"Тыгын Дархан" киинэҕэ сыанабыл туһунан
Бу киинэ кэнниттэн санаа атастаһыыта, мөккүөр үөскүөхтээх, үөскээтэ даҕаны. Ол эрэн ол мөккүөр атааннаһыыга буолбакка, төттөрүтүн түмсүүгэ, түмүллүүгэ салайыахтаах, саҥаны, ордугу айыыга күөртүөхтээх. Өссө хас да киинэ, кинигэ таҕыстын, бу киинэттэн төрүөттэнэн саха ыччата төрөөбүт литературатын интэриэһиргээтин, В.Яковлев-Далан, Тыгын Дархан курдук чулуу личностарбытынан киэн туттар сырдык санаа үөскээтин. Василий Яковлев-Далан, уустук дьылҕалаах, репрессия иэдээнин ааспыт киһи, олоҕо, айар үлэтэ барыта хорсун быһыы этэ. "Тулаайах оҕо" (1983), "Тыгын Дархан" (1993), "Дьылҕам миэнэ" (1994) романнара барыта дьон-сэргэ наадыйар балаһа кэмигэр түбэһиннэрэн хорсуннук айыллыбыт чулуу айымньылар. Бу киинэни, айымньыттан төрөөбүт айымньыны, сыаналыырга таһым наада. Далан курдук далааһыннаах өй наада. Көстөрү, бу баары эрэ буолбакка, түгэх саһа сылдьар санааны ыйдаҥардан ылыахха, чаҕылытан таһаарыахха наада.
Киинэни ырытыһыы кэлин "Эн эһэҥ мин эһэбин үөхпүт үһү" диэҥҥэ майгылыыр таһымҥа тиийэн хаалла. Оннук таһымҥа сылдьан маннык дириҥ айымньы түгэх кистэлэҥ идеятын сатаан билбэккин. Үрдүттэн чычаастыы көрөр уонна дириҥник хорутан өйдүүр диэн атын. Тыгын курдук уустук кэмҥэ уустук санааны ылынан Или (государственноһы) олохтуу сатаабыт киһи судургу киһи буолбатаҕа өйдөнөр. Ону номоххо, ромаҥҥа эмиэ ахтыллар Тыгын күн сирин көрөрүгэр ытыһыгар хаан бөлөнөҕүн туппутунан төрөөбүт, онон кырдьаҕастар тута судургута суох киһи төрөөбүтүн билгэлээбиттэр диэн сэрэтии баарыттан да толкуйдаан таһаарыахха сөп.Ол да иһин араас номох хас эмэ үйэ тухары тиийэн кэллэҕэ. Ол да иһин кини личноһа мөккүөрү тардар, литератураҕа, театрга, киинэҕэ интэриэһинэй матырыйаал буолан, дьон санаатын өрүкүтэн эрдэҕэ. Историяҕа бэлиэ суолталаах дьон, Македонскай, Чингисхан, Сталин, Ленин, Гитлер о.д.а. уобарастара уустук буолбатахтар дуо? Государство тэрийии курдук уустук хамсааһын аан дойду үрдүнэн судургутук, эридьиэһэ, утарсыыта суох барбыта биллибэт. Оннооҕор билиҥҥи сайдыы үйэтигэр өлүүнэн, хаан тохтуутунан, сэриинэн суоһурҕанан судаарыстыбалар сыһыаннара олохсуйар. Кыргыс үйэтин кэмигэр Или тэрийии уустуга биллэн турар суол. Ол да иһин Тыгын уобараһа кэмин курдук уустук. Кини киһи быһыытынан уустугун оннооҕор оҕолорун Кэрэмэһи, Тыаһааныны кытта сыһыана көрдөрөр. Ромаҥҥа арыллар биир проблема - үйэ тухары уостубат оҕо уонна аҕа сыһыана. Кэрэмэһи ордук, миигин баһыйар киһи тахсаары гынна диэн Тыгын бэйэтэ өлөртөрбүт диэн үһүйээн баар. Тыаһааныны кытта Тыгын сыһыана эмиэ олус уустук, роман идеятын сүрүннүүр биир линия буолар. Тыаһааны аҕатын (Или тэрийэр үтүө соруктаах да буоллар) хааннаах дьайыыларын уонна сурдьа Кэрэмэс өлөрүллүбүтүн утаран дьабыныгар көппүтэ диэн ойууланар. Тыгын толкуйдуур, суолу-ииһи тобула сатыыр уустук уйулҕалаах персонаж. Ону роман бүтүүтүгэр кини дириҥ монолога туоһулуур. Бытархайдаһыы хайдыһыыны үөскэтэр, ону ааһан ыччат санаатын алдьатар, муннарар. Тыгын-Дыгын, Ньырбачаан-Ньырбакаан диэн буолуохтаах диэҥҥэ тиийэ мөккүөр кыымын саҕа сатаан, бытархайдаһар дьон баар. Тылга дорҕоон дьүөрэлэһиитэ диэн баарын, туттуллар вариант буоларын манна быһаара барыллыбат. Лөгөй чопчу биир киһи буолбатах - бу хомуур типическай уобарас. Айымньыга, киинэҕэ, театрга хайаан да антипод баарын курдук. Лөгөй уонна Тыгын ромаҥҥа, ол иннинэ норуот номоҕор эмиэ көстөрүн курдук уустук сыһыаннарын норуот ситэрэн-хоторон, айан, толорон, баҕар, олох да уларытан биэриэн сөп. Оннооҕор биир номоҕу суруйааччылар араастык интерпретациялыыллар. Холобур, Иван Гоголев "Үрүҥ көмүс иҥэһэ"поэматыгар Кэрэмэс өлүүтүгэр Лөгөй тойон кыттыгастааҕын, онтон сылтаан Лөгөй уонна Тыгын өстөһүүтэ саҕаламмытын курдук интерпретациялыыр. Далан бу номоҕу атыннык ойуулуур. Ол аата суруйааччы, режиссер номох матырыйаалын айымньыларын идеятыгар сөп түбэһиннэрэн уларытан, сайыннаран, тупсаран биэрэллэр эбит. Ол уус-уран айыы (вымысел) диэн буолар. Уус-уран айыы (ханарытыылаах да буоллаҕына, ол бааламмат) уус-уран идеяҕа көмөлөһөр соруктаах.
Улуустаһыы тиэмэтигэр санаалар. Номоххо киирбит суоруллубат, ол норуот, бөлөх дьон, өйдөбүлэ (коллективная память) буолар. Биһиги Тыгыны, Лөгөйү эн-мин уонна да атын чопчу биирдиилээн реальнай дьон курдук ылыныа суохтаахпыт.Бу номнуо норуот өйүгэр символга кубулуйбут уобарастар. Тыгын туһунан номох үгүс. Уолун Кэрэмэһи өлөрбүтүн, хоролору бүтүннүү кырган баран кыыстарын кэргэн ылбытын сүрдээн-кэптээн кэпсииллэр. Тыгын кыргыһыыга миинэр миҥэтэ, ата, айаҥҥа бараары бугуһуйа турарын көрдөхтөрүнэ улаханнык куттаналларын, Тыгын аатын истэ-истэ саллалларын ол номохтортон билэбит. Тыгын Лөгөйү эрэ кытта буолбатах, Бөрө Бөтүҥнэри (Аммаҕа олохтоох дьон), боотур уустары (чурапчылар), Ньырбачаан уолаттарын (кэлин Бүлүү улуустарын төрдүлэрэ) кытта эмиэ уустук сыһыаннаах этэ. Оччотугар биһиги төрүппүтүн Туоҕа Баатыры күрүөйэх, куттас диэн көрдөрбүт диэн бүлүүлэр эмиэ өһүргэс оҥостуохтарын сөп. Туоҕа Баатыр алҕаска Тыгын Дархан мааны атын тайах дии санаан ытан кэбиспитин, онуоха Тыгын Туоҕа Баатыртан ол атын оннугар хас уҥуоҕун аайы биирдии сылгыны көрдөөбүтүн билэбит. Туоҕа Баатырдаах Тыгын сүгүннүө суоҕун сэрэйэн, түүннэри балаҕаннарын аҥаарын хаалларан күрээбиттэрин номохтор кэпсииллэр. Ол аайы биһиги төрүттэрбитин сыыһа атаҕастаан ойуулаабыккыт диэн баран бу номохтору сурукка киллэрбит Сэһэн Болону, Г. Ксенофонтовы, И. Березкины кытта аахса барар сүрэ да бэрт. Биһиги киһибитин Лөгөйү атаҕастаабыттар диэн айманыы оруна суох уонна аҕыйах ахсааннаах омук ортотугар улуустаһыы курдук саарбах дьыаланы күөртүүргэ төрүөт буолар. Ити геройдар историялара хатыламматын, хайдыһыы үтүөнү аҕалбат диэн номох таайтарар санаатын, Далан романын үөрэтэр ис хоһоонун олох да түөрэ эргитэн таһаарар. Уонна саамай кыбыстыылааҕа, айымньыны аахпыт орто, саастаах көлүөнэ дьон (40-тэн үөһэ дьон бу айымньыны сыныйан аахпыттара биллэр) сыыһа сыһыаныттан айымньыны ааҕа илик эдэр ыччат өйө- санаата мунар. Мунаах санааҕа, сыыһа түмүккэ кэлэр.
Киинэ итэҕэһэ суох буолбатаҕа биллэр. Улахан саҕалааһын син биир туох эмэ дьиэктээх буоллаҕа. Айымньы кээмэйэ улаханын, сюжетнай линията элбэҕин, персонаж үгүһүн, туруорар проблемата киэҥин учуоттаатахха уустук материал буолара өйдөнөр. Киинэни оҥорбут хамаанда оруннаах сыанабылга наадыйар. Көрөөччү араас. Хас биирдии көрөөччү киинэттэн арааһы кэтэһэр, бэйэтэ түмүк оҥорор, наадалааҕын эрэ булан ааҕар. Айымньыны ааҕыы кистэлэҥэ ол. Ким эрэ таптал линиятын, ким эрэ охсуһуу, кыргыс кэмин тематын, атыттар аҕа-оҕо сыһыанын, ким эрэ бөлөһүөктүү хайысха күүркэтиллэн көстөрүгэр интэриэстээҕэ буолуо. Мөккүөрү сөптөөх хайысхаҕа туһаайан, хата ыччаты литератураҕа, култуураҕа, төрүт историябытыгар сыһыарыахха, болҕомто тардыахха, пропагандалыахха. Тэйитимиэххэ, кэҕиннэримиэххэ.
Кэлин тоҕо эрэ бу мөккүөрдэр, соц.ситимҥэ араас комментарийдар дьону аймыыр ис хоһоонноммуттар. Баҕар, бу балаһа кэм оннук дьайара буолуо. Аан дойдуну сутуйбут ыарыы маассабай психоһугар бэринимиэххэ. Маннык уустук кэмҥэ муунтуйан, мөкү, итэҕэс эрэ өрүттэри көрөр ньүдьү-балай буолумуохха. Далан Тыгын Дарханын курдук улахан таһымнаах дириҥ айымньыга олоҕурбут киинэ маннык уустук балаһа кэмҥэ киэҥ экраҥҥа тахсыбыта, баҕар, бэлиэ ис хоһоонноох, суолталаах буолуо. Маннык айымньыны өмүрэх курдук ылынан сыаналыыр наадата суох. Сахалыы мындырдык наллаан сыаналыахха, ырытыахха, лоп-бааччы, боччумнаан санаа үллэстиэххэ. Тыгын уобараһын тилиннэрэр соруктаах Иван Гоголев, Далан айымньыларын суруйалларыгар урут үгүс мөккүөрү, хатыһыыны ааспыттара кыһыылаах.Тыгын аатын ааттыыр көҥүллэммэт да этэ.Хаарыан дьоммут үйэлэрин тухары бобуллан, күөмчүлэнэн биэрбиттэрэ аҕай. Саха литературатын чулуу айымньытыттан кыым саҕан төрөөн тахсыбыт айымньы - бу киинэ - ытыктабыллаах сыһыаны ирдиир. Улахан суруйааччы Далан айымньытыгар, саха норуота тумус туттар чулуу киһибитин Тыгыҥҥа, саха киинэтэ сайдарыгар улахан өҥөлөөх режиссер Н. Аржаковка ытыктабылбытын көрдөрүөҕүҥ. Или-эйэни тэрийэ сатаабыт, номоххо киирбит, чулуу киһибит Тыгын уобараһын тула түмсүөҕүҥ.
Саргылана Ноева, фил.н.к, литературовед