16.06.2022 | 10:00

Тыйаатыры таптааччылар сэргэхсийиэхтэрэ

Тыйаатыры таптааччылар сэргэхсийиэхтэрэ
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 12 күнүгэр “Арассыыйа – Мин историям” историческай пааркаҕа “Саха сиригэр тыйаатыр суола-ииһэ” (“Путь театра в РС (Я)”) быыстапка аһылынна. Манна тапталлаах тыйаатырдарбыт историяларын, ситиһиилэрин кэпсиир матырыйааллар, архыып сэдэх хаартыскалара, испэктээктэр реквизиттэрэ, декорациялар уонна көстүүмнэр эскизтэрэ, афишалар көрдөрүүгэ туруорулуннулар. Ону сэргэ, норуот тапталлаах артыыстарын көстүүмнэрэ, култуура, искусство биллэр-көстөр деятеллэрин тутта сылдьыбыт маллара бааллар.

Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук

“Хаарыан хампа күөх кытылым...” испэктээк аар-саарга аатырбыт тыытын  (Саха тыйаатыра), Кыһыл ойуун таҥаһын-сабын (Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра) урут сыанаҕа эрэ көрөрбүт. Оттон Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын киэн туттуутун – “Александр Македонскай” туруоруутун иһин “Кыһыл көмүс мааска” анал бириэмийэтин хаһан да харахтаабатахпыт. Эбэтэр 1892 сыллааҕы испэктээккэ билиэти бүгүн хантан булуохпутуй? Уопсайынан, быыстапка Саха сирин искусствотын уонна култууратын киэҥ эйгэҕэ таһаарар баай ис хоһоонноох. Манна кэлбит киһи тыйаатыр ураты умсугутуулаах эйгэтигэр баар буола түһэр уонна искусство устата-туората биллибэт киэҥ байҕалын арыйар.

Быыстапканы Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын “Хаарыан хампа күөх кытылым...” испэктээк арыйар. Манна айар кэлэктиип баай историята, ситиһиитэ, киэн туттуута көрдөрүллүбүт.   

СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата Айаал Аммосов уруккуну-хойуккуну санаата, айар кэлэктиип былаанын кылгастык сэһэргээтэ:

– Герасим Васильев, Симон Федотов, Тимофей Сметанин, Ефим Степанов оонньуур кэмнэригэр биһиги маассабай сыанаҕа кыттарбыт. Мин испэктээк саҕаланыан икки чаас иннинэ кэлэрим. Дьиҥэр, бэйэм көстүбэт буоллаҕым, быаны эрэ тардарым. Оннук улаханнык долгуйарым. Билигин иккис састаабынан оонньуу сылдьар дьоллоохпут.

Андрей Борисов дипломнай үлэтэ ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин ылар үрдүк чиэскэ тиксибитэ. Сергей Потапов “Макбет” дипломнай үлэтинэн “Кыһыл көмүс мааска” лауреата буолбута. Бу ситиһиилэр Саха сиригэр тыйаатыр искусствотын сырдык суолун, кэскилин туоһулууллар. 

Билигин“Илиир хоруол” испэктээги саҥардан туруора сылдьабыт. Бэс ыйын 30 күнүгэр тыйаатыр сезонун онон сабыахтаахпыт. Алтынньы ыйга МХАТ сыанатыгар туруорар былааннаахпыт, – диэн кэпсээтэ.

Саха тыйаатыра худуоһунньук Геннадий Сотников аатын кытта ыкса ситимнээх. Кини туһунан доҕоро Андрей Саввич Борисов ахтылҕан аҥаардаах кэпсээнин былырыын хаһыаппытыгар таһаарбыппыт. Худуоһунньук айан хаалларбыт эскизтэрэ, афишалара быыстапка ис хоһоонун байыталлар.

Салгыы СӨ Үүнэр көлүөнэтин тыйаатырын саалатыгар киирдибит. Артыыс, СӨ култууратын туйгуна Любовь Макарова “Дьол тааһа”,  “Вий”, “Кыһыл ойуун” испэктээктэр көстүүмнэрин, реквизиттэрин көрдөрдө.

“Биһиги бары оҕо саастан төрүттээхпит. Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра бу этиинэн салайтаран үлэлиир. Ол курдук кырачаан көрөөччүлэрбитин улахан тыйаатырга бэлэмниибит”, – диэн кини айар кэлэктиибин билиһиннэрдэ.

Нуучча тыйаатырын визитнэй карточката, биллэн турар, – А.С. Пушкин айымньыларынан туруоруулар. Быыстапкаҕа дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар “Капитанская дочка” туруоруу декорациялара, көстүүмнэрэ бааллар. Тыйаатыр историятын кэпсиир сэдэх хаартыскалар киэҥ сэҥээриини ылаллар.

Быыстапкаҕа музейдар кыттан, Саха сиригэр тыйаатыр историятын өссө кэҥэтэн, силистээн-мутуктаан көрдөрдүлэр. Емельян Ярославскай аатынан Саха музейын саалатыгар ааһабыт. Бу норуот тапталлаах ырыаһыта Эдьиий Марыына кэнсиэркэ кэппит мааны көстүүмэ ыйанан турар. Витринаҕа көрөөччүгэ үйэлээх уобарастары айан хаалларбыт Дмитрий Ходулов тэтэрээтэ, кура сыталлар. Ол диэки хайыстахха –  Наталья Трапезникова кокошнига, мэтээлэ, кубога, Петр Решетников автобиографията, Аркадий Алексеевка сүгүрүйээччилэрэ бэлэхтээбит театральнай бинокллара, нуоталаах лиистэрэ.

Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун музейа эмиэ бэрт сэдэх матырыйааллары, экспонаттары аҕалбыт. Холобур,  Саха АССР норуодунай артыыһа Галина Кривошапко дирижердаабыт маһын, сыанаҕа кэппит көстүүмүн, “Сыгый Кырынаастыыр” опера рукопиһын көрүөххүт. “Кривошапко синньигэс да эбит!” – диэн ким эрэ саҥа аллайара иһилиннэ.

Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын уус-уран салайааччыта Карл Сергучев режиссер айар үлэтигэр худуоһунньук сүҥкэн оруолун кэпсээтэ, “Александр Македонскай” айыллыбыт историятын сэһэргээтэ.

Эстрада тыйаатыра көрөөччү киэҥ биһирэбилин ылбыт “Киристэпиэл”, “Мааппа”, “Уйбаанчык” реквизиттэрин туруорбут. Маны сэргэ, Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра, Олоҥхо тыйаатыра, Ньурбатааҕы көһө сылдьар тыйаатыр историческай паарка саалаларын киэргэппиттэр. Быыстапканы Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тыйаатырдара түмүктүүр.

Тугу сэргээбиппин барытын биир балаһаҕа кыайан батарбаппын. Аны туран, аныгы тылынан эттэххэ, “спойлердыырым” соччото суох. Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук! Сылдьыҥ. Киһи эрэ кэрэхсиир, сэргиир быыстапката!

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Киэн тутта кэпсиирбит элбэх

Юрий Степанович Куприянов, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ:

– “Территория. Якутск” аныгы искусство бэстибээлэ буолан ааста. Бэс ыйын 16-17 күннэригэр бастыҥ виртуоз хомусчуту быһаарыахпыт. Бэс ыйын 17 күнүттэн Владивосток куораттан Максим Горькай аатынан Приморскай кыраай драмтыйаатыра ыалдьыттыаҕа,  алта испэктээги көрдөрүөҕэ. Онтон бэс ыйын 24-25 күннэригэр Александринскай тыйаатыр “Женитьба” испэктээгин Саха тыйаатырын сыанатыгар туруоруоҕа.

Бэс ыйын 24 күнүгэр Арассыыйа национальнай тыйаатырдарын I конгреһа аһыллыаҕа. Онно Татарстантан, Тываттан, Башкирияттан, Хакасияттан, Бурятияттан, Карелияттан уо.д.а. айар кэлэктииптэр дириэктэрдэрэ, уус-уран салайааччылара кыттыыны ылыахтара. Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан Арассыыйа национальнай тыйаатырдарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, Александринскай тыйаатыр уус-уран салайааччыта Валерий Фокин, ГИТИС ректора Григорий Заславскай, “Таврида” бырайыак ааптара Сергей Першин уо.д.а. буолуохтара. Дойду национальнай тыйаатырдара Дьокуускай куоракка мустуохтара, биир санаанан, биир сүбэнэн сайдыы саҥа суолларын тобулуохтара.

Тэрээһин чэрчитинэн эдэр режиссердар питчиннэрэ (питчинг) ыытыллыаҕа, онно Саха тыйаатырыттан Роман Дорофеев кыттыаҕа. Дьоҕус испэктээктэри Валерий Фокин салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ сыаналыаҕа. Маны таһынан, Александринскай тыйаатыр уус-уран салайааччыта эдэр артыыстары, Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтугар уонна М.С. Щепкин аатынан Москватааҕы Үрдүкү театральнай училищеҕа артыыс идэтигэр үөрэнэр устудьуоннары кытта көрсүөҕэ, маастар-кылаас көрдөрүөҕэ. Бэс ыйын 22-24 күннэригэр Татарстан күннэрэ ыытыллыахтара, киин куоракка улахан дэлэгээссийэ кэлиэхтээх. Онон бэс ыйыгар Дьокуускай тыйаатыр түһүлгэтэ буолар.

Биһиги тыйаатырдарбыт киэн тутта кэпсииллэрэ элбэх. Баай историяларын, ситиһиилэрин кэпсиир, кэскиллэрин кэрэһилиир быыстапканы ааттаах-суоллаах ыалдьыттарбыт сэргиэхтэрэ диэн эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...