Уһук Илин ипотеката 2030 сылга диэри уһаата
Уһук Илин 2%-наах ипотеката 2030 сыл бүтүөр диэри уһаата. Бу бырагырааманан биирдэ эрэ туһаныахха сөп.
Ипотека усулуобуйата:
Бастакы усунуос – 15%;
Кирэдьиит болдьоҕо – 20 сылга диэри;
Кирэдьиит суумата – 6 мөл. солк. тиийэ.
Ким туһанар кыахтааҕый?
35 саастарын ааһа илик кэргэннии дьон (оҕолоро да суох буоллаҕына хабыллаллар);
18-гар диэри саастаах оҕолоох 35 саастарын ааһа илик аҥаардас төрөппүттэр;
«Уһук Илин гектара» бырагыраама кыттыылаахтара;
5 сылтан итэҕэһэ суох ыстаастаах судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай тэрилтэлэр медиктэрэ уонна педагогтара;
Уһук Илиҥҥэ үлэлии кэлэр регионнааҕы бырагыраамалар кыттыылаахтара.
Сүрүн ирдэбил – РФ гражданина буолуу.
Ипотека туох сыаллаах-соруктаах бэриллэрий?
Саҥа тутуллубут дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһыыга;
Олорор дьиэни атыылаһыыга эбэтэр туттууга;
Сир учаастагын атыылаһыыга уонна олорор дьиэни туттууга.