02.07.2024 | 22:00

Туймаада ыһыаҕын генеральнай спонсора ПСБ

Туймаада ыһыаҕын генеральнай спонсора ПСБ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар анаммыт быйылгы Туймаада ыһыаҕын генеральнай  спонсорынан ПСБ буолла.

Бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр чэрчилэринэн ПСБ баан түһүлгэтигэр «Бизнес в объективе. Семейный бизнес» хаартыска быыстапката дьон-сэргэ сэҥээриитинэн туһанна. Быыстапка дьоруойдара – көмүс хостооччулар, бырайыактыыр үлэнэн дьарыктанааччылар, тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарааччылар, атыы-тутуу эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ о.д.а. Оттон баай ис хоһоонноох быыстапка партнердарынан Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата, Эргиэн-промышленнай палата, «Мой бизнес» киин буоллулар.

Генеральнай спонсор түһүлгэтигэр маны сэргэ дьиэ кэргэнинэн урбааны тэрийиигэ аналлаах дискуссия буолан ааста.

«Туймаада ыһыаҕа – Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар, тас да дойдуларга олохтоох дьону барыларын сомоҕолуур бэлиэ тэрээһин. Бу бырааһынньык хас да көлүөнэ дьону Саха норуота диэн ааттанар биир улахан дьиэ кэргэн тула түмэр. Бу күннэргэ саха норуотун төрүт үгэстэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ туттарыллаллар. Биһиги бааммыт социальнай суолталаах бырайыактары куруук өйүүр, онон Саха Өрөспүүбүлүкэтин экономикатын бөҕөргөтүүгэ сүҥкэн кылааттаах дьиэ кэргэннэргэ болҕомто уурдубут», – диэтэ ПСБ баан Саха сиригэр региональнай дириэктэрэ Людмила Клюско. 

«Туймаада ыһыаҕа бэйэтэ спонсордардаах, меценаттардаах. Быйыл бу дьоһун испииһэккэ Арассыыйаҕа биллэр ПСБ баан киирбитэ үөрүүлээх. Онон ПСБ салалтатыгар уонна кэлэктиибигэр саха норуотун төрүт үгэстэригэр болҕомтоҕут иһин махтанабын», – диэн бэлиэтээтэ куорат баһылыга Евгений Григорьев.

Бэлиэтээн эттэххэ, «Бизнес в объективе. Семейный бизнес» ПСБ баан дьоҕус уонна орто урбаан бэрэстэбиитэллэригэр аналлаах бырайыага. Бырайыак 10 сыллаах историятыгар Арассыыйа үрдүнэн 800-чэкэ презентация ыытыллан кэлбит, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...