14.12.2020 | 13:05

Тыыннаах харыйаны хантан атыылаһыахха сөбүй?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

      Саҥа дьыллааҕы харыйаҕытын туруордугут дуо? Тыыннаах харыйаны дьиэҕэ аҕалан симээтэххэ дьиэ иһэ ойуур сытынан дыргыйар, саҥа дьыл алыптаах кэмэ өссө киэркэйбиккэ дылы буолар.

Тыыннаах харыйаны хантан ылыахха сөбүн уонна тоҕо ойууртан кэрдэн ылар бобуулааҕын туһунан Дьокуускайдааҕы лесничество үлэһитэ Иван Николаевич Охлопков кэпсииригэр көрдөстүбүт:

-Харыйа – саҥа дьыл саамай сүрүн символа. Дьиҥнээх харыйа хойуу болбукта уонна сымала сыттаах буолар. Бу сыт салгыны вирустартан ыраастыыр кыахтаах, чэбдигирдэр, салгыҥҥа киһи настырыанньатын көтөҕөр фитонцидтары тарҕатар.

Харыйаны дьиэҕэ туруорарга 7-10 лиитирэ ууга угуллуохтаах. Уутугар аскорбинканы, глюкозаны, аспирины эбии кутуохха сөп – оччоҕо өр күөх турар.

Билигин харыйаны көҥүлэ суох ойууртан кэрдэн ылар дьон бааллар. Ойууртан маһы кэрдэн ылыы судаарыстыбаҕа хоромньуну оҥоруу диэн буолар. 1 көҥүлэ суох кэрдиллибит харыйа иһин 650 солк. сыаналаах хоромньуну толуйууга уонна 3000 солк. административнай ыстараапка тардыллыахха сөп. Юридическэй сирэйдэргэ ыстараап – 50 000 солк. буолар. 5000 солк. тахса суумалаах хоромньу оҥорбут дьон, РФ Холуобунай кодексатын 260 ыст. олоҕуран, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллаллар.

Бу күннэргэ Лесничество, Ойууру харыстыыр уонна хонтуруоллуур Департамент, полициялары уонна Дьокуускайдааҕы эконадзору кытта бэрэбиэркэлиир рейдэлэри ыытабыт. Онон сокуону кэһээччилэр харыларыттан харбатыахтарын сөп.

-Оттон көҥүллээх харыйалары хантан ылыахпытын сөбүй?

-Нэһилиэнньэ саҥа дьыллааҕы харыйаны “Якутлесресурс” тэрилтэттэн, К.Алексеев аат. уул. 9/1 дьиэтиттэн, үлэ күнүгэр 9.30 – 16.30 чч. тиийэн атыылаһыан сөп. Харыйа сыаната 600 солкуобайтан саҕалаан 1100 солк. тиийэр,. Сыаната уһунуттан хаачыстыбаттытан тутулуктаах. Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускайга харыйа барыта Аллараа Бэстээхтэн аҕалыллар.

Маһы кэрдиигэ босхо билиэт биэрии ахсынньы 14 күнүттэн тохтоото. Төлөбүрдээх көҥүлү биэрии (145 солк. – 1 уст.) атыы-эргиэн дуогабарын түһэрсии быһыытынан, федеральнай бүддьүөккэ төлөбүр ыытыынан оҥоһуллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....