Тыыннаахап аатынан ипподромҥа
Дьокуускай куорат Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын уонна «Развитие скачек» кэмиэрсийэтэ суох синдикат көҕүлээһиннэринэн ыам ыйын 21 күнүгэр Үс Хатыҥ Иннокентий Саввич Свинобоев — Тыыннаахап аатынан «Дьөһөгөй» ипподромугар ат сүүрдүүтэ тэрилиннэ. Бу сүүрдүү Саха АССР 100 сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ньургуһун, Ырыа, Сайылык күннэринэн ситимнээн Ньукуолун күнүн көрсө тэриллибитэ дириҥ ис хоһооннонор. Дьөһөгөй куттаах көрөөччүлэри саха норуотун биллиилээх ырыаһыттара Аскалон Павлов, Бүөккэ Бөтүрүөп, Николай Прокопьев, Николай Андросов, Лилияна Бечеканова ылбаҕай ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр.
Былырыын Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев дьаһалынан Үс Хатыҥҥа «Дьөһөгөй» ипподромҥа Саха АССР үтүөлээх тренерэ Иннокентий Саввич Свинобоев-Тыыннаахап аатын иҥэрбитэ. Иннокентий Саввич Свинобоев-Тыыннаахап – саха норуотугар киэҥник биллэр 95 сааһын туолбут Ытык кырдьаҕас. Кини Мэҥэ Хаҥаласка үлэлиир кэмигэр Нуоралдьынынан, Эндээйкэнэн Саха сирин рекордарын олохтоппута. Кэлин чурапчылары, томполору аатырдыбыта. Соҕурууттан ыраас хааннаах атыыры, биэни аҕалан, тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр ыраас хааннаах сүүрүктэри үөскэтэн, бастакы эркээйи оҥорбут киһи — Тыыннаахап. Үс Хатыҥ ипподрома кини аатын сүкпүтүн ат сүүрдүүтүгэр мэлдьи сылдьар уопсастыбаннас уруйдуу-айхаллыы көрсүбүтэ.
Ыраас хааннаах сүүрүктэри үөскэппитэ
Иннокентий Саввич чахчы Мөҥүрүөн Кыычыкыннарын хаан аймахтара. Ийэлэрэ эрдэ өлөн, аҕалара Көттөкө Сааба иккистээн кэргэннэнэн баран 1941 с. бастакы хомуурга сэриигэ баран сэрии толоонугар охтубут. Аҕата Сааба сэриигэ барарыгар быраатыгар Ньукулай Кычкиҥҥа аҕалан биэрбит. Лэгэнтэй быраатынаан Өлөксөйдүүн убайдарын Билээги Ньукулайы батыһан Майаҕа киирэн оскуолаҕа үөрэммиттэрэ, фронтовик оҕолоро буоланнар, интэринээккэ олорон дьон буолбуттар.
Лэгэнтэй бэйэтин кэпсээнинэн, кинини акка уһуйбут киһинэн эмиэ убайа Билээги буолар. Атыыһыт Миитэрэй Хара Элэмэс диэн сүүрүк аттаах эбит. Төрүт алаастарыгар Мандыгыттыга киирэн ат өрө мөхсө сырыттаҕына, аҕата Лэгэнтэйи саҕатыттан харбаан ылан ат арҕаһыгар быраҕар, убайа буоллар аты төлө тутар. Өрө тураат ат суол устун тэбинэ турар. Ортотугар Улахан Арыы диэн арыы тыалаах айан суолун ортотунан киирэн ааһар. Ат суолтан туораан ойуур ортотунан ыстанар. Ол үлүгэртэн хайдах бүтүн тахсыбытын бэйэтэ да өйдөөбөт үһү. Матта кырдьаҕастарын кэпсээннэринэн, бэйэтин тастыҥ убайа Свинобоев Егор Иванович диэн киһилиин куодарыһарын иһин ааттаммыт. Анараа киһи кырдьык хос аата Тыыннаах Дьөгүөр диэн, фронтовик, аҥаар атаҕа бырачыас эбит. Улахан күүстээх киһи диэн кэпсииллэрэ. Лэгэнтэйи эмиэ лаппа кыанар киһи диэн үөлээннээҕэ Георгий Титов кэпсиирин истибитим, суруйбутун аахпытым.
Лэгэнтэй Саабыс хайдах быһыылаах-таһаалаах сылгы ханнык уһуҥҥа сүүрүөн сөптөөҕүн, баайыыны төһө тулуйумтуо буолуоҕун эндэппэккэ билэр айылгылааҕын «ат сирэйдэр» кэпсээннэриттэн балай эмэ истибитим. Холобура, Маттаҕа үөскүү сылдьыбыт Быыра диэн сүүрүк аты көрөөт да: «Бу сылгы агдакатын ойоҕосторун уҥуоҕа уһуннар, бөдөҥнөр, бэйэтэ хараҕа толору, ханнык баҕарар дистанцияҕа сүүрэр кыахтаах сылгы»,– диэн эппитин эт кулгааҕынан истибит убайдаатар убайдарым, атастарым-доҕотторум, ат сүүрдүүтүн энтузиастара Мииккэ уонна Бааскаан кэпсээбиттэрэ. Эбии Мэхээлэ Кычкиҥҥа хайдах баайыахтааҕын, төһөнү аһатыахтааҕын, хайдах эрчийиэхтээҕин кытта сүбэлиирэ диирэ.
Бу үс хаан-уруулуу дьон Кычкин Николай Прокопьевич–Билээги, уола Кычкин Андрей Николаевич уонна быраата Свинобоев Иннокентий Саввич–Тыыннаахап бары биир тыыннаах, биир тиэстэттэн мэһиллибит, биир Эбэ салгынынан тыынан улааппыт уонна биир иитиинэн өйдөрүн-санааларын туппут дьон буолаллар.
Тыйдар. 800 м. «Основа» ХЭТ Ньурбатааҕы базальт собуотун бирииһигэр
I миэстэ – Верба, Амма. Көрдөрүүтэ: 54 с. 66. Тириэньэрэ Николай Громов, сүүрдээччитэ Спиридон Тимофеев;
II миэстэ – Шугар Кид, Мэҥэ Хаҥалас. Көрдөрүүтэ: 55 с.16;
III миэстэ – Али Баба, Амма. Көрдөрүүтэ: 55 с.76.
Эдэр сүүрүк Верба бу иккис кыайыыта. Бу сырыыга стартан сүүрүүнү баһылаат, утарсааччылара сыстыбыттарыгар тэйэн биэрэн, биэтэккэ урут киирдэ.
Саха сиригэр төрөөбүт тиҥэһэлэр. 1200 м. «Хаҥалас улууһа» МТ уонна «Полярные авиалинии» АХ бириистэригэр
I миэстэ – Тойон, Хаҥалас улууһа. Баайааччыта Иван Ушницкай. Көрдөрүүтэ: 1 м 20 с. 29;
II миэстэ – Громобой, Амма. Көрдөрүүтэ: 1 м 24 с. 05;
III миэстэ – Виктория Асс, Үөһээ Бүлүү. Көрдөрүүтэ: 1 м 26 с 22.
Старт. Эргииртэн уҥуоргу көнө ортотугар диэри Громовой бастыы сырытта. Онтон Тойон тас өттүнэн ситэн, аттар атан, сырдыгын улаатыннаран, холкутук бастаата.
Тиҥэһэлэргэ аһаҕас бириис. 1200 м. Биллиилээх баайааччы Андрей Николаевич Кычкин аатынан бириис (аймахтара Кычкиннар, «ЭЛПРОМГАЗСТРОЙ» ХЭТ, «Развитие скачек» синдикат, «ЯкБор» хоккей кулууба)
I миэстэ – Максимус Тайм, Горнай. Тириэньэрэ Эдуард Варламов. Көрдөрүүтэ: 1 м 17 с 79;
II миэстэ – Лансье, Уус Алдан. Көрдөрүүтэ: 1 м 18 с 56;
III миэстэ – Франка, Амма. Көрдөрүүтэ: 1 м 23 с 11.
Максимус Тайм хара маҥнайгыттан сүүрдүүнү баһылаан, инники кэллэ. Лансье эккирэтэ сатаата да, сиппэтэ, сыста да сылдьыбата.
Андрей Николаевич Кычкин туһунан аҕыйах тылы эттэххэ табыллыыһы. Өндүрэй 1950 сс. ортолоруттан ат баайбыт. Бастаан дойдутугар Мэҥэ Хаҥаласка, онтон «Дьокуускай» сопхуоска. Оччолорго сүүрүктэргэ нэһилиэк төрүт олохтооҕо Василий Васильевич Тимофеев сүрүн тириэньэр эбит. Бастаан көмөлөһөөччүнэн сылдьан баран, «Дьокуускай» сопхуос ааттаах сүүрүктэрэ Молодой-I, Огонек, Дайар Хара, Мальчик, Усталаах, Серна уо.д.а. баайан кыайталаабытын ааспыт үйэ бырагыраамаларыттан көрөбүт. 1970-1980 сс. Ислан оҕолорун баайталыы сылдьыбыт. Олортон Колос, Мугурат, Хатыһыылаах уо.д.а. үчүгэйдик сүүрбүттэр. Ол быыһыгар Үөһээ Бүлүүгэ икки сыл ат баайааччы, Уус Алдаҥҥа Суоттуга наставник-тренер буола сылдьыбыт. Үйэтин тухары ат баайыытыгар үлэлээбит киһи.
Саха сиригэр төрөөбүт сүүрүк сылгылар. 1600 м. Урбаанньыт Петр Бечекянов бирииһигэр
I миэстэ – Блэк Грек, Амма. Көрдөрүүтэ: 1 м 54 с 80. Баайааччыта Анатолий Баишев;
II миэстэ – Гоин Ап, Нам. Көрдөрүүтэ: 1 м 56 с 39;
III миэстэ – Сириус, Нам. Көрдөрүүтэ: 2 м 01 с 99.
Түмэн, Хаҥалас сүүрүгэ, уҥуоргу көнөҕө бастакынан тахсан сүүрүүнү арҕаа эргииргэ диэри баһылаан истэ. Санньыппытыгар, Блэк Грек, Сириус ааһан, ким бастыырын финиш көнөтүгэр быһаарыстылар. Ол кэмҥэ Сириус Түмэни ааста.
Чииптэммит саха боруодата. 3200 м. Дьөһөгөй Айыы куттаах Уус Алдан Суоттутун Степановтарын бирииһигэр
I миэстэ – Кэскил, Хаҥалас. Көрдөрүүтэ: 4 м 38 с 37;
II миэстэ – Бастыҥ, Хаҥалас. Көрдөрүүтэ: 4 м 40 с 17. Иккиэн хаҥаластар, Иван Ушницкий баайар аттара.
III миэстэ – Күдэрик, Уус Алдан. Көрдөрүүтэ: 4 м 46 с 99.
Кырдьаҕас сүүрүк Күдэрик бастакы эргиир улахан аҥаарыгар диэри инники сырытта. Онтон Кэскиллээх, Бастыҥ утуу-субуу ааһаннар, биэтэккэ урутаан киирдилэр.
Соҕурууттан аҕалыллыбыт сүүрүктэр. 1600 м. «Развитие скачек» синдикат, «Сахатент» ХЭТ, Дьөһөгөй Айыы куттаах Уус Алдан Суоттутуттан төрүттээх Иннокентий Портнягин бириистэрэ
I миэстэ – Магриб, Мэҥэ Хаҥалас. Баайааччыта уонна сүүрдээччитэ Егор Оконешников. Көрдөрүүтэ: 1 м 49 с 90Ҥ
II миэстэ – Голд Фарт, Таатта. Көрдөрүүтэ: 1 м 51 с 57;
III миэстэ – Байсар Барс, Сунтаар. Көрдөрүүтэ: 1 м 52 с 58;
IV миэстэ – Бумеранг, Үөһээ Бүлүү. Көрдөрүүтэ: 1 м 53 с;
V миэстэ – Есаул, Нам. Көрдөрүүтэ: 1 м 53 с 43;
VI миэстэ – Совьет Серф, Хаҥалас. Көрдөрүүтэ: 1 м 54 с 58.
Уҥуоргу көнөҕө Есаул, Совьет Серф инникилээн тахсаллар. Үс уста сырдыктаах курдуктара да, Магриб уонна Байсар Барс эккирэтэн, бастаан испиттэри ааһан сүүрүүнү баһылыыллар. Магриб эргииргэ киириигэ тэйэн, сырдыктанан, кыайан кэллэ.
Николай Федоров-Отоһут хаартыскаҕа устуута