01.07.2022 | 18:00

Туймаада Ыһыаҕын сүүрдүүлэрэ

Туймаада Ыһыаҕын сүүрдүүлэрэ
Ааптар: Иннокентий АММОСОВ, СӨ Ат успуордун толорооччу дириэктэрэ Татьяна КОПЫЛОВА хаартыскаҕа устуулара
Бөлөххө киир

Быйыл аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт коронавирус ыарыыта намыраан, Саха АССР төрүттэммитэ үйэлээх үбүлүөйүгэр, Дьокуускай куорат 390, киин куораппыт Дуумата 200, Туймаада Ыһыаҕа Үс Хатыҥҥа түһүлгэлэммитэ 25 сылларынан, судаарыстыбабытыгар Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылларыгар  ананан Үрүҥ Тунах Ыһыах ыһылынна. Үс Хатыҥ Иннокентий Саввич Свинобоев — Тыыннаахап аатынан «Дьөһөгөй» ипподромугар икки күннээх  ат сүүрдүүтэ тэрилиннэ.

 

Бастакы күн

Сүүрдүү аһыллыытыгар Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев көрөөччүлэри эҕэрдэлээн туран, Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ, Саха сиригэр ыраас хааннаах сүүрүк сылгылары бастакынан үөскэппит 95 сааһыгар сылдьар Ытык кырдьаҕас Иннокентий Саввич Свинобоев ‒ Тыыннаахап аатын Үс Хатыҥ «Дьөһөгөй» ипподромугар иллэрээ сыл Дьаһал таһааран иҥэрбитин кэпсээтэ. Сүүрүктэргэ кыайыыны-хотууну баҕарда.

 

«Үс Хатыҥ» бирииһэ. 2400 м. Ыраас хааннаах сүүрүктэр.

I миэстэ – Голд Фарт (2 м 48 с 64), Таатта. Баайааччыта Сергей Васильев, сүүрдээччитэ Геннадий Мордовской;

II миэстэ –  Бумеранг (2 м 52 с 12), Үөһээ Бүлүү;

III миэстэ – Борисоглебск (3 м 0 0), Горнай.

(Бу бириискэ 3 эрэ сүүрүк кытынна. Онон бары бириискэ тигистилэр).

 

«Өлүөнэ өрүс» бирииһэ. 1600 м. Сиэнчэрдэр.

Бу уһуҥҥа 5 сүүрүк илин былдьаста. Стартан Уйгуура сүүрүүнү баһылыы сырытта. Ол эрээри кырдьаҕас ат Джокер эдэр сүүрүк биэни эрийдэ. Уҥуоргу көнөҕө илин-кэлин түсүһэллэригэр Буцефал тэтимин эбэн, биэтэк көнөтүгэр киирэр эргииргэ иккиэннэрин ситэн, кыайан кэллэ.

I миэстэ – Буцефал (2 м 01 с 54), Мэҥэ Хаҥалас. Тириэньэрэ Михаил Егоров, жокейа Гаврил Михайлов;

II миэстэ – Джокер (2 м 01 с 98), Горнай;

III миэстэ – Уйгуура (2 м 8 с 44), Мэҥэ Хаҥалас.

 

Дьокуускай куорат баһылыгын  бирииһэ. 4800 м. Чииптээхтэр.

Бу уһуҥҥа 1 мөл. солк. кээмэйдээх ботуччу бириис буолан, 13 чииптээх сылгы суруттарда.

I миэстэ – Кылбар (6 м 47 с 97), Мэҥэ Хаҥалас. Аркадий Лукин кэтэх сылгыта. Баайааччыта Михаил Емельянов, сүүрдээччитэ Анатолий Куличкин;

II миэстэ – Дохсун (6 м 49 с 6), Чурапчы;

III миэстэ – Уолчаан (6 м 51 с 67), Мэҥэ Хаҥалас.

 

В.Ф. Кабохин аатынан бириис. 3200 м. Саха сиригэр төрөөбүт сүүрүктэргэ

I миэстэ – Нумизматик (3 м 54 с 78), Үөһээ Бүлүү. Тириэньэрэ Андрей Неустроев, сүүрдээччитэ Иннокентий Иванов;

II миэстэ – Голден Ас (4 м 0 с 47), Үөһээ Бүлүү;

III миэстэ – Төлөн (4 м 0 с 65), Чурапчы.

 

«Туймаада хочотун» бирииһэ. 3200 м. Сиэнчэрдэр.

I миэстэ – Бэлиэ (4 м 8 с 4), Хаҥалас. Хаһаайына уонна баайааччыта Василий Иванов, жокейа Андрей Петров;

II миэстэ – Хабиб (4 м 8 с 58), Хаҥалас;

III миэстэ – Арчы (4 м 12 с 61), Уус Алдан.

 

Иккис күн

Ил Дархаммыт Айсен Николаев сүүрдүү аһыллыытыгар быйылгыттан Саха сирин «ДЕРБИ» бирииһэ 2 (!) мөлүйүөн уонна күһүҥҥү сүүрдүүгэ «Норуот барҕа баайа» диэн Саха сиригэр төрөөбүт сүүрүктэргэ 3 (!) мөлүйүөн кээмэйдээх бириистэр олохтоноллорун эппитин норуот дохсун ытыс тыаһынан ылынна.

Тыйдар. 800 м.  «Сайыҥҥы бириис» 

I миэстэ – Али Баба (53 с 4), Амма. Баайааччыта Николай Громов, сүүрдээччитэ Спиридон Тимофеев;

II миэстэ – Шугар Кид (54 с), Мэҥэ Хаҥалас;

III миэстэ – Фантастика (55 с 09), Хаҥалас.

(Быйыл тый аҕыйах буолан, үһүөн эрэ сырыстылар)

1000 м. «Критериум»

I миэстэ – Деленжер (1 м 2 с 50), Ньурба. Тириэньэрэ Петр Протодьяконов, сүүрдээччитэ 62 хаарын уулларбыт СӨ маастар бэтэрээн жокейа Семен Лиханов. Деленжерынаан тута инники тахсаат, биирдэ да таһыйбакка, биэтэккэ тутуурдаах аҕалла;

II миэстэ – Бумеранг (1 м 3 с 70), Үөһээ Бүлүү;

III миэстэ – Совьет Серф (1 м 4 с 40), Хаҥалас.

1600 м. «ЮГОРИЯ“ уонна „РИК плюс» хампаанньалар бириистэрэ

Саха сиригэр төрөөбүт сылгылар кытыннылар. Стартан Түмэн инники тахсан, кутуруга куйаара турда. Талбан сүүрдүү былаһын тухары эккирэтэн, биэтэк эргииригэр киириигэ ойоҕолоон, төбөтүнэн быга сырытта да, Түмэн иннигэр түспэтэ. Гоин Ап ньоҕойдоһон туран сырсан бириискэ кэллэ. Бу уһуҥҥа 5 сылгы сүүрдэ.

I миэстэ – Түмэн (1 м 53 с 50), Хаҥалас. Баайааччыта Иван Ушницкай, сүүрдээччитэ Дмитрий Кычкин;

II миэстэ – Талбан (1 м 54 с 40), Мэҥэ Хаҥалас;

III миэстэ – Гоин Ап (1 м 55 с 40),  Нам.

2000 м. К.С. Макаров Үөкүйэ Куоста аатынан бириис.

Квит сүүрүүнү баһылаан, уҥуоргу көнөҕө тахсар. Йортеннаах Брокер Барс иккис миэстэни былдьаһан сүүрэн истилэр. Түмүктүүр эргииргэ киириигэ Йортен Квитка сыстар, кутуругун уобан, биэтэк көнөтүгэр тахсар. Көнөҕө Йортен Квит иннигэр түстэ.

I миэстэ – Йортен (2 м 13 с 80), Амма. Тириэньэрэ Анатолий Баишев, сүүрдээччитэ Анатолий Куличкин;

II миэстэ – Квит (2 м 14 с 60), Үөһээ Бүлүү;

III миэстэ – Брокер Барс (2 м 15 с 30), Мэҥэ Хаҥалас;

IV миэстэ – Страйк Бол (2 м 18 с 60), Хаҥалас.

           

Финишкэ Крит

Ил Дархан бирииһэ 2400 м

Сүүрэр суолга сүүмэрдиир сырсыыны ааспыт 10 сылгы, ол иһигэр былырыыҥҥы чемпион, Ил Дархан бирииһин үс төгүллээх кыайыылааҕа тахсаллар:

1. Мэин Кониг ‒ Чурапчы. Баайааччыта Дмитрий Осипов, сүүрдээччитэ Анатолий Куличкин;

2. Эйр Бен Барс ‒ Уус Алдан. Тириэньэрэ уонна жокейа Виталий Петров;

3. Магриб ‒ Мэҥэ Хаҥалас. Баайааччыта уонна сүүрдээччитэ Егор Оконешников;

4. Эллизиум ‒ Ньурба. Баайааччыта Петр Протодьяконов, жокейа Семен Лиханов;

5. Райзинг Кинг ‒ Горнай. Баайааччыта Эдуард Варламов, сүүрдээччитэ Василий Яндреев;

6. Крит ‒ Мэҥэ Хаҥалас. Тириэньэрэ Станислав Тимофеев, жокейа Семен Гаврильев;

7. Торреро ‒ Амма. Сүүрдээччитэ Мырзабек Каппушев;

8. Норт Сейвер ‒ Амма. Баайааччы Николай Громов, жокей Спиридон Тимофеев;

9. Байсар Барс ‒ Сунтаар. Тириэньэрэ Сергей Васильев, жокейа Николай Терентьев;

10. Шторм Барс ‒ Нам. Баайааччыта уонна сүүрдээччитэ Константин Иванов.

Старт! Сэрэйиллибитин курдук, түргэн атахтааҕынан бүтүн Арассыыйа үрдүнэн биллибит Эйр Бен Барс суол ис өртүн баһылаан инники тахсар. Кэнниттэн Элизиум, онтон Амма сүүрүктэрэ түһүнэллэр. Аммалар кэннилэриттэн – мэҥэ хаҥаластар, суол тас өртүнэн сылдьаллар. Тыһыынчанан ыалдьааччы уруйдуур‒айхаллыыр хаһыыларынан сүүрүктэр киин трибуна иннинэн ааһаллар. Үс уста инники – Эйр Бен Барс. Сүүрдээччитэ Виталий Петров уҥа-хаҥас өртүн кылатан кэтии иһэр. Эллизиум чугаһыыр. Уҥуоргу көнөҕө мэҥэ хаҥалас сүүрүктэрэ Магриб уонна Крит  үһүс-төрдүс миэстэҕэ тахсаллар. Кэннилэригэр  Мэин Кониг сыстар. Эргииргэ киириигэ Крит Эллизиуму ааһа түһэр. Эйр Бен Барска чугаһыыр. Эргииртэн көнөҕө тахсыыга Крит тас өртүнэн, биир төбөнөн инники тахсаат, биэтэк көнөтүгэр, сүүрдээччитэ Семен Гаврильев кымньыылаатын кытары, соруйарын ылынан, уунан-буурдаан ойуолаан, үс уста сырдыктанан, биэтэккэ бастакынан киирэр. 

I миэстэ – Крит (2 м 42 с), Мэҥэ Хаҥалас. Баайааччыта Станислав Тимофеев, сүүрдээччитэ Семен Гаврильев;

II миэстэ – Эйр Бен Барс (2 м 43 с), Уус Алдан;

III миэстэ – Эллизиум (2 м 43 с 4), Ньурба;

IV миэстэ – Мэин кониг (2 м 43 с 9), Чурапчы.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн бирииһин мэҥэ хаҥаластар алтыс төгүлүн кыайдылар. Бу барыта ситимнээх үлэ түмүгэ буолар. 

Саха дьоно түҥ былыргыттан Дьөһөгөй оҕотун күөн туттан, араҥаччылаан, харыстаан кэллилэр. Сылгы – миинэр миҥэ, көлүнэр көлө, эрэллээх доҕор. Маны таһынан саха киһитин кутун-сүрүн туппут, кэпсээҥҥэ киирбит өбүгэ саҕаттан илдьэ сылдьар оонньуубут – ат сүүрдүүтэ буолар. Быһымах, күлүмнэс түһүүлээх, сындааһыннаах уһун тыыннаах сүүрүк сылгылар уос номоҕо буолан, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ кэрэ кэпсээн буолан тарҕаналлар.

Ханнык да кирбиигэ тиийбиппит, төһө да үрдүккэ тахсыбыппыт иһин, сахалар аан дойдуга сылгыны ытыгылаан иитэр омук быһыытынан биһирэнэбит. Биһиги Дьөһөгөй оҕолорунан ааттанарбыт тухары сыһыыларбытыгар сыспай сиэллээхпит үксүү, сүһүөҕү хамсатар, сүрэҕи эппэҥнэтэр ат сүүрдүүтэ ыытылла туруоҕа.

 

Тус санаам: Ил Дархаммыт Айсен Николаев этиитинэн күһүҥҥү сүүрдүүгэ олохтонор «Норуот барҕа баайа» диэн Саха сиригэр төрөөбүт сүүрүктэргэ үс мөлүйүөннээх бириис 4800 м ыытылларыгар баҕарабын. Айсен Николаев 1998-2018 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ат спордун бэдэрээссийэтин салайбыта. Сүүрдүү ис хоһоонун билэр буолан, күһүн маннык бириис олохтонорун эппитэ мындыр, сөптөөх быһаарыы!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...