21.01.2021 | 07:01

ТЫА СИРИН ОЛОҔУН КӨРДӨРӨР ПАВЕЛ НЕГОДИН

ТЫА СИРИН ОЛОҔУН КӨРДӨРӨР ПАВЕЛ НЕГОДИН
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Интэриниэт ситимигэр күөх харахтаах уол соһуччу киирбитэ. Ааспыт сыл бүтэһик ыйдарыгар Павел Негодин тыа сирин ыарахан, күннээҕи олоҕун устан видеоҕа укпутугар, 2 мөл. тахса киһи Арассыыйа араас сирдэриттэн олорон көрбүтэ, тарҕаппыта, сэҥээрбитэ.

Кини бүгүн «Тэтим” балаһаҕа ыалдьыттыыр.

ТӨРӨППҮТТЭРИМ – КҮНДҮ ТААСТАРЫМ

- Мин Бүлүү улууһун Сыдыбыл нэһилиэгэр олоробун. Кыра эрдэхпиттэн төрөппүттэрим убайдарбын, эдьиийдэрбин үлэҕэ иитэн киһи-хара оҥортообуттара. Оҕо сааспыттан  тыа  олоҕор-дьаһаҕар эриллэн улааппытым. Сайынын  оттоон, ынах ыан, сылгы көрөн, муус ылан, дьиэ ис-тас үлэтигэр умса төннөн улааппыппыт. Үлэлиирбин олус сөбүлүүбүн. Дьонум саастаах буоланнар, пандемия кэмигэр кинилэргэ илии-атах буола сылдьабын.

- Бииргэ төрөөбүт хаскытый? Эйигин интэриэһинэй дьылҕалаах диэбиттэрэ.

- Дьиҥинэн, Алдантан төрүттээхпин. Бүлүүгэ баар  оҕо дьиэтигэр, бииргэ төрөөбүт убайбын кытта Баанньалыын иитиллибитим.  Рита, Владимир Трофимовтар иккиэммитин иитэ ылбыттара. Онон бииргэ төрөөбүт 10 оҕобут диибин, кинилэр бэйэлэрэ биир оҕолоохтор. Олус иллээхтик, үчүгэй иитиилээх киһи буоларга төрөппүттэрим туох баар кыһамньыларын ууран туран ииппиттэрэ. Кинилэргэ махталым уонна тапталым муҥура суох. Төрөппүттэрбин олус ытыктыыбын. Билигин улахан убайдарым, эдьиийдэрим бары туспа ыал буолан олороллор. Хаан убайым устудьуон, Дьокуускайга баар. 2018 с. өссө эбии кырачаан дьону ылбыппыт. Кинилэри көрөргө, киһи буолан тахсалларыгар көмөлөһөбүн. Аҕам Владимир Александрович сиэтэ сылдьан уолаттарын булка сыһыарбыта, бэйэтэ сүрдээх үлэһит, үлэни өрө туппут киһи буолар. 40-тан тахса сыл суоппарынан үлэлээбитэ. Ийэм  Рита Семеновна асчыт идэлээх, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Ийэм олоххо күүстээх санаалаах киһи. Аҕабын кытта тэбис-тэҥҥэ биир санаанан салайтаран бачча элбэх көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт кырачаан дьону иитэ ыллахтара. Сааһырдылар диибин да, билигин даҕаны сүүрэ-көтө сылдьаллар, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамаллар.

ААРМЫЙА, ҮӨРЭХ, СПОРТ

- Тохсус кылаас кэнниттэн аллар атаспын кытта Илья Николаевтыын Аммаҕа баран тыа хаһаайыстыбатын техникумугар киирбиппит. Мин тракторист-машинист идэтигэр үөрэммитим. 2018 с. дипломмун ылан, эмиэ ол сыл Дьокуускайга индустриальнай-педагогическай колледжка сварщик үөрэҕэр киирбитим.

Куорат дьалхааннаах олоҕор куустараммын күнү супту сытан тахсарым, тугу гыныахпыный? Арай, биир үтүө күн табаарыһым аармыйаттан бэбиэскэ туппутун кэпсээтэ. Уһуну-киэҥи толкуйдаабакка: «Мин эмиэ барсабын», – диэтим. Үөрэхпэр «академ” ыллым уонна дойдубар бардым. Ильялыын олох кыра эрдэхпиттэн билсэбин, бииргэ үөскээн улааппыппыт, туох баар үөрүүбүн, хомолтобун барытын кинилиин үллэстэн, биир санааҕа тиийэн кэлбит киһим. Медосмотры ааһаммыт, Хабаровскайга сулууспалыы бардыбыт.

Аармыйаҕа тиийэн киһини толкуйдатар ролигы булан көрбүтүм. Күнү-дьылы ааҕа сылдьыах оннугар, дьарыктанар, эт-хаан, толкуй өттүнэн бэйэбин сайыннарар, эрчийэр санаа киирбитэ. Сарсыарда ким хайа иннинэ эрдэ туран сүүрэн, күүһүрдэр эрчиллиилэри саҕалаабытым. Эрчиллиибитин таах халтайга ыыттарбатахтара, батальоннар икки ардыларыгар араас хабааннаах күрэхтэһиилэр буолаллара, куруук маҥнайгы миэстэҕэ сылдьарбыт. Мин акробатиканан дьарыктанар буоламмын, араас нүөмэрдэри көрдөрөрүм. Үчүгэй көрдөрүүм иһин буойун-спортсмен мэтээлинэн наҕараадалаабыттара, аччыгый сержант буолан кэлбитим.

- Сахалары сэнээбэттэр дуо?

- Суох! Төттөрүтүн убаастыыллар! Биир түгэни кэпсиим... Тиийбиппитигэр барыбытын стройдаттылар уонна таҥаскытын устуҥ диэтилэр. Сахалар, дагестанецтар уонна нууччалар бааллар. Олоппос да, остуол да суох. Нууччалар таҥастарын сиргэ бырахтылар, биһиги илиибитигэр тутан турдубут, омуктар кэннилэригэр орон баара, онно уурдулар. Хамандыыр:  «Якуты — чистые! А вы, как свиньи» – диэтэ нуучча уолаттарын. Атахпыт таҥаһа барыларыттан ыраас буолара, сирэйбит, тутта-хапта сылдьарбыт, саҥа-иҥэ да өттүнэн быдан үрдүк кэрдиискэ турарбыт. Онон, сахалары сэнииллэр, атаҕастыыллар диэн сурах тарҕаныыта – СЫМЫЙА!

Оччолорго мин коптердаан, старшиналаан сылдьыбытым. Киһи хайдах сылдьара бэйэтиттэн улахан тутулуктаах.

- Күөх харахтаах киһини нууччаҕа майгыннаталлара буолуо?

- “Мин САХАБЫН” диирим. Дьүһүнүм эрэ нуучча ээ. Бу диэн эттэххэ, нууччалыы саҥарарга арыый ыарырҕатабын уонна кыбыстабын.

- Хантыраагынан тоҕо хаалбатыҥ?

- Дьиэтэ-уота, дьоно суох дьон хаалаллар дии саныыбын. Мин дьоммор, дойдубар санаам тарда турар. Хайдах да балаһыанньаҕа хаалар кыаҕым суоҕа.

- Көрөбүн ээ, хайдах эрэ “Дыгын оонньууларыгар” барсыах киһигин быһыылаах...

- Итинник дииллэр. Түптээн дьарыктаннахха, анал тренердээҕим эбитэ буоллар, холонон көрүөм этэ. Урут Уйбаан Белолюбскай биһиэхэ ыалдьыттыы кэлэ сылдьыбыта, ийэм бу уолу эрчийиэххэ сөптөөх диэбитэ да, мин атын хайысханан баран хааллаҕым дии... Хабаровскайга кэлэн олор, дьарыктан диэн ыҥыраллар.

- Билигин да эдэргин дии?

- Оннук, толкуйдуоҕум!

- Онлайн дьарыктары тэрийэн саҕалаатыҥ дуо?

- Баҕалаах дьону бэйэм медотикабынан дьарыктаан саҕалаатым, босхо. Баҕалаах ыччаты, дьону эрэнэ күүтэбин, бэйэм уоппуппун кытта үллэстэбин.

Киһи дьарыктаах буоллаҕына эт-хаан өттүнэн чөл буолар, чэпчиир, санаата кытта уларыйар эбит. Спорт диэн доруобуйа төрдө, билиҥҥи кэмҥэ саамай тоҕоостоох. Оннооҕор кинигэ аахпат бэйэм кинигэ ааҕар  буоллум.

- Маладьыас! Сальто оҥорорго ким үөрэттэ?

- Тэлэбиисэргэ биир уол чэпчэки баҕайытык ойо-тэбэ сылдьарын көрөн үөрэммитим. Таһырдьа тахсан боруобалаан көрбүтүм, табыллыбыта.

«ЗВЕЗДА» БУОЛБАТАХПЫН

- Сулууспалыы сылдьан TikTok сыһыарыыны туруоруммутум. Көннөрү видеолары көрөр, сэргэхсийэр этим. Онтон бэйэм хайдах дьарыктанарбын устан саҕалаабытым. Ким да сэҥээрбэт, көрбөт этэ.

- «Рекомендация” диэннэригэр тахсыбат буоллаҕа дии.

- Бэйэм бэйэбэр устар этим. Роликтарым мотивационнай ис хоһоонноох буолалларыгар дьулуһабын, баҕар, биир эмэ ыччат көрөн холобур ыллын диэн. Сулууспалаан кэлэн баран, ийэбин кытта сэрээккэлиир ролик уһуллум уонна «Мама — моя мотивация и мой тренер» диэн суруктаатым. Соһуйбутум баара, 50 тыһ. киһи көрдө уонна олус элбэх комментарий баар буолбута. Сарсыныгар телевидениеҕэ көрдөрдүлэр. Хайдах эрэ, ол кэннэ эрэллээх уонна бэйэбэр тус сыалланан барбытым.

Бэйэбин «звезда” курдук санаммаппын, көннөрү дэриэбинэ уолабын.

ИККИ МӨЛҮЙҮӨН ВИДЕО

- Ааспыт сылга нэһилиэккэ тэпилииссэ тутуллан үлэҕэ киирдэ, онно миигин оробуочайынан уонна харабылынан ылбыттара. Муус ылыыта буолбутугар, таарыйа видео устар эбиппин дии санаатым. Икки хонугунан ол роликпын 1,2 мөл. киһи көрдө, онтон 2 мөл. тиийэ элбээтэ. TikTok сыһыарыыга элбэх омук олорор. Арассыыйа дьоно биһиги хайдах усулуобуйаҕа олорорбутун билбэттэр эбит. Муус тоҕо наадатын, мас туохха наадатын, тоҕо чоҕунан отторбутун, хотон диэн тугун билбэттэр. Ону көрдөрөр сыаллаах тыа олоҕун устан таһаарар буолбутум.

- Итинник ситимнэргэ харчылаһаллар дииллэр.

- Суох! Онно туспа менеджер наада, элбэхтэ үлэлиэххэ, интэриэһинэй контент, хаачыстыбаннай хаартыскалар, о.д.а. Мин бэйэбэр эрэ устабын.

- Бааһынай уолу кыргыттар көрөллөрө буолуо, кыыстааххын дуо?

- Кыыһым суох, сааһым 21. Өссө да эрдэ дии саныыбын, барыта иннибэр.

- Кыаммат дьоҥҥо эмиэ көмөлөспүт этигит, ол туһунан кэпсии түс эрэ.

- Бүлүү баһылыга эрийэн: “Кыаммат ыалларга мууста ылан биэр, төлөнөр”, – диэн көрдөспүтэ. Төрөппүттэрим: “Ол кэриэтэ биир-биэс харчыта суох, босхо да ылан биэр ээ”, – диэбиттэрэ. Уолаттары мунньан, биир дойдулаахтарбытыгар үтүө санаанан салайтаран кыаммат ыалларга көмөлөспүппүт.

ЭДЭР ЫЧЧАТ ТУҺУНАН

- Аныгы ыччат, эн санааҕар, олоҕу көрүүтэ хайдаҕый?

- Билиҥҥи ыччат чөл олоҕу уонна спорду өрө тутар. Итирэн охто сытар ыччат суох. Бары кэриэтэ сырдыкка, чөл турукка тардыһаллар.

- Саха оҕолоро сатаан төрөөбүт тылларынан саҥарбаттарын туһанан видео тарҕанна, көрбүтүҥ?

- Көрөрүн көрбөтүм эрээри, Саха сиригэр олорор киһи тылы уонна култуураны билиэхтээх дии саныыбын. Хайа баҕарар түгэҥҥэ төрөөбүт тыл күүс буолар диэҥҥэ итэҕэйэбин. Ыччат сахалыы саҥарбата диэн  төрөппүт иитиититтэн тутулуктаах. Ыччаты буруйдуур, сиилиир бу түбэлтэҕэ сыыһа.

КҮНДҮ ААҔААЧЧЫЛАР!

Төлөпүөнү тутан, көмпүүтэр экранын мыҥаан олоруоххут оннугар, Павел Негодин холобурунан спордунан дьарыктаныҥ. Эдэр дьон, дьыбаан киэргэлэ буола сыппакка, бары маннык тэтимнээх, дэгиттэр буоллаххытына, ама, ситиһии кэлиэ суоҕа дуо?Павелга олоҕор ситиһиини, дьолу, үчүгэйи эрэ баҕарабыт

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...