Туймаада Ыһыаҕар арыгы уонна табах атыыта бобуллар
Дьокуускай куорат дьаһалтатын Предпринимательствоҕа, ырыынакка уонна туризм сайдыытыгар департамена иһитиннэрбитинэн, Үс Хатыҥ ытык түһүлгэтигэр ыытыллар Улуу Туймаада хочотун Ыһыаҕар уопсайа 170 атыы-эргиэн миэстэтэ үлэлиэҕэ. Ол иһигэр 90 уопсастыбаннай аһылык туочуката арыллара былааннанар, ордугар сувенирнай, ювелирнай, төрүт дьарык табаардара атыыланыахтара.
Ырыынак отделын начаалынньыга Дмитрий Туприн кэпсээбитинэн, Үс Хатыҥҥа сөрүүкэтэр уу уонна мороженай атыыта киэҥник тэриллиэҕэ. Атыы-эргиэн барыта санитарнай ирдэбиллэргэ эппиэттиэҕэ. Атыыһыттар медицинскэй киниискэлээх, гигиеническэй бэлэми уонна аттестацияны ааспыттарын туһунан докумуоннаах буолаллара ирдэнэр. Уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ оҥорон таһаарыы хонтуруолун хааччыйыахтахтар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Ыһыах кэмигэр арыгы уонна табах атыыта олоччу бобуллар. Быраабыланы кэһии, аһыы утаҕынан кистээн эргинии барбатын туһугар анал инспекциялар бөлөхтөрө күүскэ үлэлиэхтэрэ.