22.12.2020 | 14:58

ТЫМНЫЫ ОҔОННЬОРУ САКААСТААТЫҤ ДУО?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ким оҕо сылдьан Моруос оҕонньорго итэҕэйбэт этэй. Арааһа, оччотооҕу оҕолор үксүбүт да итэҕэйбит буолуохтаахпыт.

Саҥа дьыл чугаһаатаҕына харахпар билигин да маҥан хаарынан бүрүллүбүт тииттэр кэннилэриттэн Моруос оҕонньор өҥөйөн көрө турара уонна тоҥуу хаары кэһэн дэриэбинэбит диэки иһэрэ көстөр. Ити аҕам саҥа дьыл саҕана миэхэ анаан кэпсиирин харахпар хатаан хаалбытым билигин даҕаны санаабар баар, сыл аайы тиит кэнниттэн ол Моруоһум тахсан кэлэр.

Быйылгы Саҥа дьылбыт уратылаах буолла. Ол курдук, тэрилтэлэринэн элбэх киһилээх бырааһынньыктыыр бобуллар, уһуйааннарга төрөппүтэ суох эрэ утренниктар ыытыллаллар диэн үөһэттэн бирикээс олохтоммута.

15-тэн элбэх киһилээх ханна да көрсүбэппит диэн буолла, онуоха кытаанах бириигэбэр – бары мааскалаах сылдьабыт уонна балтараа миэтэрэ арыппытын тутуһабыт. Саҥа дьыл буолан араас кылабачыгас-илэбэчигэс, оһуордаах-мандардаах мааска кэтиэххэ сөп буолуо, оттон бэйэ-бэйэни эҕэрдэлэспэккэ, итийэн-кутуйан бардахха сылласпакка, куустуспакка хайдах сылдьарбытыгар саарбахтыыбын.

Ол да буоллар дьиэнэн сылдьан Тымныы Оҕонньор эҕэрдэтин биллэриитэ хара баһаам. Эҕэрдэни ааһан, араас остуоруйалары көрдөрөллөр, билиҥҥи мультиктарынан испэктээктэри кытта туруораллар. Оҕолор биһиги уруккубут курдук “Морозко”, “12 месяцев”, “Новогодние приключения Маши и Вити” диэн остуоруйалары билбэттэр да, интэриэһиргээн көрбөттөр даҕаны. Ол оннугар Саҥа дьылы уорбут Гринч мүччүргэннээх сырыыларыгар 1,5 чааска 9000 солкуобайы төрөппүттэр ууран биэрдэхтэринэ төһөнү баҕарар көрүөхтэрин сөп.

Чысхаан уонна Хаарчаана эҕэрдэлэрэ 2000 солкуобайтан саҕаланар.

Аны күнүттэн, дьылыттан сыана эмиэ араастаһар эбит. “Сюрприз” диэн түргэн-тарҕан, кылгас эҕэрдэҕэ үс персонаж оонньуур, ону тэҥэ хоруопка иһиттэн соһуччу Эльф тахсан кэлэр. Бу барыта баара-суоҕа 15-20 мүнүүтэни ылар эбит. Онуоха ахсынньы 30 күнүгэр диэри 3500 солк., ахсынньы 31 күнүгэр – 5000, тохсунньу 31 күнүгэр – 5500, онтон тохсунньу 2 күнүттэн 3500 солкуобайга диэри сыана түһэр.

Видеонан эҕэрдэ сакаастыаххытын сөп эбит. Бу биллэриигэ сыана үрдүү илигинэ сакааста оҥоро охсуҥ диэн тиэтэппиттэр дуу, куттаабыттар дуу. Маныаха оҕоҕут аатын-суолун, хаартыскатын ыытан эҕэрдэлэтэҕит, ону таһынан остуоруйа кэпсэттэрэҕит. Остуоруйаҕыт иһин 300 солкуобай, видеоэҕэрдэ – 280 солк. диэн сыана быспыттар.

Өссө ахсынньы 29 күнүттэн күнү быһа эбэтэр чааһынан сылдьыыга эмиэ туһунан тарыып быспыттар. Ол курдук:

Ахсынньы 29 күнэ – күнү быһа – 3500 солкуобай;

Ахсынньы 30 күнэ – 18.00 чааска диэри – 3500 солк.;

18.00 киэһэ – 4000 солк.;

12.00 диэри – 4000 солк.;

12.00-15.00 – 4500 солк.;

15.00-18.00 – 5000 солк.

Ити курдук 500 солкуобайынан 19.30 диэри сыана улаатан иһэр.

Онтон ахсынньы 31 күнүгэр 19.30 чаастан саҕаланар. Сыанабыт олох өрө барда. 7000 солкуобайтан саҕаланна. Түүн 12.00 диэри 10500 буолла.

Тохсунньу 1-2 күннэригэр син уоскуйдулар, сыана 3500 солкуобай түстэ. Бу күнү быһа диэн тарыып. Онон дьэ төрөппүттэр, тапталлаах, атаах оҕолоргутугар саҥа дьыл бырааһынньыга өйдөнөр, умнуллубат гына хааларын туһугар харчыгытын кэрэйбэт буоллаххытына социальнай ситимнэргэ биллэрии тобус-толору. Арба, манна даҕатан эттэххэ, бука бары ковид анаалыһын ааһан, барыта үчүгэй, этэҥҥэ диэн ыспыраапкалаах эрэ дьиэ боруогун атыллыыбыт диэн биир киһи курдук хоруйдаатылар.

ДЬАХТАР ДА МОРУОСТУОН СӨП

Оҕом куоракка “Брусничка” диэн уһуйааҥҥа сырыттаҕына, биир да аҕа сөбүлэспэтэҕэ дуу, эр киһи көстүбэккэ дуу, толуу-мааны көрүҥнээх иитээччи дьахтар Моруос оҕонньор буолбуттаах. Ийэлэр бары дьахтар буоларын билэн күлэ олорбуппут. Саатар нуучча дьахтара быһыыта-таһаата онон-манан логлоруһан, лаппарыһан тахсыбыта, көстүүмэ, соно кыараҕас эбитэ дуу, олус биллэрэ, наһаа көрүдьүөс этэ.

Бүгүн мин дойдубуттан Моруос оҕонньордоон оҕону-урууну үөрдэр, кэтэһиилээх, кэһиилээх, сыарҕалаах атынан тибилиннэрэн кэлэр, СӨ култууратын туйгуна, Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Ульяна Ивановна Бурнашева кэпсээнин тиэрдэбин.

Ханнык баҕарар киһи оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ саҥа дьыл диэн тылы кытта өрүү Тымныы Моруос оҕонньору дьүөрэлии саныы түһэр. Биллэн турар, ханнык баҕарар саҥа дьыл улахан бырааһынньыга, Моруос оҕонньоро суох буолбат. Мин бэйэм култуура үлэһитэ буоларым быһыытынан, төһө да дьахтар киһи буолларбын, Тымныы Моруос оҕонньор оруолун толорон турабын. Ол курдук кулуупка үлэлиир кэмнэрбэр, Моруоспут ыалдьан дуу, туох эрэ атын биричиинэнэн кыайан кэлбэккэ хааллаҕына, улахан, бөдөҥ-садаҥ киһи быһыытынан солбуйа түһэр идэлээх этим. Инньэ гынан бүтүн нэһилиэк Тымныы Моруоһун оруолун син иккитэ хаста толорбут буолуохтаахпын.

Ити кэнниттэн дьэ аны кэлин биэнсийэҕэ тахсан олорор сылларбар бэйэм дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрүүнү-көтүүнү, оҕолорго бырааһынньыктааҕы настарыанньаны биэрэр баҕаттан сылын ахсын, 2012 сылтан Моруостуур идэлэммитим. Ол курдук маҥан аттаахпыт, ол аппытын кэргэним симээн-киэргэтэн оҥорор, ол кэннэ дьэ бэлэм сыарҕаҕа олорон баран көтүтэн тиийэбит. Оҕолор түннүгүнэн көрөн үөрүү-көтүү бөҕөтө буолаллар үһү. Онно дьонноро кистээн кэбиспит бэлэхтэрин-туһахтарын (эрдэттэн миэхэ этэллэр ханна сытарын) аналлаах мөһөөччүкпэр уган бараммын дьиэҕэ киллэрэн оҕолорго түҥэтэн туох да үгүс үөрүү буолар.

Күнүс икки чаастан саҕалаан, киэһэ ким төһөҕө ыҥырыар диэри, ахсынньы 30-31 күннэригэр бөһүөлэги биир гына, сорох кэмҥэ атынан, сорох кэмҥэ массыынабытынан көтүтэн тиийэн биэрбит түбэлтэлэрим элбэхтэр.

Оҕолор барахсаттар Моруос оҕонньору наһаа кэтэһэллэр, итэҕэйэллэр эбит, ийэлиин-аҕалыын, эһэлиин-эбэлиин бука бары наһаа үөрэ-көтө көрсөллөр уонна дьэ бэлэхтэрин үллэрдэхпинэ кырдьык-хордьук Моруос оҕонньор бэйэтинэн аҕалбытын курдук ылаллара бу баарга дылы. Мин аҥаардас бэлэх эрэ биэрэн баран тахсыбаппын, бэйэм артыыс киһи быһыытынан кыралаан оонньоон, оонньотон эбэтэр хоһооннорун, ырыаларын истэн, атын да музыкальнай нүөмэрдэрин көрөн-истэн баран дьэ бэлэхпин биэрэбин.

Тымныы Моруос Оҕонньор диэн наһаа күүтүүлээх, бырааһынньык настарыанньатын биэрэр, наһаа кэрэ киһи эбит диэн толкуйдуубун. Оҕо эрдэхпититтэн бары кини олус элбэх кэһиилээх табанан эбэтэр атынан иһэр диэн өрүү кэтэһэрбит, ол сыарҕата тобус-толору бэлэх буолар диэн ойуулаан көрөрбүт.

Моруостаабыппыттан кэпсээтэххэ, биирдэ дьэ арҕаа олорор ыалга тиийдим. Арай ытарҕабын көстүө суоҕа дии санаабытым дуу, устубатахпын. Билиҥҥи оҕолор барыны-бары чинчийэн көрө-истэ, интэриэһиргии сылдьар буоллахтара. Бу көрөннөр төһө да хаатыҥкалаах, олох дьиҥнээх Моруос курдук саҥаран-иҥэрэн бэйэбин биллэрбэккэ таҕыстым дии санаабытым үрдүнэн, оҕолор барахсаттар тахсан барбытым кэннэ  дьонноругар этэллэр үһү: “Ити Тымныы оҕонньор дуу, Тымныы эмээхсин дуу. Эбээ, кини кулгааҕар ытарҕалаах ээ, эйиэнин курдук улахан, сахалыы”, – диэн сиэннэрэ эппиттэр.

Онтон иккис сырыыбар  Моруостуу сылдьаммын атахпын олус үрдүктүк өрө тардан этэрбэспин көрдөрөн турабын. Онуоха кулууппутугар кэлбит оҕолор этэрбэспин көрөн: “Ити тоҕо хаатыҥката суоҕуй? Кини оҕуруолаах этэрбэстээх этэ”, – диэн дьонноругар этэн эмиэ күллэрэн турардаахтар.

Бэйэм бу Кэптэни бөһүөлэгин Тымныы Оҕонньоро буоларым быһыытынан Сахам сирин дьонугар илдьиппин, эҕэрдэбин тиэрдиэхпин баҕарабын. Бу үүнэр 2021 сылбыт Оҕус сыла буолар. Оҕус диэн дьиэ кыыла буоллаҕа, бэйэбитин кытта тэбис-тэҥҥэ алтыһа сылдьар көмөлөһөөччүбүт, хаһаайыммыт, уонна үлэһитэ, сымнаҕаһа, онуоха эбии биһиэхэ, тыа дьонугар ас-үөл бырагырааматын тэнитиигэ сүрдээх улахан оруоллаах, өҥөлөөх буоллаҕа. Онон, мин санаабар, үүнэр сылга бары-барыта үчүгэй буолуо, хамнас үрдүө, үүт-ас үрүлүйүө диэн эрэнэбин. Биһиги, тыа сирин олохтоохторо, оҕуһу наһаа күндүргэтэбит. Бука бары оҕус курдук доруобай, оҕус курдук үлэһит буолуҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....