«Туймаада ыһыаҕа - 2021» дистанционной көрүҥүнэн ыытыллыаҕа
Дьокуускай куорат суһал штаба биллэрбитинэн, Роспотребнадзор ирдэбилинэн «Туймаада ыһыаҕа - 2021» национальнай бырааһынньыкпыт дистанционнай көрүҥүнэн ыытыллар буолла.
Бэҕэһээ коронавируһу утары охсуһар куорат суһал штабын мунньаҕар СӨ кылаабынай санитарнай бырааһа Маргарита Игнатьева сүбэлиир суругун ырытыһыы буолла. Түмүккэ мунньах кыттыылаахтара «Туймаада ыһыаҕа - 2021» национальнай бырааһынньыгы дистанционнай көрүҥүнэн ыытарга быһаардылар. Бу нэһилиэнньэни коронавирус дьаҥыттан харыстыыр сыаллаах миэрэ.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ ыалдьыбыт дьонтон 60% Дьокуускай куоракка олорор. Итини сэргэ коронавируһу утары быһыыны ылыы тэтимэ мөлтөөн иһэр. Ол иһин Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата ыһыаҕы дистанционнай көрүҥүнэн ыытарга сүбэлиир», – диэтэ Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениетын санитарнай кэтээн көрүүгэ, лицензиялааһыҥҥа уонна регистрациялааһыҥҥа салаатын начаалынньыгын солбуйааччы Георгий Игнатьев.
Мунньах кыттыылаахтара киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын доруобуйаларыгар куттал суоһуурун уонна "Үс Хатыҥ" архитектурнай-этнографическай комплекска элбэх киһи муһуннаҕына, дистанцияны тутуһууну хааччыйар кыах суоҕугар болҕомтолорун уурдулар. Ыһыахха элбэх киһи ортотугар саастаах дьон уонна араас биричиинэнэн быһыы ыла илик дьон баар буолара саарбаҕа суох. Чугас улуустарга ыһыах ыытыллыбатынан сибээстээн, элбэх киһи куорат ыһыаҕар кэлэрэ, ыалдьыбыт киһи ахсаана тута элбиирэ сабаҕаланар.
Ити биричиинэлэринэн, ону тэҥэ СӨ кылаабынай санитарнай бырааһа Маргарита Игнатьева сүбэлиир суругун болҕомтоҕо ылан, куорат баһылыга Евгений Григорьев бырааһынньык тэрээһиннэрин дистанционнай көрүҥүнэн ыытар быһаарыыны ылынна.
Онон онлайн бырааһынньык күрэхтэрин саҥаттан көрөр сорудах бэрилиннэ.