16.11.2021 | 15:43

Тырааныспар атыылаһар бүддьүөт дьокутааттар интириэстэрин тарта

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 15 күнүгэр Куорат Дууматын Ольга Саргыдаева бэрэссэдээтэллээх сис хамыыһыйатыгар Дьокуускай 2022 сыллааҕы бүддьүөтүн уонна 2023-2024 сыллардааҕы баай-дуол уонна сир сыһыаннаһыыларын былааннаммыт болдьохторун бастакы ааҕыыта көрүлүннэ. Бу туһунан куораттааҕы Дуума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
"Развитие имущественного и земельного комплекса городского округа г. Якутск на 2020-2024 годы" муниципальнай бырагыраама олоххо киириитигэр 2022 сыллаахха 432,7 мөл. солк., быйылгы сыллааҕар икки төгүл элбэх суумма (эбиллии 249 мөл. солк.) көрүллүбүт. 

Тиэхиньикэни саҥардыы

Уокуруктааҕы дьаһалта үпкэ Департаменын начаалынньыга Ольга Максимова ити эйгэҕэ үбүлээһин кээмэйин билиһиннэрбит. Ол курдук, 2022 сылтан "Жилкомсервис" МУТ уонна "Якутдорстрой" АУо анал тиэхиньикэтин лизинговай төлөбүрэ саҕаланар. Ити сыалга 2022 сылга 138,7 мөл. солк. көрүллүбүт. 
Куорат олохтоохторугар үчүгэй сонунунан маршрутнай оптуобустар пааркаларын саҥардыы буолар. Тырааныспар Министиэристибэтин «100 автобусов к 100-летию Якутской АССР» бырайыага олоххо киириитигэр, 55 оптуобуһу атыылаһыы лизинговай төлөбүрүгэр субсидия быһыытынан "ЯПАК" МУТ 79,7 мөл. солк. ыытыллар. 
Сир сыһыаннаһыыларын сайдыытыгар Бүлүүлүүр уонна Намцырскай трактарга элбэх оҕолоох ыалларга түҥэтиллиэхтээх 2220 сир учаастактарыгар кадастровай үлэ ыытылларынан сибээстээн ороскуот үрдээбитэ этиллибит. 

Гражданнары хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрөргө 66,8 мөл. солк. көрүллүбүт 

"Обеспечение жильем населения городского округа г. Якутск на 2020-2024 годы" муниципальнай бырагыраамаҕа эһиилги сылга 101,8 мөл. солк. көрүллүбүт. Киин куоракка гражданнары хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрөргө 66,8 мөл. солк. ыытыллыахтаах. Ол иһигэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр уонна социальнай эбийиэктэр акылааттарын уонна конструкцияларын чинчийиигэ үлэ ыытыллыахтаах. 
Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыыга 35 мөл. солк. суумалаах дьиэ атыылаһарга, туттарга субсидия көрүллүбүт. 
Хамыыһыйа чилиэннэрэ Ольга Максимованы истэн,  кэккэ ыйытыктары биэрэн баран, киирбит быһаарыы бырайыагын өйөөтүлэр.  

Суолу ыраастыыр тиэхиньикэ тиийбэт 

Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Кырджагасов бэлиэтээбитинэн, куоракка суолу ыраастыыр тиэхиньикэ тиийбэт, үгүс уулусса быыллаах, кирдээх. Кини эбии анал тиэхиньикэ атыылаһыллыа дуо диэн ыйытта. 
Уокуруктааҕы дьаһалта баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар Департаменын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Игнатий Попов хоруйдаабытынан, быйыл 29 анал тиэхиньикэ ылыллар. 2022 сылга эбии 90 устуука ылыллыахтаах, оччоҕо анал тиэхиньикэ уопсай ахсаана 119-ка тиийиэхтээх.  
Итини таһынан, кураан сылларынан сибээстээн күөл ууларын толорооһуну, муниципальнай мэктиэлээһиннэри биэрии бэрээдэгин уо.д.а. боппуруостары дьүүллэстилэр. 
Хамыыһыйа чилиэннэрэ муниципальнай баай-дуол приватизациятын бырагырааматын бигэргэтэр бырайыагы өйөөтүлэр, итиннэ Маҥан уонна Тулагы бөһүөлэктэригэр баар 24 кыбартыыралаах дьиэ тутулларыгар анаммыт икки сыбаайалаах хонуу киирэ сылдьаллар. 

Бэйэ дьарыктаах дьон

Итини таһынан, дьокутааттар Дуума 2013 сыллаах 151 №-дээх уонна 2017 сыллаах 333 №-дээх нормативнай-быраап аакталарыгар уларытыыны киллэрэргэ куоластаатылар. 
"Ити бэйэ дьарыктаах (самозанятай), ИП буолбатах дьоҥҥо сыһыаннаах. Кинилэргэ идэлээх дохуоттарыгар нолуок көрүллэр. Иккис түбэлтэҕэ бэрээдэк аата сааһыланар, улахан уларыйыы суох", – диэн быһаарда  Игнатий Пионерович. 
Социальнай суолталаах дьыаланан дьарыктанар предпринимателлэргэ 5 сыл болдьохтоон муниципальнай баай-дуол арендаҕа бэриллэр. Бастакы сылга 30%, иккис сылга15%, үһүс сылга 5% чэпчэтии көрүллэр. 
Нормативнай-быраап аакталарыгар уларытыы киирэр түбэлтэтигэр, социальнай суолталаах дьыаланан дьарыктанар дьон эмиэ испииһэккэ киирэллэр. 
Дьокутаат Александр Яковлев аукционнары ыытар түбэлтэлэргэ, элбэх киһи кыттарын курдук, киэҥник биллэриэххэ диэн этии киллэрдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...