10.06.2024 | 11:56

«Туймаада ыһыаҕа-2024»: быылы суох оҥоруу, суотабай сибээһин тупсарыы

«Туймаада ыһыаҕа-2024»: быылы суох оҥоруу, суотабай сибээһин тупсарыы
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл 27-с төгүлүн «Үс Хатыҥ» архитектура-этнография комплексыгар ыһыллар Улуу Туймаада Үрүҥ Тунах ыһыаҕар Арассыыйа регионнарыттан уонна 26 тас дойдуттан үтүмэн элбэх ыалдьыт кэлээри олорор. Онон бу күннэргэ бэлэмнэнии үлэтэ оргуйан олорор.
Урукку тутуулары саҥардыыны сэргэ, саҥа эбийиэктэр эмиэ эбиллэллэр, ол иһигэр «99 сэргэ» аллея саҥардыллар, Алгыс түһүлгэтэ кэҥэтиллэр, ипподромҥа саҥа эбийиэктэр тутуллаллар.
Уунан хааччыйыыга, быылы хаптатыыга, суотабай сибээһи тупсарыыга эмиэ элбэх үлэ ыытыллар. Чуолаан «Якутдорстрой» тэрилтэ күүһүнэн Үс Хатыҥҥа тиэрдэр суолларга быылы утары үлэ ыытыллыаҕа, сибээс хаачыстыбатын тупсарарга 7 базовай ыстаансыйаны, эргиэн эрээттэригэр Wi-fi туруорар туһунан кэпсэтиилэр бара тураллар.
Самаан сайын саамай бэлиэ бырааһынньыгар бэлэмнэнии былаан быһыытынан бара турар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
Ороһуоспа түүн
Сынньалаңңа | 11.01.2025 | 16:00
Ороһуоспа түүн
Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын, сыа хаар бүрүйэн, таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маңан киэң нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа, оргууй буруолаан ыла-ыла, хараара...