02.12.2022 | 16:00

Тымныы Оҕонньорго баҕа санааларбытын суруйабыт

Почта салааларыгар дойду үрдүнэн Тымныы Оҕонньорго анаммыт суруктар дьааһыктара баар буоллулар. Итиннэ ахсынньы 31 күнүгэр диэри суруктары угуохха сөп.
Тымныы Оҕонньорго баҕа санааларбытын суруйабыт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

100-чэ саҥа дьыллааҕы почта дьааһыктара Арассыыйа улахан куораттарыгар тураллар. Аттыларыгар – Тымныы Оҕонньор аадырыһа. Кэмбиэр таһыгар маннык суруллар: 162390, Арассыыйа, Вологодскай уобалас, Великий Устюг куорат, «Тымныы Оҕонньор дьиэтэ».  Итини сэргэ Тымныы Оҕонньор атын регионнарга баар кэллиэгэлэригэр эмиэ суруйуохха сөп, кинилэр ааттара: Урал Моруос, Ямал Ири, Тол Бабай, Хел Мучи, Йушто Кугыза, Чысхаан.

Сурук ыытааччыга көмө наада буоллаҕына, почта үлэһиттэрэ хайдах сөпкө суруйан ыытары ыйан-кэрдэн, маарка сыһыаран биэрэллэр. Саамай сүрүнэ – бэйэ аадырыһын сөпкө суруллуохтаах.

Ахсынньы ый устата почта үлэһиттэрэ саҥа дьыллааҕы суруктары наардаан аадырыстарынан ыыталлар. Былырыын, 2021 сылга, Великий Устюг куоракка Арассыыйа почтата 170 000 кэриҥэ оҕолор уонна улахан дьон сурукка тиспит баҕа санааларын тириэрдибитэ. Итиэннэ тыһыынчанан итинник сурук атын регионнарга барбыттара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....