-үөл маҕаһыыннара, саамай наадалаах табаары атыылыыр туочукалар (ассортименнарыттан оннук табаар 20% кырата суоҕу ылар буолуохтаах), рестораннар уонна кафелар, гостиницалар уонна хостеллар эрэ үлэлиэхтэрэ, кинилэргэ QR-кодунан эрэ киириллэр. Итинтэн атын эргиэн кииннэрэ, бородууктаны атыылаабат супермаркеттар уонна да атын маҕаһыыннар сабыллаллар. Табаары тиэрдэр сулууспалар уонна өҥөнү дистанционнайдык оҥорор тэрилтэлэр бу хааччахха киирбэттэр. Итини сэргэ социальнай дистанцияны тутуһуу баар буолуохтаах, сааланы аҥаарынан эрэ толоруллуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....