17.09.2022 | 11:00

Тыын тардыыта

Тыын тардыыта
Ааптар: Ираида Попова
Бөлөххө киир

 – Ийээ, мин кинини таптыыбын ээ, кинитэ суох сатаан олорбоппун. Эн ону хантан өйдүөххүнүй? – диэн Яна, ийэтэ хойут кэлэрин мөхпүтүн сөбүлээбэккэ, этиһэн турда. — Хаһан да кими да таптаабатах киһи, аҕабыныын эмиэ таптаабат буолан арахсыбытыҥ буолбат дуо? Итиэннэ миигин хантан өйдүөххүнүй?

Лена кыыһа итинник сэмэлээбитин хомойо иһиттэ. Куруук оҕо курдук сыһыаннаһар кырачаан кыыһа номнуо улаатан, араастык тыллаһара наһаа да абалаах буолар эбит. Ама, кырдьык, кини дьон хараҕар хаһан да кими да таптаабатах тоҥкуруун майгылаах курдук көстөрө дуу?

Тохтоон, санааҕа ылларан турбахтаан баран, кини аргыый:

– Яна, эн кырдьык миигин итинник саныыгын дуо? – диэн ыйытта. Кыыһа өмүттэн тылыттан матта, арай саҥата суох ийэтин ыйытардыы одуулаата.

– Ол күн мин, соччо ханна да быкпат киһи, биир хоско олорор кыргыттарым кучуйан үҥкүүгэ барсыбытым, – диэн туох да киириитэ суох Лена кэпсээн барда.

Яна ийэтэ муҥ саатар тыл бырахсан бүппүтүн билэн, аны саҥата суох олорон истэргэ быһаарынна.

– Тиийэн үҥкүүлээтибит, онтон бүппүтүгэр бары бииргэ тахсан истибит. Киһи бөҕө. Арай ол үтүрүһүүгэ хас да сыл көрбөтөҕүм ырааппыт, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уолбун көрсөн, саатар аҕыйах тылынан да буоллар, кэпсэтэ түһээри тохтоон сэһэргэстим. Санаабар, наһаа өр буолбата да буоллар, тахсыбытым – кыргыттарым суохтар. Иһирдьэ-таһырдьа көрдөөн көрдүм да, мэлигир. Били уолбун булан атаартарыаҕым дии санаабытым, эмиэ бара охсубут.

Оптуобус сырыыта бүппүт этэ. Ыам ыйын саҥатыгар борук-сорук уулусса устун баран истэхпинэ икки уол утары хааман кэллэ. «Биһигини кытта барыс», – дииллэр. Истибэтэҕэ буола-буола бара тураары гыммытым да, уолаттар сыстан баран арахсар санаалара суох, күөйэ хаама-хаама, илиибиттэн харбыалаһа сатыыллар.

Дьиҥэр, онно соччо куттаммакка хаалбытым, арай матасыыкыл тыаһа иһилиннэ. Эргиллэн көрбүтүм, кыһыл матасыыкыллаах уол уулусса устун айаннаан иһэр эбит. Мин аттыбар сүүрдэн кэллэ, уолаттар толлон, чугуйан биэрдилэр. Сүлүөм иһиттэн дьикти сырдык от күөх харахтарынан тонолуппакка көрөн туран: «Куттаныма, олор, бардыбыт», – диэбитигэр, мин ыллым да, харса суох олорунан кэбистим, элээрдэ турдубут.

Арай хайыы-үйэ айаннаан иһэн: «Бу кимиэхэ уонна тоҕо олорсубутум буолла?» – диэн санаа охсуллан ааста. Ону истибиттии, уол тохтоон ханна барарбын ыйытта. Мин уопсайым ханна баарын ыйан-кэрдэн биэрдим. Саҥата-иҥэтэ суох илдьэн биэрдэ да буоллар, уопсайым аанын иһиттэн хатыы охсубуттар эбит. Мин түннүгүм диэки хайыһан, кыргыттарбын ыҥыран көрдүм да, туһа тахсыбата. Уол баран хаалбакка, киирэрбин кэтэһэн турбута. Онтон: «Хатыылаах дуо? Арыйыахтарыгар диэри хатааһылыыбыт дуо?» – диэн ыйытта.

Кэтэһэн олоруом дуо, сөбүлэстим. Болуоссакка тиийэн ыскамыайкаҕа олоро түстүбүт. Уолу дьэ өйдөөн көрдүм: уһун, көнө уҥуохтаах, сүлүөмүн уһулбутугар чап-чачархай долгуннурар баттаҕа санныгар кэлэн түстэ.

– Һа, ол саҕана уолаттар уһун баттахтаах этилэр дуо? – диэн Яна муодарҕаан ыйытта.

– Соччо суох буолуо, ол гынан баран, Modern Talking бөлөх саамай үгэннээн аатырбыт кэмэ этэ, онон муодунай уолаттар үтүгүннэхтэринэ да баа буоллаҕай.

– Чэ, сөп, онтон? – диэн Яна ийэтигэр чугаһаан, сыҕарыс гынан, сэҥээрбитин биллэрдэ.

– Ону-маны буолары-буолбаты барытын кэпсэттибит,  кини: «Эн хаһан эмит күн тахсарын көрбүтүҥ дуо?» – диэн ыйытта. «Суох», – диэтим. Уолум эмискэ: «Бардыбыт!» – диэтэ да, матасыыкылга олорон, ханнык эрэ бырааҥҥа айаннаан тиийдибит. «Түргэнник, ыксыахха», – дии-дии, бокуой биэрбэккэ, илиибиттэн харбаан ылаат, тубус-туруору сыыр устун өрө тардан таһаарда.

Соһуллан-сыһыллан, аҕылаан-мэҕилээн чыпчаалыгар нэһиилэ таҕыстым. Бэс сытыттан уонна эмискэ үрдүккэ баар буола түһэммит, мэйиим эргийэн ылла.

– Истэҕин дуо, Яна, ол сиртэн хочо бүтүннүүтэ олох ытыс үрдүгэр курдук көстөрө, – диэн Лена сөҕөн-махтайан эттэ.

– Тумарча ыраахха диэри көҕөрүмтүйэн көстөр. Эмискэ кып-кытархай күн сардаҥалара хочону сырдыгынан толорон кэбистилэр. Мастартан, дьиэлэртэн уп-уһун халлаан күөх күлүктэр субустулар. Наһаа да кэрэ көстүү этэ! Ырыаҕа ылланар куорат түүҥҥү уоттара ол дьикти сырдыкка баһыйтаран, симэлийэн хааллылар.

Кэлин син айылҕаҕа тахсан, күнү элбэхтэ көрсүбүтүм да, санаабар, ол сарсыардааҥҥыны кытта биир да саһарҕа тэҥнэспэтэҕэ… – Лена санаатыгар уйдаран олорон, өрүтэ тыыммахтаата. Яна, ийэтин саҥардыы өйдөөн көрбүттүү, одуулуу олордо.

– Онтон төттөрү уопсайбар аҕалан биэрбитэ. Мин махтанан баран, кирилиэһинэн өрө сүүрэн эрдэхпинэ: «Эй», – диэтэ. Мин эргилинним. «Аатыҥ кимий?» – диэтэ. Мин хоруйдаатым уонна кирилиэһинэн өрө сүүрэн эрдэхпинэ эмиэ: «Эй», – диэтэ. Эмиэ тохтоон, эргилинним. Онтон: «Мин аатым Андрей», – диэтэ. Мин: «Махтал, Андрей, чэ, пока!» – диэтим. «Хоһуҥ түннүгэ ханна баарый?» – диэн ыйытта. Мин ыйан биэрдим. «Киэһэ көрсүөхпүт!» – диэн баран, гаастаан, элээрдэ турда. Батыһа көрөн эрэ хааллым.

Хоспор кыргыттарым мөҕөр быластаах көрүстүлэр, сүтэрэн айманыы буола сылдьыбыт. Арай мин үөрбүт-көппүт туругум туохха да бэриммэт.

Үөрэхпэр тиийэн, утуктаан тоҥхоҥнуу олордум. Уолаттар: «Түүн тугу гыммыккыный, тоҕо утуйбатаххыный?» – диэн хаадьылыыллар. Мин буоллаҕына, туохха да кыһаммакка, күн тахсыытын хайдах көрсүбүппүн саныы олордум. Эбиэттэн киэһэ дьэ утуйаары, ороммор тиийэн охтон түспүппэр, арай ханнык эрэ матасыыкыл кэлэн тыаһаа да тыаһаа буолла. Кыргыттар ойон тиийэн өҥөйөн көрдүлэр. «Уой, кимиэхэ кэлбитэ буолуой, урут хаһан да көрбөтөх уолум», – диэбитэ биирдэстэрэ. «Айуу, кырасаапчык дии! Арай Ленкаҕа кэлбит буоллун?» Кыргыттар күлсэ түстүлэр. Мин өмүрэх курдук ойон туран, түннүгүнэн өҥөс гынным. Били уолум аллараттан үөһэ көрөн туран, үөрэ-мичилийэ турар эбит. Мин наһаа үөрдүм. Илиитинэн далбаатаата. «Миигин кытта балыктыы барсаҕын дуо?» – диэн ыйытта. Мин тоҥхох гынным. «Оччоҕуна түс, бардыбыт!» Мин тугу барытын умнан туран, таҥас да уларытар суох, хайдах баарбынан сүүрэн түстүм. Андрей миэхэ анаан туспа сүлүөм аҕалбыт этэ. Ону кэтэн баран, барса турбутум. Доҕотторун кытта өрүс тумулугар тиийэн балыктаатыбыт. Тугу туппутун утары үтэн сиэтибит. Саҥалаах-иҥэлээх, көрдөөх-нардаах уолаттар-кыргыттар бииртэн биир бэтиэхэлээх түбэлтэни кэпсээннэр, күлэн быара суох барабыт. Субу күлсэ олорон, биирдэ өйдөөбүтүм, дьоммут кытыл устун тарҕаһан, күөгүлэрин ууга быраҕан турар эбиттэр. Биһиги кинилэр дэҥ-дэҥ тугу эрэ ыраахтан хаһыытаан, күлсэ-күлсэ ону-маны кэпсэтэллэрин истэ-истэ, саҥата-иҥэтэ суох уот аттыгар сэргэстэһэн олордубут.

Нуһараҥ киэһэ этэ. Доҕотторуттан туспа баран, суолу тутуспакка хонуунан сүүрдэн иһэн, кини айанын тохтоппокко төҥкөйөн, сибэкки үргээн ыла-ыла, миэхэ биэртэлээн испитэ. Ол иһэн матасыыкылбыт туох эрэ буолан алдьанан хаалла. Андрей бастаан илиитинэн анньа сатаан баран, ыарахана бэрдиттэн хайыай, талах быыһыгар кистээн баран сатыы бардыбыт. Күнүс сылааһын аанньа, киэһэнэн сөрүүдүйэн барбыта. Мин таҥаһым чарааһын саҥардыы өйдөөбүтүм. Андрей: «Тоҥнуҥ дуо?» – диэн ыйыппыта. Мин мэлдьэстим. Ардах ибиирэн барда. Кини: «Тымныы дии, тоҥмуккун буолбат дуо», – диэтэ. Мин тымныы диэн билинним. Билигин кууһара буолуо дии санаабытым, киһим кууркатын уһулан, мин санныбар бырахта. Бэйэтэ аҥаардас футболканан эрэ хаалла. «Суох, суох, бэйэҥ кэт», – диэн көрдүм да, буолуммата. Оннук уопсайбар диэри атааран биэрбитэ. Ол кэннэ ити курдук күн аайы көрсүһэр этибит. Мин кэлин хаһан даҕаны олохпор итинник үтүө майгылаах киһини көрсүбэтэҕим.

– Ийээ, оччоҕо тоҕо киниэхэ буолбатах, мин аҕабар кэргэн тахсыбыккыный?

– Ол сыл үөрэхпин бүтэрэн, атын сиргэ үлэлии барар буолбутум. Кини төрөппүттэрэ арахсаннар, ийэтиниин Украинаҕа көһөн барыахтаах этилэр. Мин тиийбит сирбэр бутуур тахсан, атын нэһилиэккэ ыыппыттара, хаһан оннубун булан сурук суруйуохпар, ол хаһан тиийиэр диэри көспүттэрэ номнуо буолбут этэ. Кини ол суругу тутан, анараа тиийэн саҥа аадырыһыттан суруйуохтаах этэ. Ону баара, суругум «Адресат по месту не проживает» диэн бэлиэлээх бэйэбэр төннөн кэлбитэ…

Ол курдук сүтэрсэн кэбиспиппит.

– Оо, хайдах оннук буолан хаалбытай? Эн олох атын дьылҕалаах буолуохтаах эбиккин дии.

– Мин Дьылҕа Хааммар хом санаам суох. Эн тыыныҥ тардан, эн аҕаҕар таҕыстаҕым дии. Олоҕум атыннык салаллыбыта буоллар, эн суох буолуоҥ этэ. Эн төрөөбүтүҥ, биһиги ийэ уонна кыыс буоларбыт үчүгэй дии. Атын олох миэхэ наадата суох… Бырастыы гын, сороҕор мөҕөбүн. Таптыыр уонна эн тускар долгуйар буоламмын…

– Оттон таптал?

– Мин кэмсиммэппин. Таптал ааспат, киһини кытта букатыннаахтык хаалар эбит. Онтон ыла сүүрбэччэ сыл ааста. Оттон билигин да харахпын симтэхпинэ, түннүк анныгар кулуһун курдук көнө уҥуохтаах уол куудара баттаҕа тыалга долгуннуран, мин диэки үөрэ-сөхпүт хараҕынан көрөн турара бу баардыы көстөн кэлэр…

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....