Туймаада Ыһыаҕын онлайн күрэхтэрэ саҕаланнылар
Бүгүҥҥүттэн, бэс ыйын 8 күнүттэн, онлайн ыытыллар Туймаада Ыһыаҕын күрэхтэрэ саҕаланнылар.
“Хомус – дьиэ кэргэн биһигэ”, «Чыыбы-чаабы чабырҕахтар» күрэх кыттааччылара #ХомусЫсыахТуймаады2020 уонна #Чабыр5ахЫсыахТуймаады2020 хештегтэринэн 5 мүнүүтэттэн уһуна суох видео таһаараллар. Маны таһынан, бэс ыйын 19 күнүгэр сарсыарда 8-10 чаас иһигэр 89243641351 (Жиркова Туяра Анатольевна) бассаапка видео ыытыахтарын сөп. Күрэх Хомус музейын @ilkhomus инстаграмыгар ыытыллар.
«Ыһыаҕым талба таҥаһа - 2020» күрэх #сахатанаьаЫсыахТуймаады2020 хештегтээх @upravlenie_cultury_yakutsk Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын инстаграмыгар ыытыллар.
«Сылааһынан угуттуур олбох» күрэх хэштегэ #олбох2020, @sakhalu_tanas инстаграм страницаҕа саҕаланна.
«Эрэкэ-дьэрэкэ сир симэхтэрэ» оҕо сахалыы таҥаһын күрэҕэ #киэргэ_ысыахтуймаады2020 хэштегинэн “Киэргэ” ХЭТ @kierge инстаграмыгар буолар.
«Хабылык, хаамыска – өбүгэм оонньуута» - биирдиилээн уонна хамаанданан күрэстэһии #хабылыкхаамыска хештегинэн СӨ Остуол оонньууларын федерациятын @fnni_habylyk_haamyska инстаграмыгар ыытыллар.
«Оһуор үнкүүтэ» үҥкүү-челленджкэ #Узорытанец хештегинэн @tsentrkulturyi страницаҕа кыттыһыҥ.
Күрэхтэр түмүктэрин дьүүллүүр сүбэ бэс ыйын 20 күнүгэр таһаарыаҕа. Кыайыылаахтар ааттара бэс ыйын 21 күнүгэр https://www.cultura14.ru/ сайтка тахсыаҕа.
Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин кыайыылааҕын лайк ахсаанынан ааҕыллар. Куоластааһын бэс ыйын 19 күнүгэр диэри салҕанар. Кыттааччыларга барыларыгар сертификат туттарылыаҕа. Кыайыылаахтары сыаналаах бириистэр күүтэллэр.
Кыттааччылар толору ааттарын ыйын туран, күрэх хештегтэрин туруоралларын умнуо суохтаахтар.