31.03.2022 | 16:00

«Туймаада ыһыаҕа – 2022»

«Туймаада ыһыаҕа – 2022»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка быйылгы ыһыахха бэлэмнэнии сыл саҥатыттан ыытылла турар. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Быйылгы ыһыах бэс ыйын 25-26 күннэригэр ыытыллар. Кулун тутар 30 күнүгэр Олохтоох дьаһалтаҕа «Туймаада ыһыаҕа – 2022» национальнай бырааһынньыкка бэлэмнэнии туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов бэрэссэдээтэллээх тэрийэр хамыыһыйа мунньаҕа ыытылынна. 
Санатан эттэххэ, Үс Хатыҥҥа ыытыллар быйылгы 25-с ыһыах АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, Дьокуускай куорат 390 сылыгар, Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит ийэ Сылыгар ананар.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бүттүүнэ Туймаада ыһыаҕа ыытылларын икки сылы быһа күүттэ диэн бэлиэтээтэ. 
«Ол иһин умнуллубат чаҕылхай бырааһынньыгы тэрийиэхтээхпит», - диэтэ Евгений Григорьев уонна бэлэмнэнии сыл саҥатыттан ыытылла турарын эттэ. 
«Олохтоох дьаһалта бары структуралара бэлэмнэнии үлэтигэр кыттыһаллар. Күүспүтүн холбоон «Туймаада ыһыаҕа» тапталлаах национальнай бырааһынньыкпытын үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытыахпыт диэн эрэнэбин», - диэн эбэн эттэ куорат баһылыга. 
Быйылгы ыһыах концепциятын кытта ааптар, гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хотугу норуоттар кыһалҕаларын  Институтун научнай сотруднига, историческай наука доктора Екатерина Романова билиһиннэрдэ.
«Өрөспүүбүлүкэбит бары норуоттарын сомоҕолоһууларын, урукку, билиҥҥи уонна инники кэмнэр ситимнэрин бэлиэтин быһыытынан, үгэс курдук элбэх буолан сылгы сиэлиттэн үрүҥ сапка саламаны баайыыны киллэрэр наада», - диэтэ Екатерина Романова. 
Ыһыах концепциятын ааптара итини таһынан быйылгы ыһыах аһыллыытыгар экрааҥҥа Кыайыы ыһыаҕыттан саҕалаан 90-с сыллардааҕы бастакы ыһыахтарга тиийэ историческай каадырдары көрдөрүөххэ диэн этии киллэрдэ. Бырааһынньыкка үгэс буолбут сахалыы ырыалары сэргэ өрөспүүбүлүкэ саҥа атаҕар туруутун кэминээҕи биллиилээх мелодистар уонна композитордар айымньылара тыаһыахтаах. 
Тэрээһин боппуруостарын туһунан баһылык солбуйааччыта, Олохтоох дьаһалта аппараатын салайааччыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр хамыыһыйа сэкирэтээрэ Руслан Тимофеев иһитиннэрдэ.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ 13 оробуочай бөлөх бэйэлэрин хайысхаларынан үлэлииллэр. Эпидемиологической балаһыанньанан сибээстээн «Туймаада ыһыаҕа» икки сылы быһа онлайн-форматынан ыытылынна. Ол иһин сиэр-туом комплекстарыгар, кэнсиэртиир уонна спортивнай балаһааккаларга өрөмүөннүүр-чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллара ирдэнэр», - диэн бэлиэтээтэ Руслан Тимофеев. 
«Туймаада ыһыаҕа – 2022» бырагыраамата yakutskcity.ru сайтка тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....