Тыыннаахпыт тухары бүппэт кыһалҕалар
«Кыһалҕа, муҥ тиити буолбакка, киһини кэрийэр» диэн сахалар өс хоһоонноро баар. Киһи олорорун тухары кыһалҕаны, ыарахаттары көрсөр, ону туоратарга дьулуһар. Онуоха салалта, дьаһалта өттүттэн эмиэ кыһаллаллар, араас уураахтары, дьаһаллары таһааран олохпут чэпчиирин туһугар туруулаһаллар. Ол да буоллар, ол эрэн... дииргэ тиийэбит.
Илин эҥэрдэр паром кыһалҕалаахтар
Муоста, муоста диибит да, ол баараҕай муостабыт тутулуннаҕына да, Уус Алдан олохтоохторо син биир Кангалааспытыгар айаннаан, Суоттуга туораан, нэһилиэктэрбитигэр тиийэбит. Мин бэйэм ону эппинэн-хааммынан билбит киһи буоларым быһыытынан, олоҕу баарынан санаабын суруйуом.
Быйылгы айан наһаа да хойутаабатар, син кэмигэр уу суола арыллан, кыратык кэтэһиннэриилээх, долгутуулаах буолла. Эбэбит уута суолу-ииһи алдьатан, ол оҥоһуллан, паромнар сырыттылар. Суоттуга урут-уруккуттан икки паром айанныыр, оттон улахан тэрээһин, үбүлүөйдээх ыһыахтар эҥин буоллахтарына, эбии паром көрдөһөн сырытыннараллар. Бу дьаһалта өттүттэн айанньыттарга эмиэ кыһаныы буолар. Ол быыһыгар харгыстар син биир үөскүүллэр, суох буолбатахтар.
Биһиги дьиэ кэргэн, бэс ыйын 10 күнүгэр үс күннээх өрөбүлгэ тахсаары, сарсыарда 9 чаастаах паромҥа сэттэттэн айаннаан тиийбиппит, олох түгэххэ турдубут, массыына буолунайдаабыт. Сарсыарда 9-таах паромҥа урут олох аҕыйах массыына буоларын билэр этибит, бу сырыыга бары эрдэлиир буолбуттар. Аны туран, дьонтон истибиппит, биир эрэ паром сылдьар диэн буолла. Сарсыардааҥҥы пароммут суох, кэлбэтэх. Иккис паром эбиэт кэннэ кэлиэн сөп диэтилэр. Онон, дьэ, уһун туруу буолла. Аны биэрэккэ ас атыылыыр ларек үлэлээбэт эбит, өйүөтэ суох дьон аччыктаатылар. Биһиги оҕолоох эҥин буоламмыт син ас-үөл, утах ылыммыппыт. Кэмниэ-кэнэҕэс син киирэн, кыра анньыһыыны-үтүрүһүүнү аахсыбатахха, дойдубут диэки айаннаатыбыт. Ол күн түүнү быһа кытаанах уочарат, анньыһыы, аахсыы, этиһии буолбут үһү диэн истибиппит. Биллэн турар, дьон, үс күннээх өрөбүлү туһанаары, дойдуларыгар талаһаллар, аны туран, бэс ыйын 11 күнүгэр элбэх нэһилиэк ыһыаҕа буолар диэн этэ.
Суотту – Бороҕон трассатын суола спартакиада диэки көнөр, астарыллар ини диэн бүк эрэллээхтик айаннаатыбыт. Аны туран, суол ортотугар, сынньанар сиргэ, Хардыыга, хайаан да тахсан киирэр сир, туалет баара буоллар диэн эмиэ баҕа санаабын суруйан тиэрдэбин. Паромнар туалеттарын хатаан кэбиспит буолааччылар, аны, биэрэккэ тахсаат, дойдуҥ диэки харса суох элээрдэҕин, массыыналар кэннилэриттэн буору сиэмээри. Онон ханна да тохтоон ылар сир суох курдук. Хас да чаас олорбут киһи хабаҕырара, ыксыыра ханна барыай. Онон, бу киһи кыбыстыбат дьыалата, хайаан да туалет айанньыттарга баара наадалаах.
Билигин өрөспүүбүлүкэ барыта мустаары турар кэмигэр дьон тохтоон, сынньанан ааһар сирэ эмиэ наада. Хардыыга урут туалет баара, ону бүтүннүү истиэнэтин суйдаан, тэбиэлээн, туохха эрэ өстөнөн, билигин онно да суох. Ким үрдүк трассаттан тыаҕа, ойуурга киирэ-киирэ, тахсан киириэн баҕарыай?
Туалет диэбиккэ дылы...
Бу, дьиҥэр, биир саамай наадалаах боппуруос буолар. Тыаттан аны куораппытыгар төннүөххэ. Дьэ, куорат сиригэр ыксаабыт киһи ханна чэпчэтинэрий. Биир эдьиийим хаһан эрэ күлэн турар: “Я знаю злачные места” диэн. Иһим-үөһүм куһаҕан буолан, хаһан баҕарар, ханна баҕарар эрэйи көрөбүн, онон куоракка ханна, туох баарын биллэхпинэ табыллар диэбитэ эмиэ да оруннаах. Хата, билигин улахан атыы-эргиэн кииннэригэр “Туалет для посетителей” диэннэр бааллар. Бээ, хастыы да мэндиэмэннээх кииннэргэ маҕаһыыннары көрө сылдьан чэпчэтинээри уҥа-хаҥас көрүү, ыксааһын сыанан аҕаабат. Оттон таһырдьа хас туалет баарын ким билэрэ эбитэ буолла. Соторутааҕыта куорат үрдүнэн икки чэпчэтинэр сир баарын билэн үөрэн суруйбуттарын ханна эрэ ааҕан турардаахпын. Онтон биирэ Саха тыйаатырын кэннигэр диэн этэ. Урут Нуучча тыйаатырын кэннигэр төлөбүрдээх бэрт ыраас туалет баарын өйдүүбүн. Уопсайынан, биһиги куораппытыгар бу, дьэ, кыайтарбат боппуруос. Бэйэм да онно-манна сылдьан кыһалҕаны көрсөр буоламмын, бу боппуруоһу интэриэһиргиибин. Мин эрэ буолуо дуо, тыыннаах киһи барыта кыһалҕатыйар ини. Сардана Авксентьева дьаһалта баһылыга буола олорон бу боппуруоһу эмиэ туруора сылдьыбыта. Итии тохтобулларга барытыгар чэпчэтинэр сирдэри арыйыахпыт диэн этэ сылдьыбыттаах. Билигин онно маҕаһыыннар, киоскалар, харчы ылар-биэрэр сирдэр эрэ үлэлииллэр. Ханнык да чэпчэтинэр сир, миэстэ суохха дылы.
Уопсайынан, бу боппуруоһу, кыһалҕаны быһаарар баһылык үйэ-саас тухары кэпсэлгэ сылдьыа, дьон махталын ылыа этэ. Бу чахчы да сытыы боппуруос, сатыы дьоҥҥо улахан кыһалҕа буолара саарбаҕа суох.
От ыйыттан ОДьКХ төлөбүрэ үрдүүр
Туох да диэбит иһин, тулуурдаах дьоммут. Тугу этэллэрин “тук” курдук ылынан, толорон иһэбит. Эмиэ да сөп, былааһы утаран ыраахха тиийбит, саһыл саҕаламмыт суох. Атын судаарыстыбалар, дойдулар курдук барытын утара, сабатаастыы сырыттахпытына, олохпут огдолуйара биллэр.
Бу олох аҕыйах хонугунан, ол эбэтэр от ыйын 1 күнүттэн, сылын аайы үгэскэ кубулуйбут дьиэ-уот төлөбүрэ үрдээри турар. Үрдээбэтэҕинэ, хата, соһуйуох курдукпут. Онон бу от ыйын 1 күнэ биир бэлиэ түгэнинэн – кыбартыырабыт, уоппут, гааспыт иһин билигин төлүү сылдьарбытыттан элбэҕи төлүүрбүт буолар. Ол оннугар быйылгы сылга үктэнэн баран үлэлээбэттэргэ биэнсийэлэрэ икки төгүл үрдээбитин бары үөрэ иһиттибит. Сорохтор бу бэс ыйыгар хайыы-үйэ үрдүк биэнсийэни ылан үөрүүлэрэ хара баһаам. Сорохтор графиктарын ээр-сэмээр кэтэһэллэр.
Биһиги тыйыс усулуобуйалаах дойдуга олоробут. Кыһынын тымныы, онон, санаан да көрдөххө, ититиибит иһин төлөбүр үрдүк буолара биллэр. Ол эрэн бары өттүнэн ночооттоох курдукпут. Эргиччи, сыл түөрт сезонун аайы таҥаспыт хайаан да уларыйыан, саҥардыллыан наада. Аҥаардас саҕынньахпыт, атахпыт таҥаһа, бүтүн дьиэ кэргэн, оҕо аһыыра-таҥнара төһөлөөх сыана буоларын бэйэбит эрэ билэн эрдэхпит. Аны киинтэн ыраах олорорбут быһыытынан барыта ыараан айаннаан кэлэр. Ону ол диэбэппит, санныбытыгар таҥастаахпыт, айахпытыгар аһыыр астаахпыт. Дьиэ-уот төлөбүрүн үтүө суобастаахтык ый аайы төлүү сатыыбыт. Иэскэ эрэ кииримиэххэ, уһатымыахха-тэнитимиэххэ наада.
Дьиҥэр, бу үрдэтии эмискэ хой баһыттан ылыллыбыт сыана, суума буолбатах. Барыта ааҕыллан-суоттаныллан, түҥэтиллэн оҥоһуллар. Уонна, этэн аһарбытым курдук, бары бэлэм олорорбут курдук, биир кэмтэн, биир ыйтан үрдээһин оҥоһуллар.
Түмүккэ
Куораппытыгар суол бөҕөтө сабыллан, айанньыттар, массыыналаахтар эрэй бөҕөтүн көрөбүт дииллэр. Бу баар чахчы. Бэйэм куоракка киириигэ олорор буоламмын, харгыстары көрсүбэппин. Оттон киин сир диэки бардахха, кырдьык, сороҕор ханнык суолунан бараргын да бутуйаҕын. Күнүҥ-дьылыҥ дьэ баранар. Санаан көрдөххө, бу барыта куораппыт тупсарын туһугар, кэлэр кэнчээри ыччаппыт ыраас, сырдык, мааны, тупсаҕай куоракка олороллорун туһугар оҥоһуллар эбээт. Тулуйуохха, мөҕүттүмүөххэ, киэҥ көҕүстээх буолуохха. Билигин Туймаадабыт ыһыаҕар айаҥҥа быылы-буору бүрүнүөхпүт турдаҕа. Биллэн турар, ууну кэмэ суох ыстарыахтара, быылы хаптатыахтара гынан баран, син биир туохтан эрэ астымматах, былааһы мөхпүт, дьаһалтаҕа суоһурҕаммыт баар буолуоҕа. Доҕоттоор, тулуйуохха, сыалыһар быарыныы сымнаан биэриэххэ, үөрүөххэ-көтүөххэ. Ким баҕарбат буолуой, эйэлээх халлаан анныгар олоруон, мааны болуоссат устун хаамыан, гранит тротуарынан күүлэйдиэн?! Бу барыта сотору баар буолуо, эһиил ыһыахпытыгар түөрт суолунан кэккэлэһэ айанныахпыт, саҥа болуоссаппытыгар күүлэйдиэхпит, көбүс-көнө, ытыллыбыт ох курдук уулуссанан айанныахпыт. Олох кыра кэм хаалла, күүтүөххэ, ыраланыахха, инникини түстүөххэ.