Уһун өрөбүллэргэ үрүҥ халааттаах аанньаллар күн аайы үлэлиэхтэрэ
Ыам ыйын 1-11 күннэригэр терапевт уонна оҕо быраастара өрөбүлэ суох үлэлиэхтэрэ. Ол курдук, поликлиникаларга сарсыарда 9 чаастан 15 чааска диэри ыалдьыбыт дьону дьуһуурунай терапевтар уонна оҕо быраастара көрүөхтэрэ.
Маны сэргэ эмиэ ити кэмҥэ сарсыарда 9 чаастан 15 чааска диэри учаастактааҕы быраастар ыарыһах ыҥырдаҕына дьиэлэринэн сылдьыахтара. Вакцинация пууннара эмиэ өрөбүлэ суох сарсыарда 9 чаастан 15 чааска диэри үлэлиэхтэрэ. Итини таһынан, өрөбүл күннэргэ больничнай лииһи арыйыахха эбэтэр сабыахха уонна эмп ылар рецеби суруйтарыахха сөп.
Харахтара ыалдьыбыт дьон суһал көмө пуунугар төгүрүк суукка көрдөрүнүөхтэрин сөп. Аадырыһа: Свердлов уул., 17. Төл. 8 411 222-30-50.
Уһун өрөбүллэргэ травмпуун эмиэ күнүстэри-түүннэри үлэлиэҕэ. Аадырыһа: Петр Алексеев уул., 64/1.
Дьокуускай куорат олохтоохторо бырааһы сарсыарда 9 чаастан 15 чааска диэри Call-киин нөҥүө ыҥырыахтарын сөп:
Медицина киинэ – 500-003
1-кы нүөмэрдээх поликлиника – 31-90-93
2-с нүөмэрдээх куорат балыыһата – 21-96-95
3-с нүөмэрдээх куорат балыыһата – 507-507
3-с нүөмэрдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа – 507-211
Суһал көмө станцията төгүрүк суукканы эргиччи үлэлиир. Стационарнай төлөпүөнтэн 03 нүөмэргэ эрийэҕит, суотабайтан – 103. Суһал сулууспаны 112 нүөмэргэ эрийэн ыҥыраҕыт.