24.09.2020 | 17:08

Тыыл тиэмэтэ сиһилии үөрэтиллиэн наада

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Виктор Борисович Борисов – “Арассыыйа – Мин историям” музейнай комплекс биир бөдөҥ салаатын сүрүннүүр. Кини дойдубут, куораппыт историятын чинчийэр, дириҥник билэр эдэр киһи. Виктор Борисович сүрүн үлэтин таһынан араас уопсастыбаннай дьыаланан дьарыктанар, олоххо ураты көрүүлээх, бөлүһүөктүү толкуйдаах диэн сыаналыыбын. Кини оскуола оҕолоругар анаан дойдубут историятын билэргэ-көрөргө ыҥырар оонньуу айан таһаарбыта. Аны бу соторутааҕыта Дьокуускайбыт историческай миэстэлэринэн сылдьан чахчылары билиһиннэрэр, кэпсиир сыаллаах хас да түһүмэхтээх биэриини бэлэмнээтэ.

Бүгүн биһиги кэпсэтиибит Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сирин кыттыыта, историческай чахчылар, дьон дьылҕата, статистика туһунан буолуоҕа.

– Виктор Борисович, эн быйылгы үбүлүөйдээх сылга Аҕа дойду сэриитин туһунан элбэҕи хаһыстыҥ, дьоҥҥо кэпсээтиҥ. Ол туһунан ааҕааччыларга билиһиннэриэҥ дуо?

Саргылана Егоровна Никитина

– Быйылгы үбүлүөйдээх сылга анаан мин, кэллиэгэм, историческай билим кандидата Саргылана Егоровна Никитина, доҕорум, «Айар кут» көҥүл түмсүү салайааччыта Егор Валерьевич Иванов буоламмыт «Модун күүс» диэн сайт арыйбыппыт (хомойуох иһин билиҥҥитэ кылгас кэмҥэ сабыллан турар,  сотору арыллыа диэн эрэнэбит).

Бу сайтка биһиги Саха сирэ фашистскай Германияны кыайыыны ситиһэргэ киллэһиктэрин тиэмэлэринэн наардаан анал рубрикаларга угаттаабыппыт уонна мантан ыла угуохпут. Холобура, «Саллаат эйгэтэ» диэн рубрикаҕа саллааттарбыт фронтан суруктарын, ахтыыларын хомуйан киллэрдибит. Кумааҕы үйэтэ суох, ону таһынан харандааһынан суруллубут сурук суруга кэминэн сүтэр. Оттон биһиги ити үлэбитинэн сурук сканерданан үйэтитиллиэхтээҕин холобурдаан көрдөрдүбүт. Тоҕо диэтэххэ сурук  нөҥүө ол саҕанааҕы киһи дьылҕатын, ис эйгэтин, олоххо сыһыанын биһиги билэбит. Бу улахан иитэр-үөрэтэр патриотическай үлэ буолар.

Дьүөгэ Ааныстыырап суруга

Егор Иванов

Сурук хомуйаары улуустарга командировкаҕа сылдьыталаабыппыт, биирдиилээн ыалларга, музейдарга, библиотекаларга. Айаҥҥа сканербын, ноутбукпун илдьэ сылдьыбытым. Музейга кэлэн баран онтуктарбын холбоон баран куоппуйалаан, аннотациялаан, паапкалаан барарым. Элбэх көмөнү матырыйаал хомуйарбытыгар волонтердар оҥорбуттара. Биир оннук киһини чорботон бэлиэтиэм этэ – Валентина Васильевна Васильева. Кини Ньурба Хаҥалаһыттан төрүттээх, Дьокуускайга олорор. Уопсастыбаннай олоххо сүрдээх көхтөөх киһи, киниэхэ махталым улахан. Бу “Модун күүс” бырайыак Бэрэсидьиэн грантовай фондатын көмөтүнэн олоххо киирдэ, онон кинилэргэ эмиэ улаханнык махтанабыт. Биллэн турар, махталбыт матырыйаал биэрбит тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо, уопсастыбанньыктарга эмиэ улахан. 

Сунтаарга. Сергеев аатынан түмэлгэ

– Матырыйаал буларгар туохха тирэҕирэҕин, бука архыыпка олорор бириэмэҥ суоҕа буолуо?

– Архыыпка үлэлииргэ кырдьык элбэх бириэмэ барар, аны ол булбут матырыйаалгын ааҕааччыга-туһанааччыга ыстаан бэлэмнээн биэрээһинэ эмиэ биир ымпыктаах үлэ. Онон ити эппитим курдук, дьон көмөтүн туһанабыт. Ону таһынан билиҥҥи информационнай үлэҕэ архыыпка олоҕурбут матырыйаал интэриниэккэ элбэх, онон ол үлэбитин эмиэ чэпчэтэр. Бу өттүгэр улахан махталлаах үлэни Национальнай библиотека уонна Национальнай архыыппыт оҥорбуттара, кинилэр сайтара биһиги үлэбитигэр наһаа көмөлөстө.  

Сунтаарга ыалга сурук копиялыы олорон

– Туох интэриэһинэй чахчылары арыйдыҥ?

– Саха сирин Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕанааҕы байыаннай историята историктарынан сиһилии үөрэтилиннэҕэ дии, онон оннук арыйыылар суохтар. Биһиги үлэбит онно туһаайыллыбатаҕа даҕаны. Сүрүн сыалбыт биһиэнэ – Саха сирин дьоно Кыайыыны уһансыытын интэриниэт ситимигэр үйэтитии.  

– Историяны токурутуу, уларытыы диэни хайдах ылынаҕын. Статистика, сыыппара, ахсаан биһиги Сахабыт сиригэр биир кэм турар дуу, уларыйыан сөп дуу?

– Историяны токурутуу отой мөкү көстүү, хайдах баарынан үөрэтиллиэхтээх. Син биир биллиэ дии кырдьыга. Хомойуох иһин, история политиканы кытта быһаччы сибээстээх. Холобура, Европа сорох дойдуларыгар Сэбиэскэй Сойуус Кыайыыга оруолун намтатыы баар көстүү. Европаны бүтүннүү кэриэтэ сабардаабыт Гитлер аармыйатын сүнньүн биһиги сирбитигэр, киһи бөҕөнү кыргыһыы толоонугар толук ууран аҕа сүһүөх дьоммут тоһуттаҕа дии. Саха сирин туһунан этэр буоллахха, тыылбыт тиэмэтэ өссө да сиһилии үөрэтиллэ илигинэн ааҕабын. Ол иһин тыылбыт статистиката эмиэ халбархай. Тыыл сүрүннээн бу олохтоох салалта Степаненко Ион Лукич уонна кини чугас дьонноро сатала суох хамнаныыларыттан сылтаан сүтүгэ фроннааҕар хас эмэ бүк элбэх. Биһиги биир дойдулаахпыт, Намтан төрүттээх Илья Егорович Винокуров Сталиҥҥа сурук суруйан, ол дьон уһулланнар, Илья Егорович Саха сирин бырабыыталыстыбатын салайан балаһыанньаны көннөрбөтөҕө буоллар, хоргуйууттан сүтүкпүт өссө элбэх буолуо этэ. Илья Егорович Саха сирин олохтоохторун отой өрүһүйбүт киһи буолар, биһиги ону умнуо суохтаахпыт уонна кэнчээри ыччаппытыгар кэпсии сылдьыахтаахпыт.  

– Сэриигэ кыттыбыт дьон, дойдуҥ Ньурбаттан барбыт буойуннар туһунан кэпсииргин “Саха” НКИХ ханаалыгар көрөн турардаахпын. Ити барыта бэйэҥ хаһыспыт үлэҥ дуо?

– Түмэл үлэһитэ буоламмын уонна бэйэм кэрэхсиир тиэмэм буолан, итини син билэбин. Сюльскай Семен Иванович Ньурба Сүлэтиттэн төрүттээх, кыһын фроҥҥа бараары тылланан, сатыы Булуҥтан Ньурбаҕа кэлбитин, онтон Курскай Тоҕойго кыргыһа сылдьан билиэҥҥэ түбэспитин, онтон куотан Украинаҕа бартыһааннарга кыттыһан сэриилэспит олоҕун экскурсияларга элбэхтик Ньурба музейыгар үлэлиир кэммэр кэпсээн турардаахпын. Ньурба музейыгар Сюльскай тус маллара бааллар – холобура партизанскай дастабырыанньата, Каховскай ГЭС тутуутугар үлэлии сырыттаҕына, доҕоро натураттан уруһуйдаабыт портретнай уруһуйа. Сэттэ-аҕыс сыллааҕыта быһыылааҕа, Украинаттан Семен Иванович оҕолоро-сиэннэрэ кэлбиттэригэр Ньурба устун экскурсиялаппытым. Онно аҕаларын мемуарыттан кинигэ таһаарбыттарын бэлэх ууммуттара.

Онтон Сэбиэскэй Сойуус геройа Николай Петрович Кудряшов олоҕун эмиэ экскурсияҕа элбэхтик кэпсээбит буолан билэбин. Ону таһынан, Николай Петровичка геройун аатын төнүннэрээһиҥҥэ үлэлээбит-хамнаабыт авиация бэтэрээнэ Михаил Афанасьевич Тихоновы тус үчүгэйдик билэр киһим буоллаҕа. Михаил Афанасьевич Саха сиригэр бастаан авиация музейын арыйбыт киһинэн буолар. Музейа Ньурба куоракка авиапорт дьиэтигэр баар. Билигин авиация музейа Дьокуускайга Гагарин аатынан култуурунай кииҥҥэ арыллыбыт диэн истэбин.

– Виктор Борисович, эһиги курдук дойдугут историятын билэр, хасыһар дьон элбии турдуннар. Бу олус туһалаах, кэнчээри ыччакка хаалларар үлэҕит үбүлүөйдээх сылынан эрэ муҥурдамматын. Инникитин булар-талар үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, арыйыылары баҕарабын. Кэпсээниҥ иһин махтал!

– Маннык, этэргэ дылы, “фанат” дьон, өссө эдэр дьон бэйэлэрин үптэринэн айаннаан, матырыйаал булан, үөрэтэн биһиэхэ утары ууналлара олус хайҕаллаах дьыала. Виктор Борисович этэрин курдук, Сахабыт сиригэр тыыл кэмигэр олус ыарахан кэмнэр бүрүүкээбиттэрэ историяҕа ситэ сырдатылла, арылла илигин историктар да билинэллэр. Аны ону хасыһан, ол уордаах сэрии сылларыгар төһөлөөх эрэйи көрбүт дьоммут, эһэлэрбит, эбэлэрбит, оҕолорго тиийэ, кинилэр тустарынан, кинилэр кэриэстэригэр улахан үлэ оҥоһулларын бары да кэтэһэбит. “Модун күүс” барыйыак салгыы историяны кэҥэтэ, сырдата туруо диэн эрэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....