28.10.2022 | 13:00

Тыква барыанньата

Сайын аайы хаһаайкалар куоталаһа-куоталаһа оҕуруот аһын эгэлгэтин үүннэрэллэр, саҥаттан саҥа көрүҥү эбэн иһэллэр. Биир сөбүлээн үүннэрэр көрүҥнэрэ – тыква. Ол эрэн итинтэн тугу астыахха сөбүн сорохтор мунаахсыйаллар. Бүгүн тыкваттан барыанньа арааһын кытта билсиэххэ, астыахха, амсайыахха.
Тыква барыанньата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Састааба:

1 киилэ тыква;

1 киилэ саахар;

1,5 ыстакаан уу.

 

Аан бастаан сироп буһарабыт. Ууга саахары кутабыт, булкуйабыт, оргутабыт. Сироп ньуоскаттан сап курдук синньигэстик түһэр буоллаҕына – бэлэм.

Онтон тыквабытын хаҕылыыбыт, сиэмэтиттэн ыраастыыбыт. Быһа холоон 1 см кээмэйдээх куһуоктарынан кырбастыыбыт.

Тыквабытын көстүрүүлэҕэ уурабыт уонна үрдүгэр сироппутун кутан, мөлтөх уокка оргутабыт. Барыанньабыт хараҥа янтарь курдук өҥнөннө да, сөп буолар, ол аата буспут.

Барыанньабытын истикилээҥкэлэргэ кутаттыыбыт, хаппахтыыбыт уонна сойбутун кэннэ сөрүүн сиргэ туруорабыт.

Минньигэһи сөбүлүүр дьон састаабын уларытыаххытын, саахарын эбиэххитин сөп. Оччотугар 1 киилэ тыкваҕа 1,5 киилэ саахары, 1 ыстакаан ууну кутаҕыт.

Туһалаах сүбэ: тыква наһаа түргэнник илдьи буһар идэлээх. Оннук буолбатын курдук кырбастаммыт тыкваны 1,5%-наах суода суурадаһыныгар (быһа холоон 1 лиитирэ ууга 1,5 кыра ньуоска суоданы кутабыт) 10-15 мүнүүтэ сытыарыллар.

Лимоннаах уонна апельсиннаах барыанньа

Бу наһаа үчүгэй, цитрус амтаннаах уонна дыргыл сыттаах барыанньа.

Састааба:

1 киилэ тыква;

850 г саахар;

1 улахан лимон;

1 улахан апельсин.

 

Тыквабытын хахтыыбыт, сиэмэтиттэн ыраастыыбыт,  куубуктуу кырбастыыбыт.

Апельсиммытын уонна лимоммутун үчүгэйдик сууйабыт. Лимону өлүүскэлэринэн араарабыт, уҥуохтарын хостуубут, онтон хахтаабакка эрээри (ол иһин чараас хахтаах лимон ордук) кыра гына бысталыыбыт.

Апельсины хаҕыттан ыраастыыбыт, уҥуохтарын хостоон быраҕабыт уонна эмиэ кыра гына бысталыыбыт.

Бэлэмнээбит састааппытын барытын иһиккэ кутан булкуйабыт, үрдүгэр саахарбытын кутабыт уонна быһа холоон 4 чаас кэриҥэ туруорабыт, саахара ууллуохтаах, иҥиэхтээх.

4 чаас ааспытын кэннэ өссө төгүл үчүгэйдик булкуйабыт уонна мөлтөх уокка булкуйа-булкуйа 40 мүнүүтэ буһарабыт. Ити кэм аастаҕына, барыанньабыт хойдуохтаах. Булкуйарбытын умнубаппыт, хоруордубаппыт.

Эрдэттэн стерилизацияламмыт бааҥкаларга кутабыт, хаппахпытын эрийэбит уонна сойбутун кэннэ харайабыт.

Дьаабылыкалаах тыква

Састааба:

0,5 киилэ тыква;

300 г дьаабылыка (50 г элбэх-аҕыйах буолуон сөп);

450 г саахар;

4 г корица;

120 г грецкэй эриэхэ;

600 г уу.

 

Тыкваны уонна дьаабылыкалары сууйабыт, хахтыыбыт, сиэмэлэрин ыраастыыбыт. Барытын сөбүлүүрбүтүнэн кырбастыыбыт.

Эриэхэни ыраастыыбыт уонна хайдах сатанарынан кырбастыыбыт, ол эрэн бөдөҥ гыммаппыт. Онтон хобордооххо арыыта суох  5-7 мүнүүтэ ыһаарылыыбыт.

Көстүрүүлэҕэ уу кутабыт, тыквабытын угабыт уонна мөлтөх уокка буһара туруорабыт.

Уубут оргуйаары гыннаҕына, саахарбытын кутабыт, булкуйабыт.

Оргуйбутун кэннэ дьаабылыкабытын эбэн биэрэбит уонна 30 мүнүүтэ оргутабыт, күүгэнин халбыйабыт.

Ити кэнниттэн эриэхэбитин уонна корицабытын кутабыт. Булкуйа-булкуйа өссө 20 мүнүүтэ бытаан уокка оргутабыт.

Буспут барыанньабытын бааҥкаларга кутабыт, хаппахтыыбыт, сөрүүн сиргэ уурабыт.

Курагалаах тыква барыанньата

Састааба:

1 киилэ тыква;

300 г курага;

0,5 киилэ саахар.

 

Тыквабытын хаҕын хастыыбыт, сиэмэтин ыраастыыбыт, түөркэлиибит.

Курагабытын сууйабыт, соломолуу кырбастыыбыт.

Кураганы уонна тыкваны саахары кытта булкуйабыт. Сүмэһиннэрэ тахсыар диэри итинник сытыарабыт.

   Ити кэнниттэн мөлтөх уокка туруоран булкуйа-булкуйа оргутабыт, сойутабыт. Онтон эмиэ оргутабыт, тыквабыт илдьирийиэр диэри 2-3 төгүл итинник гынабыт.

Бүтэһик оргутуу кэнниттэн бэлэмнээбит истикилээҥкэлэрбитигэр кутабыт уонна хаппахтыыбыт.

Мультиваркаҕа буспут апельсиннаах барыанньа

Састааба:

1 киилэ тыква;

1 киилэ саахар;

200 г апельсин;

4 г лимон кислотата.

 

Тыквабытын хаҕылыыбыт, сиэмэтин ыраастыыбыт, кырбастыыбыт, онтон блендеринэн эбэтэр мясорубканан пюре оҥоробут.

Апельсины сууйабыт, 4 аҥы бысталыыбыт уонна уҥуохтарын хостоон быраҕабыт. Хаҕын кытта блендеринэн эбэтэр мясорубканан илдьиритэбит.

   Тыквабытын уонна апельсиммытын холбуубут, саахар кутан булкуйабыт уонна итинник икки-үс чаас сытыарабыт.

   Дьэ, ол кэнниттэн мультиваркабытыгар угабыт, симэһинигэр “тушение” эрэсиимҥэ холбоон 2  чаас буһарабыт. Паара тахсарын курдук клапаннарын аһар ордук диэн сүбэлииллэр.

Буһа турдаҕына булкуйабыт, сүмэһинэ аҕыйах курдук буоллаҕына, 50 мл ууну эбэн биэрэбит.

Буһан бүтүө 15 мүнүүтэ иннинэ лимон кислотатын кутабыт, булкуйабыт.

Буста даҕаны стерильнэй бааҥкаларга кутабыт, хаппаҕын эрийэбит уонна кыһыҥҥыга хаһаанабыт.

 

Минньигэстик аһааҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
Дьон | 30.08.2024 | 10:00
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
(Петр Николаевич Захаров 90 сааһын көрсө)