Туймаада туонатын ытыктабыллаах олохтоохторо, күндү ыалдьыттара!
Эһигини омукпут үйэлэри уҥуордаан күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ кэлбит үтүөкэн үгэспитинэн – Ыһыах ыһар дьоро күммүтүнэн тус бэйэм уонна Дьокуускай куорат дьаһалтатын аатыттан истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ыһыахха норуоппут барҕа баайа — өркөн өйө, дириҥ уонна ураты философията, уус-уран тыла-өһө, талба талаана, дэгиттэр дьоҕура, сатабыла, эт-хаан өттүнэн күүһэ-күдэҕэ бүүс-бүтүннүүтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ, киэҥ эйгэҕэ көрдөрүллэр.
Биһиги, сахалар томороон тымныы кыһыннаах дьылы этэҥҥэ туораабыппыт, күөх сирэмҥэ үктэммиппит үөрүүтүн күн сыдьаайа муҥутуурдук күүһүрэн, үрдээн турар кэмигэр Ыһыаҕынан бэлиэтиибит. Бу кэрдиис кэмҥэ үлэҕэ ситиһиллибит кирбиилэри, саҥа саҕалааһыннары, баар кыаллыбатах өрүттэри ырытабыт-ыараҥнатабыт уонна онно тирэҕирэн инникибитин торумнуубут.
Ийэ Айылҕабыт күөх нуолур солкоҕо сууланар кэрэ кэмэ — самаан сайыммыт бука барыбытыгар чиҥ-чиргэл туругу, силлибэт ситиһиилэри, дьолу-соргуну, барҕарыыны түстээтин! Ыһыахапыт хас биирдиибитигэр инникигэ эрэли күүһүртүн, үгүс үтүө санааны, үөрүүнү күөдьүттүн!
«Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук баһылыга Евгений Григорьев.