27.12.2020 | 13:25

ТЫМНЫЫТТАН ХАРЫСТЫЫР АНЫГЫ ТЕХНОЛОГИЯЛАР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбит Арассыыйа инновационнай регионнарын ассоциациятыгар киирбитэ. Бу СӨ Бырабыыталыстабытын инновационнай экосистеманы оҥорууга ыыппыт улахан систиэмэлээх үлэтин түмүгэ буолар.

Саха дьоно олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр. Ол курдук, «Якутия» Технопаарка IT-эйгэҕэ үлэлэһэр резиденнэрэ тымныы сиргэ, тыйыс усулуобуйаҕа тыыннаах хаалар туһуттан араас хабааннаах  тымныыттан харыстыыр технологиялары айаллар.

АНАЛ ТАҤАС

«Хоту-тент» айан таһаарааччылара оннооҕор экстремальнай тымныыга тоҥуоҥ суоҕа дииллэр. «Хопоо» диэн ааттаах анал көстүүмнэр инновационнай матырыйаалтан, соҕуруу Корея бамбуковай  волокнотуттан тигиллэллэр. Бу таҥас 50 кыраадыс тымныыны, ханнык да күүстээх тыалга тулуйар кыахтаах. Маҥнай бу таҥаһы хоту сир суоппардарыгар оҥорбуттар.  Кыһыҥҥы кэмҥэ снегоход эрэ сылдьар, туох да тырааныспар буурҕаны утары айанныыр кыаҕа суох.

Дьиктитэ баар, бу сону утуйар мөһөөччүк курдук эмиэ туттуохха сөп. Аһаҕас халлаан анныгар утуйан хааллаххына, туох даҕаны буолбаккын. Универсальнай көстүүм ыйааһына баара-суоҕа биир эрэ киилэ. Сыаната –  8000 тыһыынча.

СЫЛЫТАР СЭЛИЭЧЧИК

Сылытар сэлиэччиги эмиэ «Хоту-тент» тэрилтэ оҥорон саҕалаабыт. Бу абыраллаах таҥас хаачыстыбалаах уонна түргэнник элэйбэт матырыйаалтан оҥоһуллубут. Уотунан иитиллэр анал  пластиналары укпуттар, ууну-хаары киллэрбэт эбит. Сэрээтэ 10 чааска тиийэ сылдьар кыахтаах, халлаан туругун, температуратын көрөн, бэйэҥ төһө баҕарар кыраадыска тиийэ сылытыаххын сөп. Сылытар элеменнэрэ сискэ уонна икки түөскэ баар. Миэстэлэрин көрөн, төһө баҕарар уларытар кыахтааххын, онуоха анал  сиэптэр тигиллэ сылдьаллар. Сыаната –  4200-4500 солк.

КЭЭНЧЭ

Сылаас кээнчэни таһырдьа тымныйдаҕына кэтиэххэ сөп. Сыаната атах кээмэйиттэн тутулуктаах. Быһа холоон 1000-1400 солк.

РАДИАТОР

Ханнык баҕарар техникаҕа дьон үктэнэр сирдэригэр ууруллар, сылыйар радиатор. Тыйыс айылҕалаах, уһун айаннаах биһиги дойдубутугар туһалаах диэн ааптар Иннокентий Новгородов, Чурапчы олохтооҕо, бэйэтин микрооптуобуһугар суоппар уонна илин олорор пассажир атахтарыгар оҥорбут.

Радиатор оҥоһуута профильнай турбанан змеевик, шлангаларынан штатнай сылытар оһоҕун магистралыгар кыраанынан холбонор эбит.  Уопсай сылытар систиэмэттэн тутулуга суох туһунан үлэлиир кыахтаах, кырааннары аһан-сабан биэрэҕин. Температуратын уларытаҕын, төрүт да сабан кэбиһиэххэ эмиэ сөп. Сайынын, оһох арахсан сылдьар кэмигэр, атаҕы эрэ сылытыахха син. Радиатор туһата баһаам эбит. Ол курдук, бастатан туран, атаххын тоҥорбоккун. Иккиһинэн, атах таҥаһын кытта киирэр хаар, сиик, бадараан аҕыйах мүнүүтэнэн кууран хаалар, техника муостатын, тимирин дьэбин сиэбэт. Үсүһүнэн, сытыйбыт атах таҥаһа тута кууран хаалар, холобура, этэрбэс, хаатыҥка.

Электричествоны туһаммат буолан, замыкание, аккумулятор олорон хаалар кутталын үөскэппэт. Умуллан турар массыына кабината сылааһы арыый уһуннук тутар.

ХААР ЫРААСТЫЫР

Бу техниканы эмиэ Иннокентий Новгородов айбыт. Хаар ыраастыырын быйыл саас дьонтон көрөн, бэйэтигэр сөптөөх гына тупсаран оҥорбут. Отвалын, көннөрү былыргы халыҥ соҕус ылтаһыннаах, 200 лиитэрэлээх туһунан курдардаах буочуканан чочуйбут. Буочуканы үс гына устатынан хайытан, иккитин уһаты холбоон, быһаҕар угольнигынан күүһүрдүбүт. Массыынаҕа тутуһар атахтарын 60*60 мм профильнай, иһигэр телескопическай киирэн уһуур-кылгыыр атаҕын 50*50 профильнай турбаларынан оҥорбут.

ҮЛҮЙҮҮТТЭН БЫЫҺЫЫР

Криопротект – тымныыттан тириини харыстыыр кириэм-флюид уонна гель.  Тымныы, кыһыҥҥы күн-дьыл усулуобуйатыгар сирэйи-хараҕы харыстыырга аналлаах косметика буолар.

Уратыта диэн, маҕаһыыҥҥа атыыланар боростуой кириэмнэрдээҕэр элбэх арыылаах эбит. Сүрүн компоненнарынан  айылҕа криопротектордара (тоҥуу организмын харыстыыр веществолар) буолаллар. Киһи сирэйигэр туох даҕаны куттала суох диэн бырайыак ааптардара кэпсииллэр. Чуолаан, аһаҕас халлаан анныгар үлэлиир дьоҥҥо олус туһалаах. Кириэм үлүйүүттэн уонна сирэй тоҥуутуттан харыстыыр аналлаах. Бородууксуйаны Өймөкөөҥҥө тиийэ боруобалаан тураллар.

Гель уонна кириэм-флюид. Ыраас сирэйгэ таһырдьа тахсаары туран бистэҕит. Декоративнай косметика (тональнай кириэм, румяна) үрдүнэн туһалаабат. Ордук муннуга, иэдэскэ, кулгаахха бистэри сүбэлииллэр. Сүрүннээн 2,5-3 чаас кэриҥэ туһалыыр. Сааһынан хааччахтааһын – 14 саастарыттан үөһэ. Састааба: айылҕа криопротектордара, димексид гель, сорбитол, хойуннарар сүмэһин, ыраастаммыт ыраас уу, маточнай үүт. Бу гель криобиология уобалаһыгар научнай чинчийиилэргэ олоҕуран оҥоһуллубут. Сыаната – 350 солк.

МАССЫЫНАНЫ СЫЛЫТАР

Уһун кыһыны быһа “массыынабыт тоҥмотун” диэнтэн атыны саҥарбаппыт. Көлөбүт тоҥно эрэ, илиибит-атахпыт баайыллар, аны ороскуот бөҕөтүгэр түһэбит.

«Якутия» Технопаарка резиденнэрэ «Энергосбертех» диэн ааттаах массыынаны сылытар бырайыагы толкуйдаабыттар. Массыына мотуорун, амортизаторын, оһоҕун барытын сылытар уотунан үлэлиир парковканы айбыттар. Төһө да тымныыга массыына таһырдьа турар кыахтааҕын дакаастаабыттар. Эһиги уокка холбонор кыахтаах буолуохтааххыт. Портативнай гараастардааҕар быдан ордук диэн бырайыак ааптардара кэпсииллэр. Сыаналара – 7800-12000 солк.

Санатан эттэххэ, маннык инфраструктурнай электропарковкалар Канадаҕа, Аляскаҕа уонна Скандинавия дойдуларын усулуобуйатыгар ситиһиилээхтик үлэлииллэрин бэлиэтиэххэ наада.

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ IT-салаа сайдар саҕахтара арыллар. Күн-түүн Сахабыт сирин олохтоохторо саҥаны тобулан, толкуйдаан, киэҥ эйгэҕэ, Арассыыйа ырыынагар тахсар суолларын оҥостоллор.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....