«Уһук Илиҥҥи ипотекаҕа» быраастар уонна учууталлар киирэллэрэ былааннанар
«Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааматыгар 2021 сылга учууталлары уонна быраастары киллэрэр былаан баар. Ол туһунан VI Илиҥҥи экономическай форум түмүгүнэн ыытыллыбыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи Федеральнай Уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев иһитиннэрбит.
«Быйыл ити бырагыраама оҥоһуллан үлэҕэ киирэрин курдук кыһаллыахпыт. Категориялары кэҥэтэр уонна сааһынан хааччаахтааһыны устар үп-харчы өттүнэн уустук буолуоҕа дии саныыбын», — диир кини.
«Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагыраама 2019 сылтан үлэлиир. Бырагыраама 35-гэр диэри саастаах дьоҥҥо Уһук Илиҥҥэ дьиэ атыылаһалларыгар эбэтэр тутталларыгар 2% ыстаапкалаах кредиты ылалларыгар көмөлөһөр. Ити кэм иһигэр чэпчэтиилээх ипотеканы 24 тыһыынчаттан тахса эдэр ыал ылбыт.