13.01.2021 | 08:20

Тыас-уус худуоһунньуга Иннокентий Сивцев

Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Көрөөччү кулгааҕар үксүн режиссер аата-суола дуорайар. Оттон звукорежиссер көстүбэт тыыл үлэһиттэригэр киирэр. Кини айбыт тыаһа-ууһа киинэҕэ ураты уобараһы оҥорорго төһүү күүс буолар, хартыынаны кырааскалаан, толорон, ситэрэн-хоторон биэрэр.

Бүгүҥҥү ыалдьыппытын киинэ эйгэтин аксакаллара “биһиги эрэлбит”, оттон биир үөлээннээхтэрэ “туллар тутаахпыт”, “көстүбэт күүспүт” диэн киэн тутта ааттыыллар. “Тыый, Кеша “Тойон Кыылы” итинник таһымҥа таһаарбыт киһибит”, – дииллэр. Оттон кини бэйэтин туһунан улаханнык ыһа-тоҕо кэпсээбэт. Улахан саҥата-иҥэтэ суох, аа-дьуо үлэтин бүтэрбитэ-оһорбута баар буолар.  

Иннокентий Сивцев – “Сахафильм” звукорежиссера, СӨ култууратын туйгуна, РФ кинематографистарын сойууһун чилиэнэ, А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата. Судургутук билиһиннэрдэххэ,  уус-уран, документальнай киинэлэри тыаһынан-ууһунан байытар анал идэлээх үлэһит үтүөтэ.

Уопсайа хас бырайыакка үлэлээбитин бу диэн ааҕа сылдьыбата сөхтөрдө. Бастаан мунньар эбит. Толору метрдээх киинэ быһа холоон 20-чэ, бука, 30-чаҕа чугаһаатаҕа, документальнайы аахтахха – 30-40-ча. Ол быыһыгар “короткометражка” диэн ааттанар үлэлэрэ 10-тан тахса баар. Эдэр киһиэхэ балачча ыарахан сүгэһэр.

Бастакы  киинэтэ – “Тыал баарын тухары” (реж. Сергей Потапов). Онтон “Благоухающая гавань”, “Дорога”, “Белый день” , “Дьикти саас”, “Айыы Уола”, “Муммуттар”,  “Сааскы кэм”, о.д.а. сыыйа-баайа тахсан испиттэрэ. Саамай биллибит үлэлэрэ – “Тойон Кыыл”, “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт”.

Оҕо саас айар эйгэтэ

Кини аҕата Иннокентий Сивцев – “Тэтиҥнэр”, “Мүрүгэ”, “Куотуоҥ суоҕа” норуот уоһуттан түспэт ырыалары айбыт ааптар.

–Аммаҕа күн сирин көрбүтүм. Аҕам хирург этэ, күнүстэри-түүннэри үлэлиирэ. Ийэм медсиэстэрэ идэлээх. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт, мин орто оҕобун, убайдаахпын уонна балтылаахпын. Убайым эмиэ хирург, кэлин урологынан үлэлиир. Балтым хореограф, билигин музыкальнай оскуолаҕа завучтуур. Бары айар куттаах дьоммут. Аҕабыт кырабытыгар үһүөммүтүн музыкальнай оскуолаҕа биэрбитэ. Мин фортепиано кылааһын бүтэрбитим. Учууталым Евдокия Семеновна Карманова үгүс куонкуруска кытыннарара. Грант Григорян аатынан куонкуруска иккис миэстэ буолбутум, ол саамай улахан ситиһиим этэ. Евдокия Семеновна: «Кеша, эн син биир музыканан барыаҕыҥ», – диирэ. Оттон мин спортсмен буолуохпун баҕарарым. Киинэ эйгэтигэр кэлиэм дии санаабатым.

Аҕабыт киэһэ бары муһуннахпытына, сололоох буоллаҕына, кэккэлэһэ олорон фортепианоҕа оонньуурбут. Эбэтэр байааны кытта доҕуһуоллуурбут. Аҕабыт айар киэһэлэригэр кыттар этибит. Кини ырыаларынан улааппыппыт. Биһиэхэ суруйааччылар, култуура эйгэтин дьоно ыалдьыттыыллара (Аапт. – Иннокентий күндү киһитин сырдык кэриэһигэр “Биһиги аҕабыт” диэн документальнай киинэни уһулбута).  

Кыра сылдьан диафильм лиэнтэлэрин эргитэ оонньуурум, санаабар, туох эрэ кистэлэҥ саспыт курдуга, ону таайа сатыырым. Харахпар ойуулаан көрөрүм. Оттон эһэбит тэлгэһэтигэр үүнэр от-мас тыыннаах, дууһалаах, тыастаах курдуга.

Киинэ диэн уобараһынан кэпсэтии. Итинник оҕо сааһым өйбөр-санаабар уобарас буолан мунньуллан испит эбит.

Питергэ үөрэх

–Биирдэ ийэм хаһыат ааҕа олорон биллэрии көрбүтэ. Санкт-Петербургтааҕы киинэ уонна телевидение университетыгар звукорежиссер идэтигэр оҕолору сүүмэрдииллэр диэн. Сүрүн ирдэбил – музыкальнай үөрэх, нуучча тылыгар уонна физикаҕа эксээмэн. “Кеша, эйиэхэ оруобуна барсар идэ, холонон көрбөккүн дуо?” – диэбитэ ийэм. Ол тохсус кылааска. Онтон ыла Питергэ барар туһунан толкуйдаабытым.

Оччолорго Департамент нөҥүө оҕолору соҕуруу үөрэх кыһаларыгар ыыталлара. Арай докумуоммун биэрэ туран, төһө куонкурустааҕын ыйыталастым. “Билиҥҥитэ соҕотоххун”, – диэтилэр. Эксээмэн туттарса кэлэн баран сураспыппар эмиэ соҕотоххун диэтилэр. Дьиҥэр, икки миэстэ баара: биирэ бүддьүөт уонна иккиһэ – департамент. Бүддьүөт миэстэтин төттөрү Питергэ ыытан кэбистилэр. Ол курдук соҕотоҕун туттарсан турардаахпын.

Бу санаатахпына, звукорежиссер идэтин туһунан улахан өйдөбүлэ суох эбиппин. Дьиҥэр, аҕам кулууп звукооператордара хайдах үлэлииллэрин көрдөрбүтэ, өссө “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа үлэлиир табаарыстарын кытта кэпсэтэн, онно сырытыннарбыта. “Ханна-ханна эрэ баран эрэрим буолла?” диэн долгуйбутум. Дьоммун түһэн биэрбэтэх киһи дии санаабытым.    Биирдэ өйдөммүтүм, Питергэ тиийбиппин. Онно “маастар” диэн ытыктанар, устудьуон барыта толлор киһитэ баарын билбитим. Кини аата – Алиакпер Али-Гейдар оглы Гасан-Зады. Питергэ туттарсыбыт оҕолору бэйэтэ сүүмэрдээбит эбит. Башкирияттан биир уол, Ханты-Мансийскайтан биир кыыс, Саха сириттэн мин баарбыт. Биһигини билбэт, бастакы күннэргэ сирэйбитин-харахпытын үөрэтэн көрдө, ону-маны ыйыталаста. Хаһыс эрэ дьарык кэнниттэн тахсан истэхпинэ, тохтотон ыҥырда уонна: “Манна кэлэн туттарсыбытыҥ буоллар, эйигин син биир ылыам этэ”, – диэтэ. Мин соһуйа, дьиибэргии иһиттим. 

Үөрэхпин бастаан утаа ыарырҕаппытым. Нууччалыы үчүгэйдик саҥарбат этим. Маастарбыт устудьуоннарын төрөөбүт күннэригэр кинигэ бэлэхтиир үгэстээҕэ. Хас биирдии оҕоҕо анаан-минээн. Ол дьоллоох күммүн долгуйа күүппүтүм. Миэхэ “Грамматика русского языка”, “Толковый словарь русского языка” бэлэхтиирэ. Ол тоҕото биллэр буоллаҕа (күлэр).

Маастар ураты философията

–Звукорежиссер, биир өттүнэн ыллахха, техническэй аҥаардаах идэ. Ону маастарбыт айар толкуйбутун сайыннарарга болҕомтотун уурара, ураты методиканан уһуйара. Кини биллиилээх звукорежиссердары иитэн-такайан таһаарбыта. Бэйэтэ үйэтин-сааһын  тухары “Ленфильмҥэ” үлэлээбит. Холобур, хартыына биэрэн кэбиһэрэ уонна тугу көрөргүн, истэргин араас форманан суруйтарара (хоһоон, кэпсээн). Ол историяҥ хайаан да драматургиялаах, тыастаах буолуохтааҕа. Барыбытын суруйааччы оҥоро сыспыта. Дьэ, сөптөөх тылы көрдөөн, элбэх кинигэни аахпытым, хаһыспытым. Билигин толкуйдаан көрдөххө, тыаһынан-ууһунан дьарыктаныахтаахпыт эбитэ буолуо. Оттон ытык киһибит үөрэтэр философията маннык эбит. Звукорежиссер, бастатан туран, худуоһунньук буолуохтаах. Худуоһунньук болотуналаах, ол – кини ойуулуур-дьүһүннүүр быһаарыныыта. Оттон эн кырааскаҥ – мөлүйүөнүнэн ахсааннаах тыас эгэлгэтэ. Биһиги онон уруһуйдуубут.Бу аан дойдуга туох барыта тыаһыыр.

Оннук идэбин улам таптаан барбытым...

Киинэ звукорежиссера

–Киинэ уус-уран чааһын режиссер оҥорор. Оттон звукорежиссер – толорооччу. Ол эрээри режиссер бэйэтин көрүүтүн тыас-уус көмөтүнэн кыайан тиэрдибэт. Онуоха сөптөөх ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары билбэт. “Звукорежиссер” диэн тылга күлүүс тыла – “режиссер”. Ол аата туспа көрүүлээх, этэргэ дылы, “төбөлөөх” буолуохтаах.

Киинэ диэн синтез. Онно музыка, литература, театр киирэр. Баҕар, кини туспа искусство буоларыгар ити мэһэйдиир буолуон сөп. Хара маҥнайгыттан атын суолунан барбыт диэн санаа эмиэ баар. Киинэ ситэ чинчийиллэ илик, уйаара-кэйээрэ биллибэт.

Аны бэйэтэ туспа историялаах буолар. Ону звукорежиссер тыас-уус көмөтүнэн киэргэтэн, байытан, толорон биэрэр, ол гынан ис хоһоонун дириҥэтэн, өссө атыннык кэпсиэн сөп. Звукорежиссер хартыынаны эргитэн, атын айымньыны оҥорон таһаарар кыахтаах. Итиннэ сытар биһиги идэбит айар өрүтэ.

Умнубуту санатар, уһугуннарар

–Көрөөччү киинэ тыаһыгар-ууһугар улаханнык аахайбат, истэ сатаабат. Кини хараҕынан көрөр эрэ. Киинэ кэнниттэн киһиэхэ туох эрэ иэйии сөҥөн хаалыахтаах. Ону сатаан тылынан быһаарбаккын, тиэрдибэккин. Звукорежиссер киинэ иһигэр биллибэт, кистэлэҥ дойдуну ойуулуур. Олоҕу өссө таайтарыылаах оҥорор, көрөөччүнү толкуйдатар.  Мээнэ киһи өйдөөн истибэт, көрбөт, арыйбат. Дьэ, ол уобараһы сатаан ааҕар дьон эстетическэй дуоһуйууну ылаллар.

Звукорежиссер дьоруойу байытан, күүһүрдэн биэрэр кыахтаах. Холобур, кини атаҕын тыаһын өссө улаатыннаран, ыаратан. Хамсаныыларыгар тыас-уус эбэн. Ити бытархайдартан киинэ бүтүн хартыыната оҥоһуллан, таҥыллан тахсар. Звукорежиссер сыала-соруга – тыаһынан-ууһунан букатыннаах, толору хартыынаны айан таһаарыы.

“Тойон Кыыл” кистэлэҥэ

–Саха киинэтигэр бары да кылгас болдьоххо үлэлииллэр. Энтузиастар. Доруобуйаларын харыстаабакка, эрэсиим туһунан умнан туран айаллар. Билиҥҥи кэм ирдэбилинэн үлэбитин сып-сап оҥоро охсон, түргэнник таһаарыы диэн соруктаах буолабыт.

“Тойон Кыыл” киинэ харатын көрдөрбүттэригэр тэрийээччилэр сөбүлээбиттэр, бэстибээлгэ диэри тыаһын-ууһун оҥоруҥ диэбиттэр этэ.  Ол иһин түүннэри-күнүстэри түһүннэхпит. Бастаан барытын манна таҥан, хомуйан, артыыстарбытын саҥардан баран Москваҕа тиийбиппит. Онно бииргэ үөрэммит уолбун кытта кэпсэтэн, икки нэдиэлэ кэриҥэ түмүктүүр түһүмэхпитин – “перезапись” оҥорбуппут.

Былыргы алаас олоҕун, айылҕа иһийэн турар кыһыҥҥы көстүүтүн тиэрдээри, тымныы күннэргэ чуумпу сиргэ тахса-тахса уһулбуппут. Төһө кыалларынан Саха сирин тымныытын тыаһынан-ууһунан көрдөрө, тиэрдэ сатаабыппыт. Микрофон тутан баран, тыаҕа баран хаамыталаабытым. Ол -40 кыраадыс тымныыга уһуллубут дьиҥнээх атах тыаһын дьоруойдар хаамыыларыгар сөп түбэһиннэрэн, таҥан таһаарбытым.

Аны балаҕан кыараҕаһын, көмүлүөк уотун, хотон балаҕаны кытта сыста турарын, ынахтар оту кэбинэллэрин иһитиннэрэр сорук эмиэ баара. Оттон туос иһити-хомуоһу, былыргы тээбириннэри була-була, устуудьуйаҕа тыаһаппыппыт.

Сахалар бэйэбит тыаспытыгар үөрэнэн хаалбыппыт. “Тойон Кыыл” киинэҕэ атын дойду тыаһын укпакка, дойдубут эрэ киэнин киллэрэр санаалаах этибит.

Биһиги убаһа этин тоҥнуу сиирбитин сөбүлүүбүт дии. Ону “24 снега” документальнай киинэбитигэр минньигэстик көрдөрө сатаабыппыт. Сылгыһыт эти үчүгэй баҕайытык быһа-быһа, луугу кытта сиир кэмигэр ыстаан чамырҕатар айаҕын тыаһын көрөөччү сыҥааҕын уута кэлэрин, эт сиэн баҕарарын курдук киллэрбиппит.

Киинэ бытархайдартан турар. Холобур, эт, луук айахха киирэн хайдах тыаһыырын киһи улахаҥҥа уурбат. Ол эрээри кини өйүгэр баар, ону звукорежиссер уһугуннарар. Бэйэтин нөҥүө аһардан. Оччоҕо уобарас айыллан тахсар.

Билигин киинэҕэ саҥа уус-ураны форманы көрдүүллэр. Ол иһин эксперимент элбэх. Көрөөччү үчүгэй тыас-уус төһөлөөх сыранан, үлэнэн ситиһиллэрин билбэт.

Кырдьык, сөпкө бэлиэтээтиҥ, үлэбит ыарахан. Аҕыйах оҕо туттарсар, үөрэнэр. Сорохтор ситэ үөрэммэттэр, быраҕар түгэннэрэ үгүс. Эбэтэр бүтэрэн да баран атын сиргэ бараллар. Мин билэрбинэн, билигин Питергэ биир уол үөрэнэ сылдьар. Мин кэннибиттэн ким бүтэрбитин билбэппин, баҕар, манна кэлбэтэхтэрин иһин буолуо.

“Бултаһарбыт” элбэх

Площадкаҕа үлэлииргэ тыаһы-ууһу техническэй өттүнэн сөпкө уһулуохха наада, оччоҕо хаачыстыбалаах буолар. Онно аппаратурабыт хайаан да эппиэттэһиэхтээх. Олоҕум тухары 4-5 киинэҕэ оннук “чистовой” тыаһы уһулбутум. Ону да аппаратура эбии сакаастаан.

Холобур, киинэ уһуллар кэмигэр чаанньыгы остуолга уурбутуҥ эн баҕарбытыҥ курдук тыаһыа суоҕа. Ону устуудьуйаҕа быдан этигэнник тиэрдиэххин сөп. Эбэтэр киһи атаҕын тыаһын ылан көрүөххэ. Устуудьуйаҕа баар тыаһы, фактура бөҕөнү булкуйан, син биир ону ситиспэккин. Куукунаҕа ас буһарар курдук булкуйабыт. Ону-маны холбоон тыас таһаарабыт. 

Сороҕор площадкаҕа уһулбутуҥ, хата, төттөрүтүн дьиҥнээхтик иһиллэр буолуон сөп. Киинэҕэ көстөр тулалыыр эйгэни устуудьуйа иһигэр хайдах да уһулар кыаҕыҥ суох. Ол иһин звукорежиссер булчут курдук, сөптөөх тыаһы-ууһу көрдүүр, булар-талар. Кэтээн көрөр, кэтэһэр. Бу күннэргэ остуолба боруобаттара тыалга ыллыылларын уһулаары, тыал түһэрин күүтэ сылдьабыт. Киинэбитигэр киллэрэн биэриэхпит. Ол тыаһы тыаҕа улааппыт дьон бэркэ билэр, ол эрээри умнубут буоллахтарына, ону санатаары, өйдөрүн түгэҕэр кистэнэ сытарын уһугуннараары “бултуубут”.

Суор саҥатын кыайан таба туппакка сылдьабыт. Микрофоммун туруоран, “REC” диэн кнопканы баттыам эрэ кэрэх, саҥарбат буолан хаалар. Итинник “бултаһар” тыаспыт элбэх. Саас чыычаахтар, көтөрдөр кэлиилэрин айылҕаҕа хоно сытан уһулбуппут. Күһүҥҥү, кыһыҥҥы айылҕа тыаһын эмиэ. Инньэ гынан фонотекабытын байытабыт.

–Ол аата ханнык да бэйэлээх аныгы технология, күүстээх бырагыраама айылҕа дьиҥ тыаһын-ууһун тиэрдэр кыаҕа суох буоллаҕа?

–Оннук. Айылҕа барахсан хас биирдии тыаһа ураты, хатыламмат. Холобур, муора тыаһын булкуйан оҥорон таһаарыахха сөп дииллэр. Маарынныыр эрээри, син биир атын. Ол кэриэтэ муораҕа баран уһулар ордук. Кырдьык, тиэхиньикэ сайдар, ону тыаһы-ууһу чочуйууга хото туһаныахха, араас эффект оҥоруохха   сөп. Билиҥҥи цифровизация  үйэтигэр тыһыынчанан тыаһы биир тэҥ туттар кыах баар. Былыр ити өттүгэр хааччахтары көрсөллөрө.

Куолаһын сөбүлээбитим

Ыал аҕата иллэҥ кэмин дьиэ кэргэнигэр аныыр. Кэргэнэ – Саха театрын артыыһа Александра Сивцева. Иннокентий сэгэрин кулгааҕынан таптаабыт:

–Биһиги киинэ уста сылдьан билсибиппит. Шурам куолаһын истээт да сөбүлээбитим, өйбөр киирэн хаалбыта. Онтон сыыйа-баайа сүрүн дьоруойу саҥардыыга ыҥырбытым. Кыра дьоммут эмиэ айар куттаах дьон буолуох курдуктар.

Тыыннаах организм

Кинини кытта кэпсэтэ олорон, бары өттүнэн табыллыбыт киинэ тыаһа-ууһа баай буоларын өйдүүгүн. Суруйуубун сэһэргэһээччим таптыыр идэтин хайдах курдук уобарастаан эппитинэн түмүктүүбүн:

–Ханнык баҕарар киинэ тыыннаах организм курдук. Киниэхэ туох наадатын бэйэтэ этэр. Ону оҥорон иһэҕин. Оннук олорон бастакы идиэйэҥ олох да уларыйан хаалыан эмиэ сөп, кыайан хонтуруоллаабаккын. Айар үлэ хаамыыта итинник.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....