30.06.2021 | 11:30

Уһук Илин регионнарыгар сөмөлүөтүнэн көтүүгэ 1,5 миллиард солкуобай көрүлүннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин 2021 сылга Уһук Илин федеральнай уокуругун регионнарын икки ардыларыгар сөмөлүөтүнэн көтүүгэ  1,5 миллиард солкуобай суумалаах субсидияны көрөр туһунан дьаһалга илии баттаата. 
Ити дьаһалынан билиэт сыаната 20 хайысханан чэпчэтиилээх буолуо диэн бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Чэпчэтиилээх хайысхаларга Хабаровскай – Анадырь, Петропавловск-Камчатскай – Южно-Сахалинск, Владивосток – Чита уо.д.а. киирсэллэр. Хайысхатыттан көрөн билиэт сыаната  2,2 тыһыынчаттан саҕалаан 10,9 тыһыынча солкуобайга тиийэр буолуоҕа диэн этиллэр  пресс-сулууспа иһитиннэриитигэр. 
Инники бырабыыталыстыба мунньаҕар Михаил Мишустин чэпчэтиилээх тарыыбынан 100 тыһыынчаттан тахса киһи туһаныаҕа диэн этэн турар. Чэпчэтиилээх билиэттэрдээх барыта 1780-тан итэҕэһэ суох эриэйсэ оҥоһуллуоҕа. 
Мишустин эппитинэн, саамай уһуннук көтүү – Хабаровскай уонна Дьокуускай икки ардыгар 10,7 тыһыынча кэриҥэ солкуобайдаах буолуоҕа. 
20 хайысханан чэпчэтиилээх бастакы көтүүлэри от ыйыттан уһук илиҥҥи «Аврора» авиахампаанньа саҕалыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....