ТЫЫННАРЫН ТОЛУК УУРБУТТАРГА...
Күндү ааҕааччыларбыт! Биһиги бүгүн Улуу Кыайыы 75 сылынан түмүктүүр матырыйаалбытын таһаарабыт. Сылы эргиччи сэрии тиэмэтэ, саллааттар хорсун быһыылара, бэтэрээннэр, кинилэр чугас дьоннорун ахтыылара тиһигин быспакка таҕыстылар.
Биллэн турар, бу тиэмэ олох тохтоон хаалыа суоҕа, биһиги син биир ытыктыыр бэтэрээннэрбит, аҕа дьоммут тустарынан ахтыылар, килбиэннээх үлэлэрэ кэмиттэн кэмигэр бэчээттэниэхтэрэ.
Барыгытын кэлэн иһэр саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит, чэгиэн доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт. Кыайыыны уһансыбыт чулуу дьоммутун хаһан да умнуохпут суоҕа диэн этэн туран бүгүҥҥү нүөмэргэ кыайыы хайдах кэлбитин кэпсиэхпит.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ биһиги дойдубут, бүттүүн киһи аймах историятыгар биир ураты миэстэни ылар. Түөрт сыллаах кыргыһыы сэбиэскэй-германскай фроҥҥа стратегическай суолтатынан Иккис аан дойду сэриитин биир сүрүн чааһынан буолбута.
Биһиги дойдубутугар ньиэмэстэри кытта адьырҕа киирсиигэ саамай ыарахаттары көрсөр өлүү, ыйаах тиксибитэ. Москва уонна Ленинград, Сталинград уонна Курскай тоҕой, Днепр уонна Белоруссия, Прибалтика уонна Илин Пруссия, Соҕуруулуу-Илин, Киин уонна Хотугу Европа аннынааҕы бөдөҥ кыргыһыыларга сэбиэскэй буойуннар фашистары самнарбыттарын түмүгэр Аан дойду Иккис сэриитигэр Кыайыы өрөгөйүн билбиттэрэ.
Сэрии – бу киһи олоҕор, дьылҕатыгар, бүтүн дойдуга буолуон сөптөөх саамай ынырык түгэн. Кини, суолугар көрсүбүтү барытын өлөрөн-өһөрөн, кыһыл уотунан уһууран, ыйыстан иһэр. Бу алдьархайтан куттара көтүөр диэри куттаммыт сирэйдээх дьахталлар, оҕолор, кырдьаҕастар, бааһырбыт дьон киһи дууһатын ытатар ынчыктара иһиллэр. Сэрии сэбин киһи куйахатын күүрдэр тыастара. Буулдьа ыйылыыра. Төгүрүччү, эргиччи ыарыы, кир-хох, абааһы көрүү уонна өлүү. Бу аата сэрии.
1941 сылтан 1945 сылга диэри, 1418 күн устата биһиги норуоппут Улуу Кыайыы иһин олус ыар суолунан айаннаабыта. Ону хайдах уонна тугунан мээрэйдиэххэ сөбүй? Кыргыһыыларынан, күннэринэн, аһыынан, хомолтонон, мөлүйүөнүнэн дьон эрэйдэринэн-муҥнарынан, харахтарын уутунан. Сэрии дьоруойдара түөрт ыарахан сыл устата бу кыайыыны ситиспиттэрэ, олохторун Ийэ дойдуларын туһугар толук биэрэн. Бу бүтэн биэрбэт, муҥура биллибэт уһун түөрт сыл, биһиги олохпутун, биһиги өбүгэлэрбит уонна кинилэр кэнчээри ыччаттарын олоҕун түөрэ эргиппиттэрэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ бэйэтин кытта мөлүйүөнүнэн дууһаны илдьэ барбыта, олус элбэх киһи дьылҕатын тосту уларыппыта уонна бу ынырыктаах кэмнэргэ олорбут дьон сүрэҕэр оспот бааһы хаалларбыта.
Фронт линиятыгар, тыылга даҕаны, тохтоло суох үлэ өрө оргуйан олорбута, олох уонна көҥүл туһугар быыстала суох охсуһуу барара. Саллааттар, иннилэригэр туох күүтэрин билбэккэ, куттанар диэнтэн толлубакка, ньиэмэстэри биһиги сирбититтэн үүртэлииллэрэ уонна өлүү утары айанныыллара. Биир бигэ тыл, биир өй-санаа – кыайыы – бу туһугар, бу иһин сэбиэскэй саллааттар утуйар ууларын умнан, санныларыгар сэрии бары иэдээнин сүгэн иннилэрин диэки кимиэллээхтик хаамаллара. Кинилэр хас биирдиилэрэ кыайыы туһугар, уопсай дьыала иһин бэйэлэрин көмөлөрүн, кылааттарын киллэрбиттэрэ, кинилэр хас биирдиилэрэ тыыннаахтарыгар эбэтэр өлбүттэрин кэннэ дьоруой буолбуттара.
Тыыл үлэһиттэригэр эмиэ чэпчэкитэ суох этэ. “Араас идэлээх дьон: сэрии сэбин оҥорор собуоттар оробуочайдара, холкуостаахтар, учууталлар, медицина үлэһиттэрэ, устудьуоннар, оскуола оҕолоро байыаннай сылларга кыахтарын, таһымнарын таһынан өстөөҕү кыайар туһугар Улуу Кыайыыны уһансыбыттара, тыылга хара көлөһүннэрин тоҕон чиэстээхтик үлэлээбиттэрэ. Оттон тыылга үлэлээбиттэр сэрии кыттыылаахтара буолбатахтар дуо, манна бүттүүн сэбиэскэй норуот кыттыбыта дии? Кинилэр даҕаны ыар кэмнэри, дьылҕаны көрсүбүттэрэ кыра дуо? Кинилэрэ суох Кыайыы буолуо этэ дуо? Тыыл – кыайыы аҥаара, онтон элбэх да буолуон сөп”, – диэбитэ Г.К. Жуков. Улуу полководец бу этиитин кытта сөпсөспөт буолуохха сатаммат. Кинилэр бука бары бэйэлэрин дойдуларыгар, сирдэригэр өстөөх Германиятын утары Улуу Кыайыыны уһансыбыттара. Кинилэр сэрии сылларыгар ыраах тыылга олорон өстөөҕү самнаран кыайыыны аҕалсыбыттара: килиэп үүннэрбиттэрэ, Аармыйаны таҥыннарбыттара, аһаппыттара, оҕолорун улаатыннарбыттара, тааҥкалары, сөмөлүөттэри, сэрии сэбин оҥорбуттара, көмүскэнэр бөҕөргөтүүлэри туппуттара. Бу көлүөнэ дьон бэйэтин этинэн-хаанынан сэрии ыар сылларын чиэстээхтик туораабыта, бигэтик турбута уонна кыайыыны ситиспитэ. Кинилэр Ийэ дойдуларын иннигэр үтүөлэрэ, өҥөлөрө – хорсун быһыыга тэҥнээх.
Өстөөхтөрүнэн төгүрүтүллүбүт Ленинградка дьон хайдах ыараханнык олорбутун биһиги хаһан да өйдүөхпүт суоҕа. Биһиги маны “блокадниктар” кэпсээннэринэн эрэ харахпытыгар оҥорон көрүөхпүт. Аччык аҥаардаах, кыл тыыннара эрэ хаалбыт куорат олохтоохторо фабрикаларга үлэлииргэ күһэллэллэрэ, чугас, билэр дьонноро өлөллөрүн көрөөхтүүллэрэ, кыракый тоорохой килиэп иһин уһун уочаракка тураллара уонна кырачаан оҕолор барахсаттар көрдөспүт-ааттаспыт уу-хаар баспыт харахтарын көрөллөрө. Кыратык да тот сылдьар туһуттан дьон араас ньыманы барытын боруобалыыра. Аччыктааһын уонна алдьаныы-кээһэнии, эстии-быстыы Ленинграды эрэ сабардаабатаҕа, маннык сабыытыйалар биһиги дойдубут бары муннуктарыгар буолаллара.
Бары ыарахаттары, кыһалҕалары көрүстэллэр да, бүтүн норуоппут кэннинэн кэхтибэтэҕэ, тостубатаҕа, бэриммэтэҕэ, дойдутун өстөөххө туран биэрбэтэҕэ. Биллэн турар, киһи тостор, куттанар, ынырык түгэннэрэ бааллара, өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕа субу чугас сылдьарын саллааттар да, тыылга да үлэлээччилэр сэрэйэллэрэ. Ол да буоллар, дьон куттал суоһун барытын кэннилэригэр хаалларан, туох баар күүстэрин-уохтарын биэрэн туран дойдуларын, оҕолорун, сиэннэрин сырдык инникилээх олохторугар биэрбиттэрэ. Биэс сыл кэриҥэ кинилэр тыыннарын толук да ууран туран олох олорор туһугар хорсуннук сэриилэспиттэрэ, бу үтүө салгынынан тыынар, оҕолорун улаатыннарар туһугар.
Сэрии ыар тыына бүттүүн дойдубут дьонун барыларын тэҥинэн таарыйбыта. Чугас киһитин, доҕорун, аҕатын, оҕотун, аймаҕын сүтэрбэтэх биир да ыал суох. Сэрии дьиэ кэргэннэри урусхаллаабыта, кинилэр баҕа санааларын, эрэллэрин суох оҥорбута, боростуой дьону – хас биирдиилэрин – хайдах эрэ тыыннаах хаалыы мөккүөрүгэр, уһугар туруорбута.
Төһөнөн история улуу Кыайыы күнүн тэйитэн, сыҕарытан иһэр да, соччонон биһиги норуоппут хорсун быһыыта эйэлээх халлаан үрдүнэн сүппэт, симэлийбэт, умуллубат. Биһиги хорсун буойуннарбыт, аан дойдуга байыаннай маастарыстыбаларын, хорсун быһыыларын уонна эр санааларын көрдөрбүттэрэ, байыаннай знамяларын чиэстээхтик күөрэччи тутан бары кыргыһыылары, сэриилэри туораан өстөөх Германиятын киин куоратыгар Рейхстаг үрдүгэр Кыайыы Кыһыл Знамятын туруорбуттара. Бу барыта умнуллубат уонна биһиэхэ ытык иэспит буолар. Бу билигин тааска уонна боруонса пааматынньыктарга, Албан аат мемориалларыгар үйэ саас тухары хаалла. Ырыа уонна хоһоон тылларынан кэриэс буолан хаалан барыбытын долгутар. Бу барыта биһиги инники көлүөнэбит өйүгэр-санаатыгар үйэ саас тухары хараллан хаалыахтаах, кинилэр дьоллоохтук олороллорун туһугар бу кыайыы хайдах курдук ыараханнык кэлбитин бары билиэхтээхпит.
Ол Улуу Кыайыыттан 75 сыл ааста. Кэм-кэрдии түргэнник да ааһар. Сылын ахсын бу хааннаах кыргыһыы тыыннаах туоһулара аҕыйаан иһэллэр, үөрүүлээх параакка хас сыл ахсын бэтэрээннэр барахсаттар кэккэлэрэ чарааһаан иһэр. Дьиэ кэргэн архыыптара ол кэмнээҕи реликвияны харыстаан уура сылдьаллар: кыһыл армеец киниискэлэрэ, байыаннай билиэттэр, наҕараадалар, үс муннуктаах суруктар, бохоруоҥкалар, сэрии кэмин хаартыскалара, о.д.а. маллар, манна барытыгар норуот албан аата, өйдөбүлэ түмүллүбүт курдук. Уруулар уонна чугас аймахтар ол кэмнээҕи ахтыылара – сэрии кыттыылаахтарын хас биирдии күнэ – көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, салҕанан бара турар.
Биһиги кинилэр улуу хорсун быһыыларын өйдүүбүт, кинилэр өстөөҕү кыайбыттарын, кинилэр хорсун быһыыларын, эр санааларын умнубаппыт. Биһиги эбээһинэспитигэр инники көлүөнэҕэ ону тиэрдии, кинилэр дьоллоох, кыһалҕаны билбэтэх оҕо саастара мөлүйүөнүнэн дьон хаан тохтуулаах кыргыһыытынан ситиһиллибитин, ол ыраах 40-с сылларга сэрии хонуутугар олохторун толук уурбуттарын.
Хас биирдии олох олорбут күммүт, хас биирдии күнү көрсүүбүт иһин биһиги оччотооҕу эдэркээн, кыраһыабай уолаттарга уонна кыргыттарга муҥура суох махтаныахтаахпыт, кинилэр эдэр саастара хаһан да эргиллибэтин өйдүөхтээхпит.
История кинини умнары, эбиитин таҥнарыыны хаһан да бырастыы гыммат.
1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитэ нуучча норуотун олоҕор, бүттүүн аан дойду историятыгар улахан уларытыылары киллэрбитэ! Сэрии сабыытыйаларын дьоруойдарынан биһиги Эһэлэрбит уонна Эбэлэрбит, биһиги Аҕаларбыт уонна Ийэлэрбит буолбуттара – кинилэр боростуой киһи өйүгэр батан киирбэт, ол саҕанааҕы сабыытыйалары илэ хараҕынан көрбөтөх кэмнэри ааспыттара, онон биһиги ол кэми умнуо суохтаахпыт, өйдүөхтээхпит, саныахтаахпыт уонна аҕа дьоммутунан киэн туттуохтаахпыт, ону оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр тиэрдиэхтээхпит. Бу буолар биһиги кинилэр Албан ааттарыгар сүгүрүйүү, киэн туттуу, биһиги тапталлаах өбүгэлэрбитигэр ытык иэспит!