23.05.2020 | 11:03

Тыйаатыр артыыһа Сардаана

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохпут, норуоппут туһунан хорсуннук этинэр Власий Вырдылины элбэх киһи истибит буолуохтаах. Ол эрэн бүгүн кини олоҕун аргыһын, тапталын, бары өттүнэн талааннаах киһилиин, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Сардаана Вырдылиналыын кэпсэтиэхпит.

ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУ

Мин Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгиттэн төрүттээхпин.  Алта оҕолоох Поповтар дьиэ кэргэҥҥэ маҥнайгы оҕо буолабын. Оскуоланы 2011 сыллаахха бүтэрэммин, киин куоракка Култуура уонна искусство коллеһыгар  режиссер-салайааччы идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Дьиҥэр, мин артыыс үөрэҕэр туттарсыахтаахпын, ол сыл сүүмэрдээһин буолбатаҕа.

- АГИКИ-га тоҕо биэрбэтиҥ?

- Онно баҕарбытым эрээри, Култуура коллеһыгар үөрэх таһыма быдан үрдүк диэн дьон санаатынан салайтарбытым.

Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар 2017 сыллаахха үлэлии киирбитим. Ол иннинэ ыал буолан, оҕолонон, үс ыл олорбутум. Быйыл үлэлээбитим үһүс сыла.

АРТЫЫС БУОЛАР

- Оҕо эрдэхпиттэн дьон иннигэр ыллыырбын сөбүлүүрүм. Валерия ырыаларыттан саҕаламмыта. Улахан кылаастарга нуучча тылын  уонна литературатын учуутала Лидия Егоровна мин артыыс буолар баҕа санаабар итэҕэйэн, литературнай айымньыларга, хоһооннорго сыһыарбыта. Онтон саҕалаан тыйаатырга сыстыбытым, испэктээкиллэри көрөр буолбутум.

САҤАРАР БЫЛААС КЭРГЭНЭ

- Кэргэҥҥин кытта хайдах билсибиккиний?

- Ол саҕана социальнай ситимнэр саҥа киирэн эрэллэр этэ. Эдэр дьон бары даҕаны хара сарсыардаттан “В контакте” ситимҥэ олорорбут.  Бастаан Власий миэхэ суруйбута, мин эдэр оҕо эмоция, амбиция бөҕө буоллаҕым. Лоп-бааччы уу сахалыы суруйбутугар, хайдах эрэ бэйэбэр чугастык ылыммытым. Тыла-өһө баайа, ырааһа, олоҕу көрүүтэ уратыта миигин тутатына сэҥээрдибитэ. Ити курдук сыл кэриҥэ суругунан доҕордоспуппут.  

Мин оччолорго олоххо сиэтэр, араҥаччылыыр киһим бу баар диэн итэҕэйбэт этим. Киһим, миигин сүтэримээри, аһара таптаан дуу, хайдах дуу, 2013 сыл сайыныгар дьиэбэр үлэ-хамнас бөҕө буола сырыттахпына тиийэн кэлбитэ. Оруобуна от саҕана этэ. Киирэн дьоммун кытта билсэн, уруккуттан билэр дьонун курдук кэпсэтэн саҕалаабытыгар, мин туох диирбин билбэтэҕим. Ол курдук кэпсээннээх-ипсээннээх уол чуҥкук олохпутун сэргэхсиппитэ. Эһиилигэр балаҕан ыйын 19 күнүгэр ыал буолбуппут. Мин эбэм эмиэ бу күн ыал буолбут эбит, оҕобут Күнчээнэ эмиэ 19 чыыһылаҕа төрөөбүтэ.

- Тыый! Сыыппара батыһа сылдьар эбит дии.

- Кырдьык, 9 сыыппара батыһа сылдьар курдук. Мин төрөппүттэрим эмиэ тохсус чыыһылаҕа ыал буолбуттар эбит.

- Кэргэниҥ айар үлэтигэр хайдах сыһыаннаһаҕын?

- Кэргэним айар үлэтин сөбүлүүбүн, ытыктыыбын уонна  ол онтон кини дуоһуйарын, астынарын көрөн үөрэбин. Эр киһи бэйэтин сөбүлүүр, кыайар дьарыгынан дьарыктаннаҕына, кини күүстэнэр, тирэхтэнэр. Ол иһин мин кэргэммин атын идэҕэ эбэтэр бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэлии сылдьарын өйбөр батарбаппын. Мин көмөм диэн, киниэхэ итэҕэйии буоллаҕа.

КИИНЭ УОННА ТЫЙААТЫР УРАТЫЛАРА

- Уратылара олус элбэх. Киинэҕэ үксүн дьиҥ олоххо хайдах тутта-хапта сылдьарыҥ курдук, «реализм”. Онтон тыйаатырга көрөөччү бу испэктээкили бүгүн эрэ көрөр, ол иһин кини болҕомтотун бэйэҕэр тардан, оонньуу сүрүн идеятын тириэрдэ сатыахтааххын. Биир түгэни сырыы аайы атын-атыннык оонньуугун, атын-атын эмоцияларга ыллараҕын, ол эмиэ бэйэтэ туспа экстрим быһыылаах. Киинэтээҕэр тыйаатырыҥ быдан эппиэтинэстээх диэн көрөбүн.

Сыанаҕа оонньуур кэммитигэр куруук көрөөччүнү кытта тыыннаах сибээс уонна иэйии олохтонор, оттон киинэҕэ эйигин көрбүттэрин, ылыммыттарын билбэккин.

СҮРҮН ОРУОЛЛАР

-  «Мой маленький Бог» диэн оскуола оҕолоругар аналлаах испэктээкилгэ Крейзи диэн кыыһы оонньуубун. Сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох туруоруу. Оҕо уонна төрөппүт сыһыаннарын туһунан. Оҕоҕо төрөппүт киһи доҕор буолбакка, мөҕө-этэ сырыттаҕына, хайдах оҕо буолан тахсарын туһунан. Крейзибын бэйэм да аһынабын...

Биир сүрүн оруолум – “Костюмер” испэктээкилгэ Айрин диэн эдэр кыыс. Артыыс буолуон баҕарар, ол туһугар охсуһар.

ИДЭ ТУС ОЛОХХО ДЬАЙЫЫТА

- Син биир киһи былааннаан олорор. Уһун айан былааннанар түгэнигэр, эрдэттэн барытын бэлэмниигин. Бастакы кэмҥэ оҕобутун дьоммутугар таһаарар этибит. Билигин оҕобут улаатан, уһуйааҥҥа сылдьар, аҕата таһар. Тус олохпор артыыс буолбутум мэһэйдиир дии санаабаппын...

Артыыс идэтэ дьикти айылҕалаах. Киһи барыта артыыс талааннаах буолбат диэн этии кырдьык баар. Артыыс буолар эмиэ биир уһун да уһун тургутук диэххэ сөп. Мин оҕобун көрөр кэммэр, бэйэбэр талааным суох диэн санаалаах этим. Ол эрэн киһи үлэлээтэҕинэ, сыанаҕа уонна көрөөччүгэ итэҕэйдэҕинэ, бэйэҥ идэҕин күүскэ ылынаҕын уонна таптыыгын.  

САРДААНА ХОҺООН ААҔАР

- Хоһоону иэйиилээхтик  да ааҕар эбиккин! Мин итинник ааҕыыны саҥа көрдүм.

- Ньурба куоратыгар «Сата” театральнай бэстибээлгэ кыттан кэлээт, карантиҥҥа баран хаалбыппыт. Дьэ, ити кэмҥэ дьиэҕэ олорон тугу гынабыт, дьоммутун хайдах аралдьытабыт диэн боппуруос үөскээбитэ. Киһи син биир айыан-тутуон, дьоҥҥо тиэрдиэн баҕарар. Эмискэ баҕайы интэриниэккэ хоһооннору, хоһоон ааҕар кыргыттары көрбүтүм. Саамай хомойбутум, лирическэй, киһини долгутар  биир даҕаны сахалыы хоһоону булбатаҕым, барыта нууччалыы.

Наталья Харлампьева, Куорсуннаах хоһооннорун сөбүлүүбүн, дьиэбэр уура сытабын. Бастаан Юлия Вихарева хоһоонун аахпытым уонна классическай муусука өйбөр тыаһаабыта. Скот Бакли муусукатын уураммын, видео устан, социальнай ситиммитигэр таһаардыбыт. Уопсайынан, мээнэ хоһоону ааҕар туох да интэриэһинэйэ суох курдук, муусукалаан, видео устан эбэтэр ханнык эрэ устууну эбии киллэрэн биэрдэххэ, атын буолар.

- Дьон хайдах ылынна?

- «Репост” бөҕө.  Мин бэйэм куттаммытым. Саха буолан, акценым, тылым олоруута атын этэ. Дьон туох эрэ дии саныа дии санаабытым. Биһиги, сахалар, акцеммыт син-биир сүппэт.

- Хоһоону ааҕар туспа талаан дуо?

- Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына төрөппүттэрим «Күрүлгэн” сурунаалы сурутан ааҕаллара. Ол сурунаалтан хоһооннору кырыйан мунньарым. Бэйэм эмиэ айарым. Онон ити сурунаалтан элбэххэ үөрэммитим. Мин санаабар, хоһоону ааҕыы литература «практиката». Талаан диэҥҥэ соччо итэҕэйбэппин.

- Хайдах хоһооннору ааҕаҕын?

- Бэйэм дууһабын таарыйар хоһооннору ааҕа сатыыбын. Үксүн таптал туһунан. Билигин ийэҕэ, аҕаҕа, дойдуга таптал хоһооннорун ааҕыахпын баҕарабын.

- Хоһоону ааҕар туох кистэлэҥнээххиний?

- Аан бастаан муусуканы истэбин. Муусука характерыгар олоҕуран, хоһоон көрдүүбүн. Билигин Куорсуннаахха аҕыйах хоһоону бэлиэтээтим. Карантин буолбатаҕа буоллар, тутатына библиотекаҕа тиийиэм эбитэ буолуо.

- Нойосуус үөрэтэр устууктардаах дуо?

- Онно туох да уустугу көрбөппүн. Хоһоону хатылаатахпына, бэйэм бэйэбиттэн дуоһуйууну ылабын. Сиэркилэҕэ бэйэбин көрөн туран эрчиллэбин.

- Ким хоһооннорун ааҕаҕын?

- Сотору Эдуард Асадов, Петр Тобуруокап, Юлия Вихарева, Сергей Есенин хоһоонноро тахсыа.

ХААРТЫСКАҔА ТҮҺЭРИИ

- Хоһоону таһынан дьарыгым элбэх. Үксүн хаартысканан үлүһүйэбин. Ол эрэн мээнэ хаартыскаҕа түһэрбэппин. Түһэрэр буоллахпына, барытын толкуйдуу сатыыбын, хайдах хаартысканы ылыахпын баҕарарбын харахпар ойуулуубун. Үксүн моделларым балтыларым, дьүөгэлэрим буолаллар. Хаартыскаҕа түһэриим ордук айылҕаҕа уларыйар, тыынар курдук. Дьыл уларыйар кэмнэригэр дьүөгэлэрбин хаартыскаҕка түһэрэрбин сөбүлүүбүн. Сотору массыыналаныам уонна фотоаппараппын саҥардыам, оччоҕуна киһилии ылсан үлэлэһиэм. Билигин өйбөр хас даҕаны бырайыак баар, олоххо киллэриэм дии саныыбын.

Бастакы фотоаппаратым «Canon” диэн профессиональнай аппарат этэ. Дьонум харчы ыытан, Мвидео-ттан баран ылбытым. Билигин онтукам кэппиэйкэҕэ турар. Оччолорго Айфон эҥин суох этэ, саамай үчүгэйдик түһэрэр этэ. Билигин обьективын уларытан илдьэ сылдьабын.

- Аҕаҥ эмиэ хаартыскаҕа түһэрэр эбит дии?

-Эдэр сылдьан дьону хаартыскаҕа түһэрэн, доҕотторун үөрдэрэ. Фотоаппарата баһаам, таһаарар обородуваниета кытта баара.

Хаартыска эмиэ туспа бэйэтэ тыыннаах, тугу эрэ этэр, кэпсиир кыахтаах. Хаартыскаҕа интэриэс аҕабыттан бэриллибит буолуон сөп. Билигин аҕам мин хаартыскаҕа түһэрэрбиттэн олус үөрэр.

БАҔА САНАА

- Ардыгар харахпар улахан,, халлаан күөх сырдык өҥнөөх чааһынай дьиэҕэ кэргэмминээн айар үлэбитинэн таһаарыылаахтык үлэлии олорорбутун, оҕобутун, чугас дьоммутунн кытта бырааһынньыктыы сылдьарбытын көрөбүн. Бу баҕа санаабын олоххо киллэриэхпин баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...